ОДьКХ үлэтэ биһиги чөл олохпут саамай сүрүн көстүүтэ буолар. Дэриэбинэлэргэ уонна улахан да куораттарга ОДьКХ кыһыннары, сайыннары үлэлиир. Дьиэ сылаас, ыраас уонна чэбдик буоллаҕына дьиэ кэргэн дьоллоох буолар. Ону тустаан Майя нэһилиэгин старшай маастарын кытта Цыпандин Павел Ионовичтыын кэпсэтии ыыттыбыт.
– Биһиги нэһилиэкпитигэр хас котельнай баарый? Ханнык объектары итиинэн хааччыйарый? Оттук сезона хайдах баран иһэрий, туох өрөмүөн үлэтэ ыытылынна?
– Биһиги сэлиэнньэбитигэр 11 котельнай уонна 1 тепловой пункт баар. Котельнайдарбыт барыта газовой топливонан бараллар. Билигин гаазпыт барыта турбанан кэлэр буолан, сылааһы биэриибит график быһыытынан үчүгэйдик бэриллэн турар. Элбэх квартиралаах дьиэлэри уонна общественнай тэрилтэлэри сылытан олорор уонна уунан хааччыйар. Кыстыгы бэлэмнэнии оттук сезона бүтэ илигинэ кулун тутар ыйтан котельнайбытын өрөмүөн саҕаланар. Уонна хайа котельнайга ханнык котелу оҥорорбутун барытын графикка туруоран бараммыт, оттук сезона бүтүөр диэри котелларбытын барытын оҥоробут. Ол кэнниттэн таһынааҕы теплотрассалар уонна водопровод оноруулара кэлэр, ноһуоснай оборудованиебыт, сүрүн циркуляционнай подпитка, водопровод ноһуостара оҥоһуллалар.
– Биһиги нэһилиэкпитигэр кыстыгы туоруурга төһө чох/газ нааданый?
– Билигин газпыт турбанан кэлэр буолан, чуолкай хас тыһыынча тоннатын куубун эппэппин, гааһы счетчигынан ааҕабыт. Хас котельнай аайы счетчик баар. Кыһын тымныыга счетчик ыгыллар буолан, счетчигынан кэлбит гааһы коэффициеҥҥа төгүллүүллээннэр чуолкай куубун таһаараллар.
– Биһиги нэһилиэкпитигэр чох/газ хантан, хайдах тиэллэн кэлэрий?
– Чоҕунан туттар чааһынай тэрилттэлэр чоҕу Хаҥаластан ылаллар. Билигин сороҕор Хакассияттан кэлэр.
– Газооператордары нэһилиэк тутаах дьонноро буолаллар. Кинилэр кимнээҕий?
– Сыл аайы эксээмэн туттараллар үлэлииллэригэр допуск ылаллар. Саҥа кэлбит киһи бастаан үөрэнэн бараннар практика ааһаллар онтон стажировка барар, ол кэнниттэн экзээмэн туттаран допуск ылаллар. Уопсайа биир котельнай аайы 4-түү газоопепратор баар ол аата 44. Кинилэр 12 чааһынан сменалаахтар уонна солбуйсан иһэллэр.
Сайыына Дьячковская, Майа лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас, Майа