Ньурбаҕа сылын аайы ыытыллар Баһылык Харыйатыгар үчүгэй үөрэхтээх, көхтөөх оҕолор сырыттылар. Манна улууспут хас биирдии нэһилиэгиттэн үөрэх туйгуннара, актыбыыс оҕолоро «Кыталык» култуура киинигэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкка муһуннулар. Сыл түмүгүнэн үрдүк ситиһиилэрин иһин бэлэх туттулар.
Мин эмиэ быйылгы ааһан эрэр сылга үчүгэйдик үлэлээн, кыһаллан маннык тэрээһиҥҥэ сылдьар чиэскэ тигистим.
Кэлэн иһэр 2024 сыл Саха сиригэр Оҕо Сыла оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини, көхтөөх олоҕу уонна барытыгар табыллыыны аҕаллын!
Таня Иванова, «Ыллык» пост, Хаҥалас, Ньурба.