Хас биирдии киһи сөбүлүүр дьарыктаах. Ону дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыыр гына хайысхалаан биэрэри киһи эрэ барыта сатаабат. Оттон «Баайар дьүөгэлэр» диэн бырайыактаах кыргыттар Олеся Слепцова, Наташа Пестрякова бу хайысханы кыайа туталлар. Ол туһунан ааҕыаххайыҥ.
– Биһиги ааҕааччыларбытыгар бэйэҕит туһунан кылгастык билиһиннэриҥ эрэ.
– Биһиги Олеся уонна Наташа диэммит. 2017 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ кыһыҥҥы уонна сааскы оскуоланан туттарсан киирэн, биир кылааска үөрэммиппит. Ол кэмтэн ыла устудьуоннуур да сылларбытыгар сибээспитин быспакка доҕордоһобут. Быйыл иккиэн үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрдибит. Олеся – хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын, Наташа – омук тылларын филологиятын үнүстүүтүн бүтэрбитэ.
– Эһиги баайыынан хаһан, хайдах саҕалаан дьарыктаммыккытый?
– Баайыынан дьарыктаммыппыт сыл буолан эрэр. Ааспыт күһүн иккиэн биир дьыаланы саҕалыахха диэн сүбэлэһэн бараммыт куйаар ситимигэр страница арыммыппыт. Үгүс дьон саныырынан, баайы – саастаах дьон дьарыга. Оттон биһиги төттөрүтүн баайыынан ыччат эмиэ дьарыктаныан сөбүн, бу туһалаах үлэ буоларын көрдөрөбүт. Билиҥҥи тэтимнээх олохпутугар күннээҕи кыһалҕаттан сынньанар, уоскулаҥы булар дьарык курдук оҥостобут. Киһи – санаа кулута дииллэринии, биһиги баайа олорон үгүһү-элбэҕи эргитэ саныыбыт, өйбүтүн-санаабытын сааһыланабыт, инники олохпутун кытта былааннаан көрөбүт.
– «Баайар дьүөгэлэр» бырайыаккыт хайдах саҕаламмытай?
– Бу бырайыакпытын 2022 сыл күһүнүгэр саҕалаабыппыт. Аан бастаан страница арыммыппыт, онтон дьон-сэргэ тугу баҕарарын истэн, кинилэр баҕа санааларыгар тирэҕирбиппит. Биһиэхэ ураты идеялаах дьон суруйдаҕына, олус үөрэбит. Тоҕо диэтэххэ саҥаны, сонуну олоххо киллэрэртэн үчүгэй суох. Төһө кыалларынан сакаастыыр дьоммут баҕаларын барытын учуоттаан баайабыт. Бу бырайыакпыт биһиги сүрүн үлэбитигэр мэһэйдээбэт, төттөрүтүн, өй-санаа өттүнэн сайдарбытыгар, дьону кытта кэпсэтэ үөрэнэрбитигэр, иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаарарбытыгар көмөлөһөр.
– Оттон эһиги оҕо сылдьан баайар этигит дуу?
Олеся Слепцова:
Мин Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах орто оскуолатыгар алтыс кылаастан «Рукоделие» куруһуокка сылдьар этим. Учууталым Мария Владимировна көмөтүнэн араас өҥнөөх шарфик баайбытым. Бу мин бастакы улахан үлэм этэ. Онтон ыла баайарбын тохтоппокко илдьэ сылдьабын.
Наташа Пестрякова:
Оттон мин, оруобуна, пандемия кэмигэр бэргэһэ баайарга үөрэтэр маастар-кылааһы түбэһэ көрбүтүм уонна саҥа дьарыгы саҕалыырга санаммытым.
– Ордук элбэх сакаас дьыл ханнык кэмигэр киирэрий? Уонна киирбит сакааһы төһө өр баайаҕытый?
– Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн элбэх сакаас кыһын киирэр. Дьон шарфик, бэргэһэ, митенки, үтүлүк сакаастыыллар. Төһө өр баайарбыт сакаас кээмэйиттэн тутулуктаах. Сороҕор үтүлүгү баайарга сибиитэрэни баайар курдук бириэмэни ыытабыт. Баайан бүтэрэн баран, киэбин ыллын диэн хайаан да сууйабыт. Саҕалыан иннинэ суон дуу, синньигэс дуу сабынан, ханнык нүөмэрдээх күрүчүөгүнэн баайаргын барытын учуоттуугун. Үксүгэр, киирбит сакааһы биир нэдиэлэттэн уһаппаппыт.
– Киһи бэйэтин уратытын көрдөрөрүгэр суумка улахан оруоллаах. Эһиги санааҕытыгар?
– Оннук. Суумканы дьэ ылсан эрэбит. Араас саастааптаах сабы, холобур, хлопок, түү, таҥас, оннооҕор джинсыны боруобалыыбыт. Суумка быһыытын тутар суон сап ордук барсар эбит. Баайыы суумкаҕа элбэх сакаас киирэр.
– Баайыыны интэриэһиргиир, манан дьарыктаныан баҕарар оҕолорго тугу сүбэлиэ этигитий?
– Бастаан саҕалыырга, этэргэ дылы, хараҕы уматар, киһини кынаттыыр идея наада. Хата, биһиги үйэбитигэр интернет ситимэ баар буолан баайарга үөрэтэр маастар-кылаастар, үөрэтэр видеолар элбэхтэр. Биһиги ону көрөн элбэххэ үөрэммиппит. Саамай сүрүнэ, баҕа наада.
Ольга ХАЛЫЕВА