Баар буол сомоҕо күүс көмүс күлүүһэ,
Самныбат санаа, көлөһүннээх үлэ көдьүүһэ,
Көлбөрүй, бу сиргэ көдөгөр көлдьүн!
Көҥүллүк тыынар эрэт өрүтэ көттүн!
Дорҕоон Дохсун Ворогушин, 2018с.
«Барҕа» уһуйаан Дорҕоон Дохсун Ворогушин «Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии уонна ол ньымалара» диэн ааттаах дьуппулуомнай үлэтигэр олоҕуран 2011 сылтан оҥоһулла сылдьар.
Уһуйаан сүрүн хайысхата – оҕону үлэҕэ сыһыаран, биир сомоҕо буолан үлэлииргэ-хамсыырга үөрэтии, төрөөбүт төрүт тылга уһуйуу, эт-сиин өттүнэн дьарык уонна киһи быһыытынан олоххо бэлэмнээх буолууга иитии.
Үөрэх методиката хас да хайысхалаах.
Уус-уран прикладной дьарыкка уруһуй, илиинэн имитэн оҥоруу (лепка), төрүт саха оһуордарын, ойууларын-дьарҕааларын Мандар Уус научнай хомуллубут үлэлэригэр олоҕуран үөрэтии (этнокаллиграфия).
Иккис сүрүн хайысханан эт-сиин өттүнэн хамнаныы буолар. «Сарыал хамнаныылара» диэн Л.А. Афанасьев-Тэрис үөрэҕинэн оҕолору доруобуйаҕа, эт-сиин, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар туһуланар.
Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ «Тыл иччитин иҥэрии» төрөөбүт тыл уонна хотугу норуоттар култуураларын үөрэтии буолар.
Төгүрүк сыл иһигэр сахалыы халандаарынан бырайыактар оҥоһуллаллар:
«Кудай бахсы» – уол оҕону прикладной дьарыкка, тимири кутууга уһаарыыга;
«Дьөһөгөй оҕото» – саха төрүт үгэһин сылгыны иитиигэ;
«Хатарыллыы» – саас, сайын Саха сирин историческай сирдэринэн сылдьыы;
«Хотуур хоһууна» – өҥүрүк куйааска ходуһаҕа от охсуу;
«Үрдүгү дабайыы» – хайалары дабайыы;
«Боотур Омооно» уонна «Тыл Хоһууна» – үгэс буолбут көрүҥнэринэн күрэхтэһиилэр тэриллэллэр.
Ол курдук быйыл кулун тутар 26-30 күннэригэр сааскы сынньалаҥ кэмигэр Хаҥалас улууһугар, Тиит Арыы бөһүөлэгэр «Барҕа» уһуйаан чэрчитинэн «Буур» – диэн өссө биир саҥа бырайыак сүрэхтэннэ.
Бу бырайыакка Тулагыттан, Дьокуускай куораттан, Тиит- Арыыттан 13 оҕо кытыннылар. Аҕыйах күн иһигэр оҕолор биатлон көрүҥнэрин баһылаатылар.
Хайыһарынан сүүрүүгэ Светлана Егоровна Захарова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Тулагы оскуолатын учуутала, хайыһар спордун сүүрбэттэн тахса педагогическай стажтаах тренера уонна Дорҕоон Дохсун оҕолору интенсивнай быраграмманан дьарыктаатылар.
Быраграмма көрүҥнэрэ: хаарынан буурдааһын, туут хайыһар, ох саанан ытыы, таас быраҕыы, хайыһар дьарыга. Уолаттар дуоһуйа ох саанан уонна салгын саатынан сыал ыталларын астынныллар, хайыһар араас көрүҥнэриттэн слалом көрүҥүн сөбүлээн дьарыктанныллар.
Оҕолор сарсыардаттан эт-хаан эрчиллиитигэр «Сарыал хамнаныытыгар» дьарыктанан баран хайыһардыы тахсаллар. Уолаттар Хаҥалас кэрэ хайалаах айылҕатыгар, ыраас дьэҥкир салгыҥҥа дьарыктананнар сынньалаҥ бириэмэтин доруобуйаларыгар олус туһалаахтык атаардылар, дуоһуйа сынньаннылар.
Маҥнайгы күн куорат оҕолоро ыраас салгыҥҥа дьарыктанан баран киэһээ эрдэ баҕайы утуйдулар.
Хайыһар дьарыга сэбиэскэй бириэмэҕэ олус киэҥник тарҕанан оҕолор да, улахан да дьон дьарыктаналлар этэ. Бу оҕолорго олус туһалаах дьарык буолан координацияҕа, сүһүөххэ дьайбат сүрэххэ туһалаах нагрузка эбит. Аны сыал ытарга оҕо уоскуйар, болҕомтолоох, тулуурдаах буоларга үөрэнэр. Эти-хааны эрэ буолбакка мэйиини сайыннарар туһалаах эбит. Онон бу дьарыгы өссө сөргүтэр, оҕолорго туһалаах буолуо эбит диэн санааҕа кэлбиттэр «Барҕа» уһуйаанньыттара.
«Биатлон диэн олимпийскай көрүҥҥэ киирбит спорт көрүҥэ, Хоту олорор норуоттар дьарыктарыттан тахсыбыт көрүҥ. Ол иһин да буолуо биһиги оҕолорбут олус түргэнник үөрэҕи ылынныллар. Хайыһар дьарыга оҕону бары өттүнэнэн сайыннарар көрүҥ, биһиги өрөспүүбүлүкэбититигэр спорт №1 буолуон сөп этэ. Дьиҥинэн Хаҥалас улууһа хайыһар базатыгар сөп түбэһэр хайалардаах, айылҕата олус барсар» – диир тренер, Светлана Егоровна.
Бу кэлбит 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла, Саха Сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ.
«Быйыл дьиэ-кэргэмминээн «Барҕа» уол оҕону иитэр уһуйаан үлэтэ кэҥээн, «Тумус (Лидер)» — диэн ааттаах, оҕолорго уонна төрөппуттэргэ аналлаах этнокультурнай Центр тэрийдибит. Авторскай быраграммам 2011 сыллаахтан оҥоһуллан, сыл аайы чочуллан, бырайыактарым элбээн, оҥоһулла сылдьаллар, сүрүннээн орто оскуолалары кытта үлэлэһэбит.
«Буур» бырайыак тэриллэригэр көмөлөспүт-өйөспүт миигин кытта бииргэ улэлиир Тулагы оскуолатын директорыгар Дмитрий Васильевич Андросовка уонна Тиит-Арыы оскуолатын директорыгар Эльвира Петровна Абрамоваҕа, сылаас аһынан оҕолорбутун аһатан, көрсүбүтүгэр махталбын тириэрдэбин. Эһиил Тиит-Арыы оскуолатын кытта өссө үлэлэһиэхпит диэн былааннанныбыт» – диэн кэпсээтэ Дорҕоон Дохсун.
Бырайыак түмүгүнэн, Игорь Соловьев бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт күргүөмүнэн хайыһар күрэҕэр «Лыжня России – 2024» кыттан, 18 саастарын туола илик уолаттарга, уон биэс иһигэр киирдэ.
Соловьев Игорь, Г.В. Ксенофонтов аатынан Тиит-Арыы нэһилиэгин оскуолатын 7- с кылаас үөрэнээччитэ:
«Дорҕоон Дохсун салайааччылаах «Барҕа» уһуйааҥҥа аҕыс сааспыттан сылдьабын, ол курдук: «Кудай Бахсы», «Хотуур Хоһууна», «Хатырыллыы», «Дьөһөгөй оҕото» бырайыактарга сылдьыбытым.
Быйыл сааскы сынньалаҥ кэмигэр Хаҥалас улууһугар, Тиит Арыы бөһүөлэгэр «БУУР» – диэн бырайыакка дьарыктанным. Бу бырайыакка «Барҕа» уһуйааҥҥа уруккуттан дьарыктанар доҕотторум Саша, Арчыл, Уруй, Айхал куораттан кэлэннэр уонна Тиит-Арыыттан табаарыһым Айсен буолан хайыһар үөрэҕин аастыбыт. Бырайыак устата биһигини хайыһар спордун тренерэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Захарова Светлана Егоровна дьарыктаата. Дьарык кэмигэр биһиги элбэҕи биллибит, үөрэннибит. Бу бырайыак түмүгүнэн сылын аайы ыытыллар «ЛЫЖНЯ РОССИИ — 2024» күргүөмүнэн хайыһар сүүрүүтүгэр кытынныбыт. Тус бэйэм тэрээһин анал бэлэҕин тутаммыт үөрүүм үгүс. Түгэнинэн туһанан Саха үгэһин иҥэрэр уһуйааччыбар Дорҕоон Дохсуҥҥа барҕа махталбын тириэрдэбин.»
«Кудай Бахсы» — 2024
Сыл саҕаланыыта Барҕа уһуйаан чэрчитинэн Тулагы оскуолатын өҥөтүнэн, сыл аайы буолар «Кудай Бахсы» бырайыак буолан ааспыта. Куорат арааас оскуолаларыттан 15 оҕо кытынна.
«Айылҕабыт иһийэн, чуумпуран турар аам-даам тымныылаах ыйга оҕо, тыла-өһө сайдарыгар, өйүгэр оҥорор көрөр дьоҕура уһуктарыгар айылҕа анаан көмөлөһөр кэмин туһаныы» – диир уһуйааччы Дорҕоон Дохсун.
Бу бириэмэҕэ оҕолор уһаныы хас да көрүҥэр: тимири кутууга (пластилин, воск, метал) дьарыктаннылар. Тимири кутууга Александр Данилов — Хаҥыл уус, Арассыыйа оружейниктарын Гильдиятын чилиэнин үөрэнэччитэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Бэдэрээлинэй үнүбэрсиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култууратын үнүстүүтүн бүтэһик кууруһун устудьуона Адександр Яковлев үөрэттэ. Александр бэйэтэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Кудай Бахсы» бырайыакка хаста да сылдьыбыта. Тааттаттан кэлэ сылдьар Мохсо Уус – Михаил Данилов көмөлөстө.
Быйыл быраграммаҕа саҥа сүүрээнинэн инновационнай хайысхалар киирдилэр: 3D моделирование, BLENDER 3D, управление БПЛА, геоинформатика. Билиҥҥи бириэмэҕэ киинэ устар видеотехника саҥа ньымаларын барытын баһылаабыт Александр Шадрин уус-уран уонна документальнай киинэлэргэ үлэлэспит оператор – постановщик «Холодное золото», «Потанцуй со мной», «Les fils invisibles» Франция уонна да атын киинэлэри устубут Африка, Өймөкөөн курдук айылҕалаах сирдэргэ сылдьыбыт оператор-видеограф оҕолору дьарыктаата.
Аҕыстарыттан уон түөрт саастарыгар диэри уолаттар бэйэлэрин дьоҕурдарынан компьютернай дизайҥа, прикладной дьарыкка сөбүлээн үөрэннилэр, Тимир Дмитриев, 7-кылаас үөрэнээччитэ кутууга, уһаарыыга табыллан холонно.
