Олунньу 28 күнүгэр оскуолабытыгар улахан кылаас оҕолоругар аналлаах Аҕа дойдутун көмүскээччилэрин күннэринэн биэс көрүҥү биирдэ түмэр күрэхтэһии буолан ааста. Биэс көрүҥҥэ 100 м сүүрү, ырааҕы ыстаныы, хары баттаһыыта, ойбонтон уулааһын, ыараханы көтөҕүү киирдилэр.
Төһө бэйэ-бэйэбитин кытта күрэстэспиппит иһин ол оҕолор икки ардыларыгар сыһыаннарыгар мэһэйдээбэтэ. Онон күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ааста диэн сыаналыыбын.
Мин IX-XI кылаастар бөлөхтөрүгэр кыттынным. Хары баттаһыытыгар ыарырҕаттым. Күрэххэ ким иннин биэриэн баҕарыай? Суох буо. Бары биэтэккэ бастыҥ буолан тиийиэхпитин баҕарабын. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн III миэстэ ылан, бастыҥнар ахсааннарыгар киирбиппиттэн үөрдүм. Күрэх түмүгүнэн хас бөлөх аайы кыайыылаахтары кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэринэн наҕараадалаатылар.
Бу күрэх уол оҕо эт-хаан өттүнэн сайдыытын тургутар, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу санаатын иҥэрэр.
Вадим КОЛЕСОВ, X кылаас, Хайахсыт, Чурапчы