Кустуур орто оскуолатыгар «М.И.Ф.» тэрээһин, ол эбэтэр математика, информатика, физика нэдиэлэтэ буолан ааста.
Нэдиэлэ устата күннэринэн тыырыллан, викторина, интеллектуальнай оонньуулар, бырайыак көмүскээһинэ, квест оонньуу, о.д.а. интэриэһинэй тэрээһиннэр ыытылыннылар. Хас күрэх, оонньуу аайы кыайыылаахтар быһаарыллан, үөрэнээччилэр грамоталаах, бэлэхтээх тарҕастылар.
Анна Егоровна Никитина, физика уонна математика учуутала:
– Нэдиэлэ сыала-соруга үөрэнээччилэргэ бу үс наука күннээҕи олоххо туттуллуутун көрдөрөн. уруоктарыгар, дьарыктарыгар интэриэһи үөскэтии. Кэлэктиипкэ үлэлээн, эппиэтинэһи ылынан, бэйэ кыаҕын, дьулуурун, арыйан, ситиһии эйгэтэ тэриллэн, оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар.
Нэдиэлэ устата тэрийэччилэр үлэлэрэ күөстүү оргуйда. Методическай холбоһук учууталлара үөрэнээччилэр тустарыгар сыралаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыбыт, махтал тылларын тиэрдэбит. Үөрэх эйгэтигэр маннык тэрээһиннэр ыытыллар буоланнар, оҕолор «үөрэх баар – бараммат баай» диэн бэргэн этиини өйдүүр буолаллар.
Наум Наумов, IX кылаас,
Кустуур, Эбээн Бытантай