Капитонова Наталья Петровна , Өктөмнөөҕү билим, үөрэх Киинин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ:
—Кинигэ – норуот ɵйɵ-санаата түмүллэн, сурукка тиhиллибит кэрэhитэ. Лиссиэй бибилэтиэкэтэ 21 000 тахса кинигэни харайан олорор. Сурук-бичик сайдыытын оҕолорбутугар тириэрдэрбит, кɵрдɵрɵрбүт, тыл сүмэhинин учууталларга, тɵрɵппүттэргэ кэпсиирбит – үлэбит сүрүн хайысхата.
Быйыл лиссиэйбитигэр Саха сирин Бастакы Президенэ М.Е. Николаев аата иҥэрилиннэ. Бибилэтиэкэҕэ Михаил Ефимович бэйэтэ суруйбут кинигэлэрин, Британика бары томнарын, Оксфорд энциклопедиятын, Аан дойду мусуойдарын 15 томнаах альбомнарын, онтон да атын кинигэлэри бэлэхтээн хаалларбытын алгыс оҥостон, ɵрүүтүн ааҕаччыларбытыгар санатабыт, иhитиннэрэбит.
Саха сирин ханнык да бибилэтиэкэтигэр тɵрɵɵбүт тылынан кинигэ ɵрүү түмүллэр. Манна даҕатан этиэм этэ, «Айар» кинигэ кыhата бэчээттээбит аныгылыы кинигэлэрэ уруккуттан пуондабытыгар баар. Улуу дьоммут суруйуулара ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.
Николаев Михаил Ефимович «Норуотум ыра санаатыгар» кинигэтин туһунан IX кылаас үөрэнээччитэ Антон Петухов санаата:
— Михаил Ефимович кинигэтин элбэх түhүмэхтэриттэн айылҕа харыстабылыгар анаабыт санааларын аахтым. Принц Филипп, Эдинбург герцога, Аан дойду Дьиикэй айылҕатын (WWF) пуондатын Президенэ Саха Сиригэр кэлэн ыалдьыттаабыт эбит. М.Е. Николаев айылҕа харыстабылыгар ыытар улахан далааhыннаах үлэтин сэҥээрбитин 40-тан тахса судаарыстыбалар ылыммыттар. Онон Михаил Николаев бэрт туhалаах санааларын ааҕан, ɵссɵ биирдэ итэҕэйдим: кини СӨ Президенэ буолан таhаарыылаахтык үлэлээбитин. Кини аатынан Кииҥҥэ үɵрэнэрбинэн киэн туттабын.
Слепцова Анжелла , IX кылаас үɵрэнээччитэ: —Мин манна бибилэтиэкэҕэ сылдьарбын, ааҕарбын сөбүлүүбүн. Бибилэтиэкэбит баай. Көхтөөх ааҕааччы буоларым иһин, “Живая классика” диэн куонкуруска кыттарбар мэктиэлээбиттэрэ. Онно эрдэттэн кинигэ испииһэгэ ыытыллыбыт этэ. Ону мин ол испииһэктэн Конан Дойль Артур “Путешествие Шерлока Холмса” диэнтэн быһа тардыыны аахпытым. Бу кинигэ испииһэккэ 120-с нүөмэринэн сылдьара.
Леонтьева Жанна бэлэмнээтэ.