ЭДЭР БӨҔӨСТӨР ДНЕВНИКТЭРИТТЭН
Амма улууһун Эмис нэһилиэгин эдэр бөҕөстөрө, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ тренердэрин Аркадий Николаевич Тастыгины кытта сэтинньи ыйга Амурскай уобаласка Белогорскай куоракка күрэхтэһэн кэллилэр. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Р.А. Юлдашев кэриэһигэр ыытыллыбыт Амурскай уобалас аһаҕас турнирыгар кыттыыны ыллылар.
Үһүс сылларын тустуунан дьарыктанар уолаттар дневник сурунар үтүө үгэстээхтэр.
Белогорскайга сырыыларын туһунан бэйэлэрин санааларын дневниктэригэр бэлиэтэммиттэрин билиһиннэрэбит.
16.11. 2024 Поезд хачайдыыр. Белогорскай элбэх киһи олорор улахан куорат эбит. Манна тустуунан элбэх оҕо дьарыктанар. Белогорскай куоракка дьарыкпыт, күрэхтэһиибит түргэн баҕайытык ааста. Мин схваткабар утарсааччым уҥуоҕунан уһун этэ. Ол иһин буолуо, өттүккэ кыайан ылбатым. Атахтыахтаах этим.
Костя Платонов, II кылаас
16.11.2024 Белогорскайга Аллараа Бэстээхтэн поеһынан айаннаатыбыт. Поезка дуобаттаабыппыт. Мин ыйааһыммын барахпытым. Уонна Күннүк Уурастыырап Кыайыы туһунан хоһоонун үөрэппитим. Белогорскай улахан куорат. 60 тыһыынча 564 киһи олорор. Күрэхтэһиигэ Белогорскай, Благовещенскай куораттар, Амма, Чурапчы оҕолоро кэлбиттэр.
Дьарык үчүгэйдик ааста. Атын куорат көбүөрэ быдан улахан. Манна туста, дьарыктана сылдьан мин кыайабын диэн элбэхтэ санаатым. Реакциям куһаҕан эбит диэн сыаналаатым. Схватканы кыайбатым. Атахпын куоттарбатым уонна вилкалаабатым. Өттүктэн куотан баран кыайан тушелаабатым. Атахха эрдэ баҕайы киирбитим. Атахха киирэн баран вилкалаан кыайыахтаах этим. Атахха киирбиппэр өттүктээбитигэр куотан баран тушелыахтаах этим. Ону кыайбатым.
Алик Ноговицын, III кылаас
***
16.11.2024 Поезд наһаа хачайдыыр. Поезд айанныыр суолугар пробка диэн суох. Белогорскай улахан куорат. 60 тыһыынча 565 киһи олорор. Элбэх маҕаһыын баар. Дьарык түргэн баҕайытык ааста. Улахан куораттартан элбэх тустуук оҕо кэлбит. Тустууну биһиэхэ Эмискэ эрэ буолбакка, элбэх куорат оҕото сөбүлээн дьарыктанар эбит. Мин бу күрэхтэһиигэ, дьарыкка сылдьан кыайыы кэлэрэ бэйэҕиттэн тутулуктааҕын биллим. Элбэх дьарык наада. Белогороскайга күрэхтэһэ сылдьан барыларын сатаан кыайбатым.
18.11.2024 Күрэхтэһэ сылдьан атахха киирдим уонна атахпар туруохтаах этим. Онтон быраҕыахтаах уонна кочергалыахтаах этим. Салгыы туше ууруохтаах этим. Ону кыайан оҥорботум.
Сайнар Левин, III кылаас
16.11.2024 Поезд тыаһа улахан баҕайы эбит. Белогорскайга айаннаан иһэн Күннүк Уурастыырап Кыайыы туһунан хоһоонун үөрэттибит.
Үтүө көҥүл
Үчүгэйин үксэттэ.
Үлэ-хамнас
Үлүскэнин үрдэттэ –
Күндү Кыайыы күнэ!
