Кулун тутар 15-17 күннэригэр дойду олоҕор улахан суолталаах тэрээһин – Россия Президенин быыбара буолан ааста.
Семён Дмитриевич Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатыгар 675 №-дээх быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Быыбар ыытыллар кэмигэр сокуоннай саастарын туолан, олохторугар аан бастаан куоластаабыт эдэр быыбардааччылары кытта кэпсэттим.
Милена Игнатьева – XI кылаас үөрэнээччитэ. Аан бастакы быыбара “улахан киһи буоллум” диэн санааны үөскэппит.
– Мин санаабар, гражданскай эппиэтинэс диэн дойдуга бэриниилээх буолуу. Кини туһугар тус эппиэтинэһи сүгүү. Аан бастакы куоластааһыным дойду Президенин быыбарыгар түбэспитин умнуом суоҕа, – диэн этэр Милена Игнатьева.
Иккис кэпсэппит быыбардааччым Владимир Варламов Дьокуускайга Автодорожнай техникумҥа үөрэнэр. Дойдутугар анаан-минээн кэлэн быыбардаата.
Бастакынан кэлэн быыбардаабыппын иһин бэлэх туттардылар. Аан бастаан быыбардыы туран, оҕо сааһым бүттэ дии санаатым. Сокуоннай сааспын туолан, дойду олоҕун туһугар бэйэм позициябын этэр тус санаалаах киһи буоллум. Улахан дьону кытта биир долгуҥҥа сылдьарбыттан эмиэ да үөрдүм.
Хас биирди киһи дойдутун туһугар эппиэтинэстээх буолуохтаах. Государство ылыммыт сокуоннарын тутуһуохтаах. Хас биирдии сокуон суолталаах. Сокуону кэспит киһи бэйэтигэр уонна обществоҕа куһаҕаны оҥорор.
Гражданскай эппиэтинэс диэҥҥэ государство олоҕор көхтөөх кыттыы эмиэ киирэр. Холобур, быыбар. Сааһын сиппит киһи быыбарга кыттыыны ылыахтаах. Маннык суолталаах күн хас биирдии киһи куолаһа учуоттанар. Гражданскай эппиэтинэс быыбарынан эрэ бүппэт. Атын киһи быраабын, интэриэһин убаастыахтааххын. Үлэҕинэн, үөрэххинэн, дойдуга бэриниилээх сыһыаҥҥынан дойду сайдыытыгар тус кылааккын киллэрэҕин, – диэн Владимир Варламов санаатын үллэһиннэ.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, Хадаар, Чурапчы