Чурапчытааҕы С.А. Новгородов аатынан оскуола дириэктэрин Надежда Васильевна Уарованы кытта көрсөн оскуолабыт олоҕун-дьаһаҕын туһунан сэһэргэстибит. Надежда Васильевна Уарова Чурапчы орто оскуолатын 1994 сыллаахха бүтэрбит. 2000 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан государсвеннай университет нуучча тылын уонна литературатын салаатын бүтэрэн учуутал идэтин баһылаабыт. Үөрэммит оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ 11 сыл буолбут.
– Надежда Васильевна үтүө күнүнэн. Эн учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
– Идэбин таларбар сүрүн оруолу үөрэппит учууталларым ылбыттара, кинилэр үөрэтэр оҕолоругар сыһыаннара, үөрэҕи-билиини хайдах иҥэрэллэрэ миэхэ холобур буолбута. Оччолорго учуутал аптарытыата улахан, кинилэргэ ытыктабыл күүстээх этэ. Үөрэхпин бүтэрэн баран уонтан тахса сыл учууталынан үлэлээбитим. Кырдьык даҕаны оҕоҕо ис дууһатынан ыалдьар, оҕону таптыыр киһи учуутал буолар дии саныыбын.
– Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, туох сүрүн ирдэбил баарый?
– Салайааччы буоларга ирдэбилэ сүрдээх элбэх. Бастатан туран биһиги аныгы тэтимҥэ, билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһэр, эппиэттиир усулуобуйаны тэрийиэхтээхпит. Ону таһынан, салайааччы компетенциятын эттэххэ, биллэн турар эппиэтинэс, үлэни былааннааһын, деловой хаачыстыба баар буолуохтаах. Мин үөрэммит оскуолабын салайар буоламмын ураты сыһыаннаахпын. Ханнык баҕарар киһиэхэ үөрэммит сыллара саамай күндү, ураты буолар, ол сыллардааҕы өйдөбүл киһиэхэ үйэ тухары хаалар. Ол да иһин буолуо, мин үөрэммит оскуолабар туох эрэ миссиялаахпын, оскуолам историятыгар сүдү кылааты киллэриэхтээхпин диэн санааттан үлэлиибин-хамсыыбын. Биллэн турар, уонна салайааччы, төрөппүт, үөрэнээччи, учуутал бары ситимнээх үлэни ыытан, оҕо инники олоҕор сөптөөх суолу тобуларыгар, миэстэтин буларыгар дьулуһуохтаахпыт.
– Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо, хас учуутал баарый?
– Оскуолабытыгар билиҥҥи туругунан 1193 оҕо үөрэнэр, онтон 600 уол, 593 кыыс. 154 үлэһит үлэлиир. Онтон 103 педагог, 82 учуутал.
– Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Оскуолабыт сүрүн кыһалҕата диэн икки сменанан үөрэнии. Ити үөрэх хаачыстыбатыгар дьайар, ол эрээри бу муус устар ыйыттан биһиги оскуолабытыгар эбии тутуу барыахтаах. Онон бу тутуу үлэҕэ киирдэҕинэ иккис смена суох буолуо диэн эрэнэбит.
– Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыный?
– Үөрэх хаачыстыбата диэн биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэн, үөрэххэ киирэн, идэлэрин сөпкө талан, олоххо миэстэлэрин булаллара дии саныыбын. Хас биирдии киһи предметтэринэн хас сыанаҕа үөрэммитинэн буолбакка, кини кырдьык даҕаны сөбүлүүр идэтин баһылаан, олоҕун сөпкө оҥосторугар көрөбүн.
– Учебнигынан хааччыллыы хайдаҕый? Бу үлэ хайдах ыытылларый уонна төһө харчы көрүллэрий?
– Сыл аайы судаарыстыба оскуолаларга учебнигынан хааччылыыга үп көрөр, биһиги оскуолабытыгар үс мөлүйүөнтэн тахса сумма көрүллэр. Хайаан даҕаны ирдэбилинэн, үөрэх хаачыстыбата тупсарын да туһугар учебнигынан 100% хааччыйыахтаахпыт, биһиги хааччылыыбыт үчүгэй. Билиҥҥи кэмҥэ саҥардыллыбыт стандартарга сөп түбэһэр учебниктары эһиилги үөрэх сылыгар сакаастаан олоробут.
– Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
– Сурутууга эмиэ үп-харчы көрүллэр, онон биһиги сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга хайаан да суруйтарабыт. “Кэскил” хаһыат, “Бэлэм буол” сурунаал, олохтоох “Саҥа олох” хаһыат, “Үйэ” сурунаал курдуктарга сурутуулаахпыт.
– Быйыл дойду үрдүнэн дьиэ кэргэн сыла биллэриллэн турар, манан сибээстээн ыйыттахха оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
– Оскуола бастатан туран дьиэ кэргэни кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиэхтээх, дьиэ кэргэн диэн оҕо саамай иитиллэр, тирэх ылар сирэ, онтон биирдэ оскуола буолар. Оскуолабытыгар дьиэ кэргэни тардар араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, үлэ тиһигин быспакка ситимнээхтик барар. Аҥаардас ийэни-аҕаны эрэ буолбакка, аҕа саастаах көлүөнэ эбэлэри, эһэлэри барыларын оскуола үлэтигэр интэриэһиргэтэ, тарда сатыыбыт. Ол курдук аҕа көлүөнэ дьоммут биһиэхэ эмиэ сүбэлэрэ-амалара куруук тирэх буолар. Оскуолабытыгар Эбэлэр түмсүүлэрэ үлэлиир. Боотур Уус сыдьааннара диэн улуустааҕы иитэр үлэ бырагыраамматын сүнньүнэн эбэлэрбит ый алгыһа оҥорооччулар. Төрөппүт кэмитиэтэ сүрдээх көхтөөхтүк үлэлиир. Сыл аайы бэйэлэрин күүстэринэн Төрөппүт декадата диэн ыыталлар. Манна куйуур, аҕа уолунаан күрэх, «Ийэм, аҕам уонна мин» спортивнай тэрээһини, төгүрүк остуоллары, профориентационнай көрсүһүүлэри төрөппүт кэмитиэтэ иитэр отделы кытта биир санаанан, үтүө сүбэнэн иилээн-саҕалаан ыыталлар. Хаһан баҕарар дьиэ кэргэн уонна оскуола ситимнээхтик үлэлээтэҕинэ үлэ тахсыылаах буолар.
– Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
– Оскуола уруккаттан ханнык баҕар нэһилиэккэ социокультурнай киин буолар. Нэһилиэккэ учууталлар, оскуола оруоллара олус улахан. Нэһилиэк туох баар тэрээһиннэригэр, субуотунньуктарга биһиги оскуолабыт куруук көхтөөхтүк кыттар. Биһиги учууталларбыт олорор да түөлбэлэригэр көхтөөхтүк тэрийээччи, салайааччы да быһыытынан үлэлииллэр. Оскуолабыт оҕолоро араас таһымнаах акцияларга кытталлар. Нэһилиэкпит сайдыытыгар хас биирдии оскуола үлэһитэ, үөрэнээччитэ кыттыыны ылар, оскуола нэһилиэк сайдыытыгар улахан оруоллаах диэн бэлиэтиибин.
– Надежда Васильевна, эппиэккит иһин улахан махтал.
Кэпсэттэ Кэскилээнэ Сивцева