Бу күннэргэ алын кылаастарга Чыамайыкы оскуолатын урут бүтэрбит Любомир Романов кэлэн ыалдьыттаата. Любомир «техник группы РЭБ ДРР (радиоэлектронная борьба дивизионной разведки) и РЭБ РТБИ (радиоэлектронная борьба радиотехнической боевой части)» идэлээх, ол эбэтэр дивизионнай разведкаҕа технигынан үлэлиир. Мичман званиелаах.
Оскуолаттан баҕа санаата — муора
Кини орто кылаастан моряк буолар баҕа санаалаах эбит. Оскуоланы бүтэрэригэр обществознание, история, физкультура эксээмэннэрин туттарбыт. 2018 сыллаахха Калининград куораттааҕы адмирал Ф.Ф.Ушаков аатынан байыаннай-муоратааҕы академия устудьуона буолбут. Үөрэнэ тиийээт, старостанан талыллыбыт, старшина буолбут. Араас омук устудьуоннарын кытта биир тылы булбут, доҕордоспут.
Устудьуоннуу сылдьан, элбэх оҕоттон талыллан, Москваҕа, Кыһыл болуоссакка Кыайыы 75 сылын көрсөр параадка кыттыбыт. Онно хас күн аайы хаамарга бэлэмнээбиттэрин, ол параадка кыттыбытын иһин мэтээллээҕин кэпсээтэ.
«Варяг» диэн хараабылга сулууспаҕа
Үөрэхтэрин бүтэрэн, ким эрэ хараабылга, ким эрэ подводнай лодкаҕа сулууспалыы барбыттар. Любомир Владивосток куоракка «Варяг» диэн хараабылга сулууспаҕа киирбит. «Техник группы РЭБ ДРР (радиоэлектронная борьба дивизионной разведки) и РЭБ РТБИ (радиоэлектронная борьба радиотехнической боевой части)» диэн идэлээх. Техник көмпүүтэринэн сыал туһаайыытын көрөн баран, ракетаны ыытар. «Бу үлэ саамай эппиэтинэстээх», — диэн тоһоҕолоото Любомир.
«Варяг» олус улахан хараабыл эбит. Бу хараабыл 5-6 мэндиэмэннээх таас дьиэ саҕа 42,5 м. үрдүктээх, 186 м. усталаах, туората 21 м. эбит. Хараабылларыгар 555 киһи сулууспалыыр. Ракеталардаах, торпедалардаах, өссө вертолёттаах. «Варяг» хараабыл 20-тэн тахса дойдуга тиийэ сылдьыбытын истэн, оҕолор олус сөхтүлэр.
Идэҕитин эрдэттэн талыҥ!
Кэпсэтии түмүгэр уолаттар үгүстэрэ моряк буолар баҕаларын биллэрдилэр. Оҕолоор, эһиги эмиэ биһиги ыалдьыппыт курдук идэҕитин эрдэттэн быһаарыныҥ.
Галя Федорова, VI кылаас, «Проба пера» эдкорпост.
Чыамайыкы, Мэҥэ-Хаҥалас.