Ахсынньы 1 күнүгэр, биһиги Чурапчыбыт киин болуоссатыгар Саҥа дьыллааҕы харыйа уота умайда. Быйыл 16 миэтэрэ үрдүктээх харыйаны туруорбуттар, хайа да сыллааҕаар өссө улахан, кырасыабай буолбут. Өрөбүл күн тапталлаах Чурапчыбыт килбэйэр киинигэр элбэх киһи, оҕо тоҕуоруһа мустан бэртээхэй бырааһынньык буолла. Мин ийэбинээн эмиэ бу түгэни мүччү туппакка баран көрдүбүт. Олус кырасыабай харыйа тула остуоруйа геройдара ыллаан-үҥкүүлээн бар дьону сэргэхситтилэр. Нэһилиэкпит баһылыга Сивцев Владимир Дмитриевич эҕэрдэ тыл эттэ.
Чысхаан сиэнин Хаарчаананы кытта кэлэн эҕэрдэлээтилэр, оҕолорго минньигэс кэһии түҥэттилэр. Тула өттүбүт барыта остуоруйа курдук кэрэ, кырасыабай буола түстэ. Кэлбит дьон бары дьиэ кэргэнинэн, кылааһынан, аймаҕынан хаартыскаҕа түһэн бу бэлиэ күнү үйэтиттилэр. Улууспут киинигэр Саҥа дьыл тыына номнуо билиннэ.
Артем Седалищев, 6 «в» кылаас
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата