Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күнэ биһиги Бастакы Президеммыт Михаил Ефимович Николаев дьаһалынан, 1993 сылтан алтынньы үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Ийэ күнүн көрсө эһиэхэ Байаҕантай нэһилиэгин 13 Герой Ийэлэрин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Софронова Наталья Гаврильевна (1898-1988). II Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Холкуоска ыанньыксытынан, кэлин Танда оскуолатыгар остуораһынан үлэлээн, пенсияҕа тахсыбыта. 1947 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын сүкпүтэ. Кэргэнин Василий Васильевич Софроновы кытта 10 оҕону төрөтөн улаатыннарбыттара.
Матвеева Анна Гаврильевна (1907-1992). Баайаҕаҕа төрөөбүтэ. II Байаҕантай киһитигэр Петр Гаврильевич Матвеевка кэргэн тахсан, 14 оҕону төрөтөн, үлэһит дьон оҥорбуттара. 1951 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын ылбыта. Дьахталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи съезтэрин делегата.
Васильева Ульяна Павловна (1915-1980). Бээрийэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Церковнай-приходской оскуолаҕа үөрэммитэ. Куурсу бүтэрэн дьааһыла сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта. Улахан дьону ааҕарга-суруйарга үөрэппитэ. 1938 сыллаахха Федор Иванович Васильевтыын ыал буолан, 10 оҕону төрөтөн үлэһит оҥорбуттара. Кэлин библиотекарынан, олохтоох сэбиэккэ уборщицанан үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын ылбыта.
Аргунова Агафья Федотовна (1920-1991). II Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 13 сааһыттан холкуоска ыанньыксыттаабыта. Кэлин ферма сэбиэдиссэйинэн, оҕо саадыгар ньээҥкэнэн 57 сааһыгар диэри үлэлээбитэ. 1946 сыллаахха Константин Петрович Колодезниковтыын холбоһон ыал буолбуттара. 10 оҕону төрөтөн улаатыннарбыттара. 1963 сыллаахха “Герой-Ийэ” аата иҥэриллибитэ.
Колодезникова Мария Петровна (1924-1974). I Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар “Кыһыл Танда” холкуоска ыанньыксытынан үлэтин саҕалаабыта. Гаврил Спиридонович Готовцевка кэргэн тахсан, 10 оҕону төрөппүттэрэ. Кэлин оҕо саадыгар ньээҥкэнэн, холкуос хонтуоратыгар уборщицанан, кочегарынан үлэлээбитэ. 1973 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын ылбыта.
Макеева Елена Васильевна (1925-1998). Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 13 сааһыттан “Маяк” холкуоска хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха сэрииттэн эргиллэн кэлбит “Пятилетка” холкуос бэрэссэдээтэлигэр Петр Романович Находкиҥҥа кэргэн тахсыбыта. 11 оҕону төрөтөн, улаатыннаран үлэһит дьон оҥорбуттара. 1967 сыллаахха “Герой Ийэ” буолбута. Кэлин Танда оскуолатыгар уборщицанан, кочегарынан, сопхуос гараһыгар остуораһынан үлэлээбитэ.
Гуляева Улита Ивановна (1926-1996). Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии саҕаланыаҕыттан “Маяк” холкуоска хонуу үлэтигэр, мас бэлэмнээһинигэр, окко үлэлээбитэ. 1944 сыллаахха от ыйыгар сэрии толоонуттан эргиллибит Ананий Васильевич Заболоцкайдыын холбоһон ыал буолбуттара. 10 оҕону улаатыннарбыттара. Г. Егоров аатынан холкуоска ыанньыксытынан, үүт астааччынан, сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. 1969 сыллаахха “Герой-Ийэ” аата иҥэриллибитэ.
Заболоцкая Ефросиния Афанасьевна (1926-2005). Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Танда оскуолатыгар үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбитэ. Сэрии ыар сылларыгар сайынын хонуу үлэтигэр, кыһынын ыанныксытынан үлэлээбитэ. 1950 сыллаахха Иван Евсеевич Вензелы кытта ыал буолбута. 12 оҕону төрөтөн, 1968 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын сүкпүтэ.
Торгуева Варвара Федоровна (1927-1997). Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии сылларыгар 15 сааһыттан холкуос туруу үлэһитэ буолбута. Нам, Кэбээйи сирдэринэн сүөһү көрөн олорбута. Суотту биэрэгэр таһаҕас таһара. Кэлин сопхуоска техүлэһит этэ. 1949 сыллаахха Петр Васильевич Софроновка кэргэн тахсыбыта. 11 оҕону төрөппүттэрэ. 1965 сыллаахха «Герой-Ийэ» аата иҥэриллибитэ.
Тагасова Прасковья Дмитриевна (1928-2021). II Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1948 сыллаахха Роман Яковлевич Егоровтыын ыал буолбута. 12 оҕону төрөтөн, улаатыннаран үлэһит дьон оҥорбуттара. 1967 сыллаахха “Герой-Ийэ» аата иҥэриллибитэ.
Кривошапкина Анна Николаевна (1929-2000). I Байаҕантай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии сылларыгар “Кыһыл Танда” холкуоска ыанньыксытынан, үүт астааччынан, субай сүөһүнү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха Иван Иванович Корякинныын холбоһон ыал буолбуттара. 10 оҕоломмуттара. 1973 сыллаахха “Герой-Ийэ” буолбута. Танда кулуубугар уборщицанан үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта.
Готовцева (Заровняева) Мария Павловна (1930-1995). Сыҥаах нэһилиэгэр Суотту Хардыытыгар төрөөбүтэ. 12 сааһыттан холкуоска үүт астааһыныгар, эбэтинээн маҕаһыын ис-тас үлэтигэр үлэлээбитэ. 1948 сыллаахха Илья Сергеевич Готовцевтыын холбоһон ыал буолбута. 13 оҕоломмуттара. 1964 сыллаахха “Герой-Ийэ” буолбута. 30 сыл ыанньыксытынан, 14 сыл үүт астааччынан үлэлээбитэ.
Андросова Фекла Ивановна (1935-1994) Таатта улууһун Баайаҕатыгар төрөөбүтэ. 1954 сыллаахха Тандаҕа Николай Семенович Готовцевка кэргэн тахсыбыта. 10 оҕоломмуттара. 1978 сыллаахха “Герой-Ийэ” аатын ылбыта. Үлэлээбитин тухары “Герой-Егоров” сопхуос ыанньыксыта этэ.
Ити курдук биһиги нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт 13 Герой Ийэ оҕо, ыччат тэнийэригэр, тыа сирэ сайдарыгар сүҥкэн улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Нэһилиэги нэһилиэк оҥорбуттара диэн киэн тутта этэбит.
Күн сиригэр бэйэлэрин дьулуурдарынан, киэн санааларынан, тус кыахтарынан сырдыгы, сылааһы иҥэрбит Герой Ийэлэрбитин умнубаппыт.
Кинилэр туһунан кэпсиирбэр матырыйаалынан көмөлөспүт И.П. Готовцев аатынан историко-архитектурнай музей үлэһиттэригэр дириҥ махталбын биллэрэбин.
Валерия ГОТОВЦЕВА, Х кылаас, “Байаҕантай кэскиллэрэ” юнкорпост,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан