Быйылгы үөрэх дьылыттан оскуолабытыгар «Тускул» эбии үөрэхтээһин киинэ үлэлиир. «Туллукчаана» оҕо саадын «Колосокка» холбообуттара. Онон кини дьиэтин оскуолаҕа «Тускулга» анаан биэрбиттэрэ.
Людмила Филиппова аатынан музей
Үөрэхтээһин киинигэркыраайы үөрэтэр музей тэрилиннэ. Салайааччынан Сахаяна Юдовна Кожурова үлэлиир.Музейбытыгар Людмила Евсеевна Филиппова аата иҥэриллибитэ. Кини өр сылларга Болугур орто оскуолатыгар пионер-баһаатайынан үлэлээбитэ.
Оскуола выпускниктара, нэhилиэк олохтоохторо музейга анаан араас бэлэхтэри, ураты экспонаттары туттардылар, харчынан кытта көмөлөстүлэр. Нэһилиэкпит баһылыга Андрей Никитич Петров устудьуоннуу сылдьан Амма өрүс кытылыттан булбут 1834 сыллаах манньыатын музейга туттарбыта. Дьон ону олус сэргээн көрөр.
Бэһистэр – урбаанньыт кылаастар
Быйылгы үөрэх дьылыттан V кылаас үөрэнээччилэрэ кыыс, уол диэн арахсан, урбаанньыттар кылаастара буолбуттара. «Тускулга» дьиэ көтөрдөрүн иитэбит. Холобур, кус, перепелка. Өссө хомяктар, муора свинкалара, чарапаахылар, куруолуктар бааллар.
Маны барытын көрүүгэ-истиигэ эппиэтинэстээх дьоммут уолаттар. Кинилэр өссө бириискэ, атыыга анаан мас оҥоһуктары айан-тутан таһаараллар.
Кыһыҥҥы оранжереябытыгар үүнээйи арааһын олордобут. V «Б» кылаас кыргыттара опытнай-экспериментальнай лабораторияҕа дьарыктаналлар. Кинилэр үүнээйилэр үүнэр усулуобуйаларын кэтээн көрөллөр, дневник толороллор. Салайааччылара Николанна Михайловна Константинова. Алтынньы иккис декадатыгар укуруоп, петрушка, кервель, кинза үүннэрбиттэрэ. Ол барыта ситэн, үүнэн, Саӊа дьыл иннинэ оскуола остолобуойугар туттарбыттара. Ити курдук «Тускуллар» күөх үүнээйилэрин кыс хаар ортото амсайбыппыт.
Оскуолабыт эбии фитолампалары атыыласпыта. Онон үүнээйи араас көрүҥүн үүннэрэр кыахтаннылар. Биир улахан ситиһиибитинэн олунньу 5 күнүгэр бастакы тюльпан Триумф Дермак көрүҥэ сибэккилээбитэ буолар! Тюльпан 80-тан тахса көрүҥүн олордубуттарыттан, тахсыыта 96% тэҥнэспит. Биһиги Болугурбут өҥ буорун сөбүлээн, 50 кыраадыс тымныыттан толлубатах тюльпан көрүҥнэрэ ханныктар эбитий? Оҕуруоччуттар туһаныаххытын сөп – Дарвинов гибрид Пинк, Триумф Сильвер, бахромчатая Сиеста, Триуфм Хопланд Куин, бахромчатый Кристалл, попугайчатый Дабл, Триумф Дермак, бахромчатый Карусель, Триумф Динати, бахромчатый Бастия, бахромчатый Пепл Кристалл. Оҕолор кэтээһиннэринэн, ахсынньы 14 күнүгэр силиһин таттара олордубуттар, тохсунньу 17 күнүгэр 3-5 см быкпыттар уонна бу олунньу 5 күнүгэр бастакы сибэккилэрэ тыллыбыт.
Билигин клубниканы кэтээн көрөн үүннэрэ сылдьаллар. Өссө «буруолуу» сылдьар сонуннаахпыт – морской свинкаларбыт «эбиллээри» сылдьаллар. Ол туһунан аныгыскы сырыыга кэпсиэҕим. www.keskil14 саайка көрсүөххэ диэри!
Ангелина СМИРНИКОВА, VII кылаас,
Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата, Амма.