Е.Е.Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатыгар Кыһыл Сулус уордьаннаах, 1941-1945 с.с. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ, кадровай булчут, алын сүһүөх кылаас учуутала Степан Гаврильевич Назаров аатын умнубаппыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар байыаннай-патриотическай иитии чэрчитинэн строевой хаамыы буойун-учуутал сырдык кэриэһигэр ананна.
Кини 1920 с. Амма улууһун Омоллоонугар Ольга Ивановна, Гавриил Григорьевич Назаровтар дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр, балта Анна Гаврильевна Тимофеева (Назарова). Степан Гаврильевич сэттэ кылаас үөрэхтээх. Амма Наахара оскуолатыгар учууталынан үлэлии сылдьан, 1942 сыллаахха, олунньу ый 23 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан, Ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыт. Забайкальскай фроҥҥа ый аҥара байыаннай үөрэҕи ааһан, уоттаах сэриигэ барбыт.
1943 сыллаахха тохсунньуга маршевай стрелковай батальоҥҥа, 718 полка старшай лейтенант Дегтяровка, связнойунан сылдьыбыт. Эрэллээх, эппиэтинэстээх киһи буолан, өр кэмҥэ связнойдаабыт. Большая, Малая Каменка диэн дэриэбинэлэри босхолооһуҥҥа, кыргыһыыга бааһыран, госпитальга киирбит.
Госпитальтан тахсаат, Курскай уобаласка иккис бааһырыытын ылбыт. Рязники куоракка госпитальга ыыппыттар. Манна сытан биир дойдулааҕын Афанасий Петрович Ксенофонтовы көрсүбүт. Дойдуларыттан тэлэһийэн, сэрии уотугар сылдьар Саха сирин хоһуун уолаттара үөрүүлэриттэн ырыа ыллаабыттар. Афанасий Петрович хаһыакка рядовой С.Г. Назаров “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмытын туһунан хаһыакка тахсыбытын көрдөрбүт. Эмтэнэн тахсан, салгыы Белоруссияҕа связнойунан сулууспалыы барбыт. Сорудахха сылдьан атаҕар бааһырбыт.
1943 сыллаахха 113 мотоинженернай батальоҥҥа сулууспалыыр, Днепр өрүс муостатын тутуутугар үлэлэспит. Орел куоракка өстөөх икки танкатын умаппыт. Хорсун быһыытын иһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыт.
1944 сыллаахха от ыйыгар 43 гвардейскай ыарахан танка чааһыгар автоматчигынан сылдьыбыт. Кенинсберг куораты босхолоспут. Степан Гаврильевич 1946 с. сайын ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдутугар кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлбит.
***
Аныгылыы байыаннай таҥаһы кэппит уолаттар, кыргыттар бүгүн сарсыардаттан оскуолаҕа дьоһуннук туттан хаамалларын киэн тутта көрөҕүн. Оскуолаҕа киириигэ, фойеҕа Степан Гаврильевич Назаровка аналлаах быыстапка турда. Манна буойун-учуутал сэриигэ ылбыт наҕараадалара эрэ буолбакка, үлэ туйгуна буоларын кытта кэрэһэлиир хайҕал суруктара, мэтээллэрэ, хаартыскалара эмиэ бааллар.
Тэрээһини оскуола директора Татьяна Ивановна Иванова, Степан Гаврильевич уола Гаврил Степанович тыл этэн үөрүүлээхтик арыйдылар. Сиэнэ Раиса Гаврильевна эһэтин туһунан истиҥник ахтан, барыбытын долгутта. Степан Гаврильевич тыыннаах ситимнэрэ – оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ – кэлэн кыттыыны ылбыттара тэрээһин суолтатын өссө ордук үрдэттилэр.
Строевой хаамыыны «Гражданскай килбиэн», “Россия патриота” бэлиэлэрдээх, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Александр Филиппов, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, отставкаҕа сылдьар милиция подполковнига Николай Гоголев, ИДЬМ бэтэрээнэ, полиция майора Петр Евсеев, Болугурдааҕы 2 №-дээх баһаарынай чаас байыастара Дмитрий Алексеев, Дьулуур Федотов уонна оскуолаҕа физкультура учууталынан практикалана сылдьар Сандал Осипов сыаналаатылар.
Кылаастар бары биир дойдулаахтарын Степан Гаврильевич Назаров үтүө аатын үрдүктүк тутан олус бэлэмнэммиттэр. Ньиргиэрдээх ырыа доҕуһуоллаах күүстээх хаамыы кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарда.
Кыра кылаастарга 1 миэстэ – III кылаас (хамандыыр Вася Мартынов, сал. М.Н. Аммосова), 2 миэстэ – IV ылаас (хамандыыр Сергей Макаров, сал. З.В. Михайлова), 3 миэстэ – II кылаас (хамандыыр Кирсан Мартынов, сал. О.М. Кожурова) буоллулар. Анал аат хаһаайыннарынан “Бастыҥ параднай форма” – I кылаас (хамандыыр Сайаан Березкин, сал. Д.А. Тимофеева), “Строевой хаамыы бастыҥ ырыатын толоруу” – III кылаас (хамандыыр Вася Мартынов, сал М.Н. Аммосова), “Бастыҥ хамандыыр” Сергей Макаров (IV кыл, сал. З.В. Михайлова) буоллулар.
Орто сүһүөххэ 1 миэстэ – VIII кылаас (хамандыыр Максим Кузьмин, сал. Л.В.Моисеева), 2 миэстэ- V “б” кылаас (хамандыыр Сандаара Местникова, сал. Н.М. Константинова), 3 миэстэ – V “а”кылаас (хамандыыр Женя Афанасьев, сал. Н.С. Кузьмина), VI “а” кылаас (хамандыыр Мирон Кузьмин, сал. З.А.Корнилова) буоллулар. Анал аат хаһаайыннарынан “Бастыҥ параднай форма” – VII кылаас (командир Вася Шестаков, сал. Е.Г. Местникова), “Строевой хаамыы бастыҥ ырыатын толоруу” – VI “б” кылаас (командир Ярослав Горохов, сал. С.Н. Кононова), “Бастыҥ хамандыыр” Сандаара Местникова (V “б” кыл, сал. Н.М. Константинова) анал буоллулар.
Улахан кылаастарга 1 миэстэ – IX кылаас (хамандыыр Максим Аммосов, сал. М.Л.Седалищева), 2 миэстэ – X кылаас (хамандыыр Дьулус Кожуров, сал. П.И. Макаров) буоллулар. Анал аат хаһаайыннарынан “Бастыҥ параднай форма” Максим Аммосов (IX кыл, сал. М.Л.Седалищева), “Бастыҥ параднай форма” – X кылаас, “Строевой хаамыы бастыҥ ырыатын толоруу” – IX кылаас ыллылар.
Хаамыы күрэҕин кэнниттэн байыаннай эстафета ыытылынна. Эстафета араас көрүҥнээх: сүүрүү, граната быраҕыы, наһыылканан киһини илдьии, автомат ыһыыта о.д.а. Манна алын сүһүөхтэргэ 1 миэстэ – IV, 2 миэстэ – III, 3 миэстэ – II; орто сүһүөхтэргэ 1 миэчтэ – V ”а”, 2 миэстэ – VI ”б”, 3 миэстэ – V ”б”; улахан кылаастарга 1 миэстэ – IX, 2 миэстэ – X кылаастар ыллылар.
***
Стройунан хаамыы уонна байыаннай эстафета күрэхтэрин Болугур орто оскуолатын физкультура, ОБЖ учуутала, «Хоһуун» байыаннай-патриотическай кулууп, нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Прокопий Иванович Шестаков иилээн-саҕалаан ыытта.
Күрэх уопсай түмүгүнэн Степан Гаврильевич Назаров ыччаттара кыайыылаахтарга, анал ааттаахтарга хайҕал суруктары, харчынан бириистэри туттардылар. Оскуола кэлэктиибин кэлэн иһэр сааскы бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээн туран, минньигэс туордунан күндүлээтилэр. Олус бэркэ, таһымнаахтык ыытыллыбыт тэрээһинтэн бары да олус үөрдүбүт, астынныбыт.
Бу умнуллубат бэлиэ күнү үөрэнээччилэргэ эрэ буолбакка, төрөппүттэргэ, нэһилиэк бары олохтоохторугар бэлэхтээбит тэрийээччилэрбитигэр – Степан Гаврильевич аймахтарыгар, ыччаттарыгар, оскуолабыт администрациятыгар, учууталларбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Киэн туттар киһибит Степан Гаврильевич Назаров холобур буолар хорсун олоҕо кэрэ кэпсээн буолан үйэлэри уҥуордаатын. Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар анаммыт дьоһун тэрээһин ыччаты иитиигэ суолтата дириҥии, кэҥии турдун!
Сахаяна КОЖУРОВА, саха тылын уонна литературатын учуутала,
Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата, Амма.