Мин эбэм Варламова (Винокурова) Клавдия Петровна Таатта улууһун Хара Алдан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 20-тэн тахса сыл дьыссаакка сэбиэдиссэйдээбитэ.
Эбэм асчыт, иистэнньэҥ этэ. Аһа олус минньигэс, тотоойу буолара. Сарсыарда эрдэ уһуктан, сарсыардааҥҥы аһылыгы буһарара. Аҕыска турдахпытына, аспыт бэлэм буолара. Эбэм миигин яичница буһарарга, ол кэннэ бэрэскии, алаадьы, баахыла, хобуорас астыырга үөрэппитэ.
Иистэнэрэ олус үчүгэй этэ, алмазнай мозаиканан, вышивканан дьарыгырара, таҥас абырахтыыра. Мин кинилиин эрдэ уһуктан алмазнай мозаика тэҥҥэ оҥорсорум, ас астаһар этим.
Эбэм миэхэ өссө икки саастаахпар тыллары, онтон ааҕарга үөрэппитэ, ахсаан суоттуурга үөрэтэн улаатыннарбыта. Ол иһин дьыссаакка киирэрбэр уоҥҥа дылы сыыппараны билэр этим.
Эбээбэр көмөлөһө убайбыт Стас хас күн аайы хоно кэлэр этэ, биһигини кытта оонньуура, сүүрэрбит, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт.
Хомолтото диэн эбэм билигин мин аттыбар суох. Мин кини үөрэппитин умнуом суоҕа, баҕарбыт баҕатын барытын оҥоруом.
Сардаана Варламова, Г.В. Егоров аатынан Хара-Алдан
орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.