Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар 29-с төгүлүн ыытыллар Владимир Петрович Ларионов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научно-практическай конференция үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу тэрээһин 1996 сыллаахтан Саха сирин бастакы президениэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Сүрүн сыала – өрөспүүбүлүкэбит үөрэнээччилэрэ билим эйгэтигэр көхтөөхтүк кытталлара, сайдар кыахтаналлара буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев: «Күндү оҕолор, учуонайдар, конференция кыттыылаахтара. Бастатан туран, үүммүт саҥа дьылынан, ороһооспонон эҕэрдэлиибин. Мин манна турарбыттан олус үөрэбин. 1996 сыллаахха биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев бу хамсааһыны саҕалаабыта. Кини билии уонна үөрэх биһиги өрөспүүбүлүкэбитин биир бастыҥ субъект оҥороллорун итэҕэйэрэ уонна биһиги оҕолорбутугар эрэнэрэ. Бүгүн биһиги бу улахан үлэ түмүктэрин көрөбүт. Улуу Россия регионнарыттан Саха сирэ биир саамай түргэн тэтимнээхтик сайда турар. Биһиги промышленность, социальнай эйгэҕэ, креативнай индустрияҕа ситиһиилэдээхпитинэн киэн туттабыт. Бу барыта улахан үлэ түмүгэ. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ киһи билиитигэр, аныгы технологиялары туһаныыга, аныгы технологиялары айыыга тирэҕирэн эрэ сайдар кыахтаах. Бу мантан сиэттэрэн эттэххэ биһиги «Инникигэ хардыы» научнай практическай конференциябыт кылаата сүрдээх улахан. Бүгүн манна өрөспүүбүлүкэбит бары муннугуттан балтараа тыһыынчаттан тахса чулуу үөрэнээччи кытта кэллэ. Ааспыт сылга эмиэ бачча үөрэнээччи кыттыбытыттан 160 тахса оҕо 17 Аан дойдутааҕы, бүтүн Россиятааҕы научнай күрэхтэргэ кыттан лауреат эбэтэр кыайыылаах аатын сүкпүттэрэ. Бу биһиги конференциябыт үрдүк таһымнааҕын туоһута буолар. Оҕолорбут бүгүн кэпсиир бырайыактарыгар инникитин олоххо киирэр бырайыактар бааллара буолуо диэн эрэнэбин. Түгэнинэн туһанан конференцияҕа куруутун көхтөөхтүк кыттар, оҕолорбут сөптөөх хайысханы талалларыгар көмө буолар, инники олохторугар сирдиир биһиги учуонайдарбытыгар, экспердэрбитигэр махтаныахпын баҕарабын. Хас биирдии дьиҥнээх уочуонай, дьиҥнээх чинчийээччи хаһан баҕарар улахан патриот буолар. Мин академик Владимир Петрович Ларионовы, Никита Гаврилович Соломоновы, Юрий Михайлович Григорьевы тус бэйэлэрин билэр этим, ону таһынан, бу конференцияҕа өр сылларга үлэлэспит учуонайдары эмиэ өйдүүбүн. Кинилэр научнай арыйыыларын, ааттарын-суолларын аахсыбакка бука бары Саха сирин, Россия улахан патриоттара этилэр. Кыттааччылар, эһиги эмиэ кинилэр курдук улуу дьон, гражданин буола улаатыаххыт диэн эрэнэбин. Барыгытыгар ситиһиини баҕарабын уонна быйылгы конференция Саха сиригэр эрэ буолбакка бүтүн Россияҕа саҥа, чаҕылхай учуонайдары, чинчийээччилэри арыйыаҕа диэн эрэнэбин. Михаил Ефимович Николаев эппитинии: «Знанием победим! Вместе только вперёд!»
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Юрий Михайлович Григорьев, Никита Гаврилович Соломонов ааттарынан анал стипендиялары туттардылар.
Кыттааччылар уонна экспердэр ааттарыттан андаҕар тыллара этилиннилэр.
Конференция бастакы күнүгэр кыттааччылар үлэлэрин истиэндэҕэ туран көмүскээтилэр. Сүүмэрдээһини ааспыт үлэлэри сарсын тохсунньу 10 күнүгэр сиэксийэлэринэн истии буолуоҕа.
Keskil14.ru