Истиҥ таптал
Иэйиитин имнэннэ,
Ийэ сирбит
Эриэккэһин элбэттэ –
Күндү Кыайыы күнэ!
Белогорскай биһиги Эмиспититтэн быдан улахан уонна элбэх киһилээх.
18.11.2024 Туста сылдьаммын күлүүстээбитим. Сыҥааҕыттан үчүгэйдик ылбатаҕым. Бэйэм санаабар, күлүүспүн үчүгэйдик оҥорботум. Сатаан туше уурбатым. Өттүккэ быраҕан испиппэр олорунан испитигэр тиэрэ анньан туше уурбутум. Үһүс миэстэ буоллум. Мэтээл ыллым.
Даниэл Петров, IV кылаас
16.11.2024 Белогорскай куоракка поеһынан айаннаан тиийдибит. Дьокуускай, Амма, Тында куорат тустууктара кэлбиттэр. Белогорскай Россия куората. Амурскай уобаласка баар. Элбэх таас дьиэлээх. Манна дьарык үчүгэйдик ааста. Таһырдьа халтараан. Бу сырыыга хаһан да бэринимэ диэни үчүгэйдик өйдөөтүм. Тушеттан куотары сатаабатым. Кочерга приему үчүгэйдик өйдөөтүм.
Эрсан Васильев, IV кылаас
***
16.11.2024 Белогорскай куорат аата хаста да уларыйа сылдьыбытын биллим. 1931 сыллаахха Краснопартизанск диэн уларыйбыт. Онтон 1935 сыллаахха Куйбышевка-Восточная диэн буолбут. 1957 сыллаахтан Белогорскай диэн ааттаммыт. Заллара улахан, киэҥ. Икки улахан маат баар. Дьарык үчүгэйдик ааста. Атын омук оҕолоро тустуунан эмиэ сөбүлээн дьарыктаналлар эбит.
Ильяр Солдатов, IV кылаас
16.11.2024 Схваткаҕа атахха киирдилэр, накаттаатылар уонна тушеҕа уурдулар. Иккистээн эмиэ атахха киирэн уонна кольцо гыннылар. Белогорскай Амурскай уобалас кырдьаҕас куората. Элбэх маҕаһыыннаах, элбэх дьиэлээх. Тустуу көбүөрэ биһиэнин курдук, икки улахан маат баар. Кыайыы уһун дьарык кэнниттэн кэлэрин өйдүүбүн. Атын оҕолор эмиэ өр дьарыктаналлар.
18.11.2024 Белогорскайга туста сылдьан тугу сыыстым? Атахпын отбрасываниеҕа гыныахтаах уонна күлүүстүөхтээх, салгыы тушеҕа ууруохтаах этим уонна стойкабын намыһатыам этэ. Атахха киириэ суохтаах этим.
Алеша Захаров, V кылаас
***
16.11.2024 Белогорскай куоракка тустарбар кыайыахтаахпын диэн санаалаах этим.
18.11.2024. Тустуу кэнниттэн санааларым манныктар. Бастаан тустарбар прием кыайан оҥорботум. Ол иһин хоттордум. Иккистээн тустарбар көхсүтүгэр тахсаммын прогиб бырахпытым. Үһүстээн тустарбар отбарсывниелаабытым. Ол кэнниттэн өттүккэ барбытым.
Сеня Васильев, VI кылаас
16.11.2024 Атын куораттарга сылдьан, күрэхтэһэн сайдаҕын, күүһүрэҕин. Белогорскай улахан куорат. 60 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Кыраһыабай куорат. 1860 сыллаахха төрүттэммит кырдьаҕас куорат эбит. Бастакы схваткабар утарсааччыбын өттүктээн баран тушелаабытым. Иккис схватка 1:11. Утарсааччым накаттаабыта. Үһүс схваткаҕа киһим атахха киирбитин тохтоппутум. Илиибин хам туппута уонна эрийбитэ. Уонна туше бырахпыта. Миэхэ элбэх дьарык наада уонна кыайыыга дьулуур.
Матвей Тимофеев, VI кылаас