Александра Дмитриева, төрөппүт:
«Биһиги уолбут Тимир, Барҕа уһуйааҥҥа сылдьыбыта хас да сыла буолла. Хантан эрэ алҕас булан ылан, үөрүүбүт улахан. Уол оҕоҕо олус туһалаах эбит диэн, тута сырытыннаран барбыппыт. Көтүппэккэ сөбүлээн сылдьар. Бары түһүмэхтэрин барытын ааспыта, ол эбэтэр, күннээҕи дьарыктарыгар, эт-хаан эрчиллиитигэр, сурук бичик (каллиграфия), уруһуй, олоҥхону сэгэтэн үөрэтии уонна да атын дьарыктар. Ону таһынан, айылҕа хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн, сезоннай бырайыактар, айылҕаҕа тахсыылар, араас саха эр киһитэ сатыыр ньымаларын олоххо дьаһахха туттууларын, уруккуну-кэлиҥҥини бииргэ тутан, үөрэтии уонна такайыы. Куорат оҕотугар ким инниги көрдөрүөй, үөрэтиэй?! Уонна өссө биир үөрэр түгэммит диэн, оҕо айылҕалыын алтыһара, кини көрөрө-истэрэ, кэҥиирэ иннэ сытар. Ийэ-аҕа эрэ аттыгар буолбакка, дьону кытта билсиһэн, оҕолордуун эн-мин дэсиһэн, улаатар.
Билигин номнуо, хас да сыл ааспыт эбит, оҕобут улаатан, эт-хаан өттүнэн сайдан, чэпчэкитик сылдьар, үөрэх өттүгэр эмиэ биллэрдик эбиллибитэ. Олоҕу көрүүтэ быданнык кэҥээбитэ, үлэ диэни билэр уонна бэйэтигэр эрэллээхтик сылдьар. Уолаттар өссө бэйэ бэйэлэрин кытары билсэллэр, доҕордуу буолаллар.
Уһуйааччыбытыгар Дорҕоон Дохсуҥҥа махталбыт муҥура суох киэҥ, кини көрүүтэ истиитэ киэҥ уонна дириҥ, дьарыктара билиҥҥи олоххо сөп түбэһэр уонна эрэли саҕар. Баҕа санаабыт, «Барҕа» уһуйаан бэйэтэ дьиэлэнэрэ буоллар диэн, этэбит уонна үллэстэбит».
Надежда Идэлги, төрөппүт:
«Куоракка уол оҕону иитэр олус уустук. Эр киһи эйгэтэ диэн дьиэ тас өттө буоллаҕа, онтон куорат сиригэр торговай центрдартан, кафелартан ураты тас эйгэ суоҕун кэриэтэ. Кыыс оҕо син дьиэтигэр ийэтигэр көмөлөһөн дьарыга, үлэтэ элбэх курдук. Онтон таас дьиэҕэ олорор уол оҕо этин-хаанын эрчийиитэ, айылҕаны билиитэ-көрүүтэ татым буолара чахчы, чуолаан аҕата суох улаатар уол оҕо.
Мин Дорҕоон оскуолатын ааспыт ийэбин диэтэхпинэ сыыһыам суоҕа, тоҕо диэтэр үс уолум киниэхэ уһуйуллан, билиитин ылан хаһыс эмэ сыл дьарыктаналлар. Бастакы уолум Тускул Томпо хайаларыгар, «Хатарыллыы» программанан 100 км. Хаҥалас сирин устун хаамыыга, кыһыҥҥы Майаҕа уһанар лааҕырга барытыгар көтүппэккэ сылдьыбыта. Билигин көрдөхпүнэ сахалыы толкуйдаах, Дойдутун, тылын таптыыр эр киһи буолан иһэрин көрөммүн Дорҕооҥҥо махтана саныыбын.
Кыра уолаттарым игирэлэр. Онон туох баар бырайыактарга бииргэ барааччылар. От охсон, ат айааһаан, үүтээҥҥэ хонон, хайыһардаан Дойдуларын араас өттүттэн көрөллөр-билэллэр. Ама куорат оҕотугар инник кэпсэтэн, сөп хайысхаҕа ыйан, сүбэлээн-амалаан, айылҕа кэрэтин өйдөөн көрөргө ким илдьэ сылдьан үөрэтиэҕэй? Ону көрбөккө-билбэккэ улааппыт оҕо бэйэтин дойдутун хайдах таптыаҕай, харыстыаҕай?
Онтон биһиги билэрбитинэн, киһи үс куттаах. Онтон ол хаалбыт икки кутун: буор куту уонна ийэ куту бу Дорҕоон курдук энтузиаст дьон дьарыктыы сылдьаллар».
Намина Ворогушина