Макарова Аграфена Дмитриевна аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин Үҥкүү салаатын үһүс кууруһун устудьуона Домнина Александра быраактыкатын Дьааҥы оройуонун Арыылаахтааҕы сынньалаҥ киинигэр барда.
Кини маннааҕы оскуоланы тохсус кылааһын бүтэрээт бу кэллиэскэ үөрэнэ киирбитэ. Александра быраактыкатын кэмигэр оскуола оҕоругар, эдэр ыччакка уонна ийэлэргэ уопсайа тоҕус үҥкүүнү үөрэттэ. Оскуола оҕолоругар аныгылыы, джас истииллээх, сайылык оҕолоро, монгольскай, чохчоохой үҥкүүлэрин оҕолор сөбүлээн үөрэттилэр. Эдэр ыччаттарга грузинскай, ийэлэргэ кылыынкай уонна хотугулуу үҥкүүлэри туруорда. Отчуоттуур “Танец – язык, который понимает весь мир” кэнсиэрин ийэтэ Домнина Полина Гаврильевна иилээн-саҕалаан ыытта.
Ону таһынан Александра оскуолатыгар кэлэн оҕолорго идэни таба таайыыга аналлаах кылаас чааһын ыытта. Арыылаах дьоно кини кэнсиэрин сэргээтилэр. Сатаннаҕына эһиилги улахан практикатын эмэ манна ыытар быллааннаах.
Илларион Старостин,
“Аартык” эдкора.
Оскуолабыт выпусницата Домнина Александра отчуотнай кэнсиэригэр үҥкүүгэ кыттаммын наһаа астынным, элбэххэ үөрэнним. Уонна кыттыбыт оҕолортон санаа үллэһинним:
— Сашенька-Александра үҥкүүтүгэр дьарыктанан тугу ситистиҥ, биллиҥ?
— Салгыы үҥкүүнэн дьарыктаныаҥ этэ ду?
Потапова Ангелина, 8 кылаас: «Араас норуоттар үҥкүүлэрин биллим. Бу иннинэ эмиэ үҥкүүлээбитим эрээри, бу сырыыга хамсаныым ордук чочуллан имигэс буолла дии саныыбын. Үҥкүүлүүр баҕам өссө эбилиннэ. Кэлин да кэнсиэрдэргэ кыттыам.«
Горохов Степа, 5 кылаас: «Үҥкүүгэ саҥа кытынным. Сөбүлээтим. Көрөөччүлэртэн толлубат буоллум. Өссө үҥкүүлүөм, кытыннардахтарына.»
Аммосов Денис, 9 кылаас: «Хамсаныым түргэтээтэ, бириэмэбин сөпкө аттарына үөрэнним. Салгыы үҥкүүлүөм.»
Винокуров Коля, 7 кылаас: «Урукку өттүгэр дьиэрэҥкэйи саттааччым суоҕа, билигин холку дьиэрэҥкэйдиир буоллум. Араас омук культуратын биллим.«
Бу курдук санаа үллэстибит оҕолорум хас биирдиилэрэ туох эмит туһаны бэйэлэригэр иҥэринтэр, салгыы сайдан үҥкүү эйгэтин киэргэтиэхтэрэ, маннык кэрэ түгэннэр үксүү туруохтара.
Анжелика Васильева,
9 кылаас.
Сашенька Арыылаахтааҕы тыйаатыр-саад иитиллээччитэ. Тыйаатыр-саад маҥнайгы хараҥаччылара ускуустуба киэҥ араҥатыгар номнуо тахсан эрэллэр. Онуоха Саша төрөппүттэрэ Олег уонна Полина Домниннар оруоллара улахан суолталаах. Кинилэр “Ырыа куттаах дьиэ кэргэн” аатын өрөспүүбүлэ күрэҕэр кыттан, Сашенька олох кыратыгар ылтара. Тыйаатыр саад – оскуола – айар куттаах төрөппүттэр быстыбат биир ситимнээх үлэлэрэ үрдүк түмүктэрдээх буолла.
Тыйаатыр-саад оҕо сайдар эйгэтин толору тэрийэн үлэлиирин билигин да салгыыр. Ол курдук кырачааннар остуоруйа-хоһоон абылаҥар уйдаран, ырыа-үҥкүү кэрэ эйгэтин кэрэхсии үөрэнэллэр. Бу хаартыскаҕа Саша- Александра “Мексиканскай” үҥкүү көстүүмннээх хаҥастан иккис турар.
Отчуоттуур кэнсиэригэр аҕатын кытта бу үҥкүүнү үҥкүүлээн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Айар куттаах Сашабытыгар, кини дьонугар өссө да ситиһиилэри баҕарабыт. Талан ылан сөбүлүүр үөрэххин бүтэрэн, идэҕэр бэриниилээх үлэһит буолуоххун баҕарабыт.
Розалия Слепцова,
География учуутала.
“Аартык” эдкорпост салайааччыта.
Арыылаах, Дьааҥы.