Үөрэх уонна наука үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕын пленарнай чааһыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана А.С. Николаев кэнники 5 сылга үөрэх эйгэтигэр киэҥ хабааннаах тутуу барбытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, 2018 сылтан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 51 оскуола, 70 оҕо уһуйаана тутуллубут. Дойду Президенэ В.В. Путин көҕүлээһининэн Федеральнай бырагыраамаҕа киирэн, 57 оскуола капитальнай өрөмүөннэммит. Бу сыл бүтүөр диэри өссө 16 оскуола уонна 6 уһуйаан үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Кэлэр 2024 сылга бу үлэ тэтиимэ намтаабат.
«Хас биирдии оҕо, куоракка да буоллун, ыраах уһук сытар нэһилиэктэргэ да буоллун, бары ирдэбилгэ толору эппиэттиир, аныгылыы, тупсаҕай оскуолаларга үөрэниэхтэрин баҕарабыт. Ол туһугар үлэни ыытабыт. Ол эрээри, хомойуох иһин, үөрэх хаачыстыбатын таһыма тэҥҥэ үрдээбэт. БКЭ көрдөрүүтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бары предметтэргэ Араассыыйа орто көрдөрүүтүттэн намыһах Хаалыы 7 баалтан, 12-13 баалга тиийэр. Биһиги сыалбыт — үөрэх хаачыстыбатынан Арасссыйа 15 бастыҥ субъегар киирии», — диэн Ил Дархан тоһоҕолоото.