Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ агрооскуолатыгар Баай Барыылаах Байанай ыйын чэрчитинэн тэрээһиннэр олус сэргэхтик буолан аастылар.
Ол курдук, V-X кылаас уолаттарыгар Байанай ыйын арыллыытыгар алгыс иһиттибит, алаадьы амсайдыбыт, баҕа санаабытын көрдөстүбүт, үчүгэйи-кэрэни санаатыбыт, боҕуруоскай отунан ыраастанныбыт, арчыланныбыт. Бултааһын, балыктааһын сиэрин-туомун, үтүө үгэстэрин, бултуур-алтыыр тэриллэрин, кыыл-көтөр суолларын тустарынан ирэ-хоро кэпсэттибит, биктэриинэлээтибит. Элбэҕи биллибит, саҥаны иһиттибит. Биктэриинэҕэ бастакы хамаандаттан ордук V кылаас үөрэнээччитэ Аман Слепцов, IX кылаастан Айаал Сергеев, иккис хамаандаттан IX кылаастан Тима Борисов, Айаал Левин, үһүс хамаандаттан IX кылаастан Сахаян Жарин, Егор Онуфриев, VIII кылаастан Максим Неустроев чорбойон элбэҕи уонна сөпкө хоруйдаатылар.
Салгыы спортсаалаҕа физкультура учууталлара Күннэй Давыдовна Чирикова уонна Владислав Петрович Чердонов салайыыларынан ойбонтон уулааһыҥҥа, кириэс тэбиитигэр, наартаны ыстаныыга буһа-хата күрэхтэстибит. Ойбонтон уулааһыҥҥа: I миэстэ – 1-кы хамаанда (хапытаан Айаал Сергеев) 36 очко, II миэстэ – 2-с хамаанда (хапытаан Дархан Слепцов) 19 очукуо, III миэстэ – 3-с хамаанда (хапытаан Айаал Левин) 18 очко. Кириэс тэбиигэ I миэстэ – 1-кы хамаанда (хапытаан Айаал Сергеев) 23 очукуо, II миэстэ – 2-с хамаанда (хапытаан Дархан Слепцов) 7 очукуо, III миэстэ – 3-с хамаанда (хапытаан Айаал Левин) 3 очукуо. Наартаны ыстаныыга I миэстэ —1-кы хамаанда (капитан Сергеев Айаал) 74 очко, II миэстэ – 3-с хамаанда (хапытаан Айаал Левин) 65 очукуо, III миэстэ – 3-с хамаанда (хапытаан Дархан Слепцов) 43 очукуо. Үс хамаандаттан 1-кы хамаанда кыайыылаах буолан, минньигэс бириистэри тутан түмүктээтибит. Уолаттар ордук наартаны ыстаныыны сөбүлээтилэр, өссө да хатылыырга бэлэмнэрин эттилэр.
Байанай ыйын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ аҕыс аҕаны кытары уолаттар кэлэн күөн күрэскэ кытыннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ олохтоох дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Тамара Прокопьевна Давыдова, нэһилиэкпит эдэр ыччатын салайааччыта Валентин Константинович Иванов уонна олохтоох бибилэтиэкэ салайааччыта Лилия Афанасьевна Семенова дьүүллээтилэр. Бастакы түһүмэххэ остолобуойга түһэн, собо ыраастаан баран, саарылаатылар. Көрөөччүлэр уонна ыалдьааччылар остолобуойга баппатылар. Олус тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн, үһүс кылаастан Илья Ильич уонна уола Дамир Дьячковскайдар буоллулар. Дьүүллүүр сүбэ собо балыгы ыраастык хатырыктаммыты көрдө уонна үчүгэйдик буспуту сыаналаата.
Салгыы аактабай саалаҕа тахсан «Дьикти хонуу» оонньуута буолла. Оонньуу оскуола уонна олохтоох бибилэтиэкэлэр холбоһон оҥорбут «Муҥха» тиэмэҕэ ананна. Үс түһүмэхтээх, түһүмэх аайы үстүү оонньооччулаах уонна биирдии кыайыылаах. Бастакы түһүмэххэ алын сүһүөххэ I миэстэни IV кылаастан Роман Афанасьевич уолунаан Эрсанныын (Рязанскайдар), орто сүһүөххэ V кылаастан Павел Егорович уолунаан Гошалыын (Борисовтар) уонна улахан сүһүөххэ X кылаастан Юрий Юрьевич уолунаан Гошалыын (Шишлянниковтар) буоллулар. Финалга Рязанскайдар кыайан таҕыстылар. Хас биирдии кыттааччыга «Охота и рыбалка» диэн сурунаал, Байанайдаах буол диэн наклейка уонна олоҥхо туһунан кинигэ бэлэхтэрин туттардылар.
Уопсай түмүккэ алын сүһүөххэ I миэстэни Роман Афанасьевич уолунаан Эрсанныын (Рязанскайдар), II миэстэни Дмитрий Моисеевич уолунаан Моисейдыын (Татариновтар), III миэстэни Илья Ильич уолунаан Дамирдыын (Дьячковскайдар), орто сүһүөххэ I миэстэни Павел Егорович уола Гошалыын (Борисовтар), II миэстэни Петр Дмитриевич уола Дьулусханныын (Егоровтар), III миэстэни Александр Константинович уола Тимурдуун (Адамовтар), улахан сүһүөххэ I миэстэни Юрий Юрьевич уола Гошалыын (Шишлянниковтар), II миэстэни Алексей Николаевич уола Айдынныын (Ивановтар) уонна муҥутуур кыайыылаахтарынан Шишлянниковтар кыайан-хотон таҕыстылар.
Кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук, диплом уонна харчылаах сертификат туттарылынна. Бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сэргэхсийэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастыбыт.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Жанна Ивановна Егорова, история учуутала Егор Трофимович Никифоров уонна бырайыак ааптара, педагог-бибилэтиэкэрэ Василина Васильевна Борисова ыыттылар.
Салайааччыларбытыгар, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Жанна Ивановна Егороваҕа, дириэктэр сүбэһитигэр уонна оҕо хамсааһынын тэрийээччитэ Вилена Дмитриевна Мартыноваҕа махтанабыт.
Айдын Иванов, VIII кылаас үөрэнээччитэ,
оскуола президенэ, «Платформа» медиакиин чилиэнэ,
Бөтүҥ, Амма.
keskil14.ru