Быйылгы үөрэх дьылыгар үрдүкү кылаастарга «Семьеведение» диэн саҥа куурс баар буолар. Манан сибээстээн Российскай Федерация сенаторын Егор Афанасьевич Борисовы кытта көрсүһүүгэ дьиэ кэргэн олоххо суолтатын туһунан ыйыттым.
Егор Афанасьевич: «Мин оҕо сааһым дьоллоох этэ. Төһө даҕаны оҕо сылдьан тулаайах хаалбыппытын иһин оҕо саас диэн оҕо саас. Киһи оҕо сылдьан кыһалҕаны билбэт, ол иһин дьоллоох», – диэн этэр.
Кини элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата аҕыс оҕоҕо күн сырдыгын бэлэхтээбиттэрэ. Оҕолор бары улаатан, үлэһит буолбуттара.
– Тыа сирин оҕото буоламмын тыа оҕото тугу билиэхтээҕин-көрүөхтээҕин барытын билбитим. 16 сааспар диэри аҕам тыыннаах этэ. Эр киһи тугу сатыахтааҕын, булуохтааҕын, дьиэ үлэтин оҥоруохтааҕын, оттуохтааҕын-мастыахтааҕын аҕабын баттаһа билэ-көрө улааппытым. Саха киһитэ тугу гыныахтааҕын кыра эрдэхпиттэн дьонум үөрэтэннэр, улаатан баран улаханнык эрэйдэммэтэҕим, – диэн оҕо сааһын туһунан ахтан-санаан ааста.
Егор Афанасьевич ийэтэ уолун дьону, бииргэ төрөөбүттэрин кытта истиҥ сыһыаннаһыыга үөрэппитэ. Бэйэтэ туспа ыал буолан, оҕолонон-урууланан баран, ийэтиттэн аҕатыттан ылбыт өйдөбүллэрин дириҥник убаастаан туран, бэйэтин олоҕор туһаммыта, оҕолоругар, сиэннэригэр иҥэрбитэ.
Егор Афанасьевич: «Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан диэн бэйэтэ сүрдээх ураты эппиэтинэс буолар. Саамай сүрүнэ, дьиэ кэргэҥҥэ, дьиэ иһигэр истиҥ, сылаас эйгэ баар буолуохтаах, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсии, өйдөһүү, убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы. Биһиги ыччаттарбыт билигин итини өйдүөхтэрин наада. Уопсайынан, киһи төрөөн баран дьон ортотугар, общество эйгэтигэр үөскүүр. Онтон ханнык баҕарар обществоҕа киһи аймахха суруллубатах быраабылалар бааллар. Дьон былыр былыргыттан общество олоҕор бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннаһыыларыгар үөскээбит суруллубатах быраабылалары сыаннастар диэн ааттанан, биһиги олохпутугар туһанабыт. Дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыан, таптал баар буолуохтаах, киһи киһиэхэ куһаҕаны оҥоруо суохтаах. Итинник суруллубатах быраабылалары киһи бэйэтигэр иҥэринэн улаатыахтаах. Киһи төрүөҕүттэн өлүөр диэри дьон ортотугар, эйгэ ортотугар сылдьар. Ол эйгэҕэ сылдьарыгар бэйэтин иитиллэн тахсыбыт эйгэтинэн быраабылаларын тутуһа сырыттаҕына, кини дьоллоох киһи буолар», – диэн Егор Афанасьевич санаатын үллэһиннэ.
Российскай Федерация сенатора норуот сайдыытын дьиэ кэргэни, ыччаты кытта тэҥҥэ тутар.
– Саха норуота сайдыылаах буолуохтаахпыт. Мин салайааччы буолан тураммын, дьиэ кэргэҥҥэ, эдэр ыччакка болҕомтобун уурабын. Дьиэ кэргэҥҥэ, эдэр ыччакка болҕомтону уурар диэн саамай улахан дьыала, – диэн этэр Е.А. Борисов.
Егор Афанасьевич икки кыыс оҕолоох, биэс сиэннээх, түөрт хос сиэннээх. Оҕолорун, сиэннэрин кытта уу сахалыы кэпсэтэр.
– Сахалыы иитии биһиэхэ олус наадалаах. Сахалыы өйдөбүлү үөскэтэр дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, – диэн Е.А. Борисов эппитин мин сөпсөһөбүн.
Вилена СТРУЧКОВА, IX кылаас,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията