Мин быйыл сайын Аммаҕа 81 саастаах ытык кырдьаҕас Егор Егорович Пестеревка ыалдьыттаатым.
Егор Егорович идэтинэн суоппар. «Массыына уруулугар олорбутум быйыл 62 сыла буолар», – диир. Кини билигин төһө да 81 саастааҕын иһин УАЗ, «Жигули» массыыналарын бэйэтэ ыыта сылдьар.
Егор Егорович массыыналарын чугас доҕотторун курдук истиҥник саныыр эбит. «Бэйэбин кытта бииргэ кырдьыбыт, олохпор көрсүбүт үөрүүлэрбин, хомолтолорбун тэҥҥэ үллэстибит доҕотторум курдуктар. Техниканы тимир эрэ курдук көрбөт баҕайыта. Доҕор-атас курдук ылыннахха, эрэллээх доҕортон туох да атына суох буолар. Хойут бэйэҥ бас билэр массыыналаннаххына, ону саныыр буолаар», – диэн сүбэлээтэ.
Е.Е. Пестерев: «Техника эрэллээх доҕортон туох да атына суох».
Егор Егорович УАЗ массыынатынан биһигини дьэдьэннэтэ илдьэ сылдьыбыта. Эдэр оҕолору кытта күөх сайын бииргэ сылдьарыттан үөрэрин туһунан эппитэ.
Егор Егорович Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырабы кытта олус чугастык билсибит суруйааччыта. Саха народнай поэта олоҥхолуурун, кини тылын-өһүн истибит. Ону барытын уһулан, бэйэтин кытта күн бүгүнүгэр диэри илдьэ сылдьар, дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэр. «Уус тыллаах поэт хоһооннорун хайаан ааҕар буолаар. Дойдутугар Эмискэ, төрөөбүт алаааһыгар Саппыйаҕа, «Үрүмэччи маҥан ата» баар, ону көрөөр», – диэн дьэдьэннии сылдьан миэхэ элбэхтик эттэ.
Егор Егорович тиэргэнигэр Күннүк Уурастыырап «Жигули» массыыната баар. Бу 1987 сыллаах массыына. «Бу массыынатынан Күннүк Уурастыырап элбэхтик тиэллибитэ. Поэт суох буолбутун кэннэ уола Владимир миэхэ биэрбитэ. 3-4 сыллааҕыта диэри сүүрдэ сылдьыбытым. «Бу – Күннүк Уурастыырап массыыната» диэн дьон билэрин курдук гына, музейга туруон баҕарабын», – диир Егор Егорович Пестерев.
Ытык кырдьаҕаска ыалдьыттаан, элбэҕи биллим.
Айхал Матвеев, Х «В» кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай.