Эбэм кэпсииринэн, сэбиэскэй кэмҥэ былыргыны улаханнык суолталаабаттар, билэ сатаабаттара үһү. Оҕолору олоҥхолотуу, оскуолаҕа төрүт култуураны үөрэтии олох даҕаны суох эбит. Оннооҕор төрөөбүт тылы билбэт буолар муодунай курдук кэмнэрэ баара миигин дьиктиргэтэр.
Оттон билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылы билии, төрүччүнү оҥоруу, былыргыны үөрэтии улаханнык суолталанна. Аныгы ыччат хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин билэргэ дьулуһар. Былыргы уонна аныгы күүстээх ситимнээҕин, аныгы былыргыттан тахсан кэлэрин ким даҕаны саарбахтаабат. Былыргыны үөрэтии, билии аныгы олохтон тэйии буолбатах. Ааспыт сыыһалары хатылаабат, өбүгэлэрбит эппит мындыр этиилэригэр тирэҕирии буолар.
Холобур, өс хоһоонноро түҥ былыргыттан биһиги кэммитигэр кэлбиттэр уонна дириҥ ис хоһоонноро син биир эргэрбэт. А.Е. Кулаковскай “Былыргылыы алгыс” хоһоонун маннык саҕалыыр:
Былыргы кырдьаҕастар,
Сээркээн сэһэттэр,
Өлбүт өбүгэлэрбит
Өстөрүн хоһооно баара:
“Кырыыс баһа хааннаах,
Алгыс баһа сыалаах”,—диэн.
Ол аата, киһи үтүөнү баҕарарыттан, эбэтэр, төттөрүтүн кими эрэ кырыырыттан бэйэтин олоҕун тупсарар, эбэтэр, алдьатар. Норуот өһүн хоһооно билиҥҥи даҕаны кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт. А.Е. Кулаковскай сүүстэн тахса сыл анараа өттүгэр айан хаалларбыт бары хоһоонноро, поэмалара, научнай үлэлэрэ былыргыны уонна билиҥҥини ситимниир чаҕылхай айымньылар. Учебниктарбытыгар аахпыт “Кэччэгэй баай” хоһоонтон былыргы аһы-үөлү, таҥаһы-сабы, “Өрүс бэлэхтэрэ” поэматтан Сахабыт сирин өрүстэрин, балыктарын аатын, “Саха дьахталларын мэтириэттэриттэн”, о.д.а. айымньыларыттан олох-дьаһах көстүүлэрин төһө баҕарар булан үөрэтиэххэ сөп.
Тылбыт тыыннааҕын тухары
Өксөкүлээх Өлөксөй алгыстарыгар өбүгэ өһө уонна утум салҕаныыта диэн дириҥ өйдөбүллэри төһө баҕарар ырытыахха, холобур оҥостуохха сөп. Кэнники ыытыллыбыт перепись түмүгүн көрдөххө, Россия атын омуктарыгар холоотоххо, төрөөбүт тылбытын билэр дьоммут бырыһыана арыый үрдүк эбит диэн көрбүтүм. Оттон төрөөбүт тылбыт туох баар норуоппут баайын арыйар күлүүспүт курдук буоллаҕа. Ол да иһин Россияҕа иккис элбэх ахсааннаах омуктар татаардар аҕыйах ахсааннаах сахаларга ымсыыраллар. Ахсааммытынан көрдөххө, сүтэн да хаалыахпытын сөп курдук, ол эрээри, тылбыт тыыннааҕын тухары баар буолуохтаахпытын билигин бары өйдөөн эрэбит.
Биһиги төһө даҕаны аҕыйах ахсааннаах буолларбыт, өбүгэбит хаалларбыт тылын, култууратын, сатабылын илдьэ сылдьабыт, киэн туттабыт. Саха буоларбытынан киэн туттарбыт туохтан көстөрүй? Биһиэхэ тоҕо эрэ үчүгэйгэ барытыгар “саха” диэн тылы кыбытыы баар: “саха ынаҕа”, “саха сылгыта”, “саха кууруссата”, “саха быһаҕа”, “саха киинэтэ”, “саха эмчитэ”, “саха иһитэ”, “саха оҕурсута”… оннооҕор, “саха индюга” диэни истибитим.
Түмүктээн эттэххэ, өбүгэ өһө уонна утум салҕаныыта быстыбат ситимнээх өйдөбүллэр. Биһиги иннибит диэки барарбытыгар, үүнэн-сайдан иһэрбитигэр өбүгэбит хаалларбыт баайа олус улахан суолталаах.
Андреева Вера , С.И. Тарасов аатынан
Өрт орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ, Горнай улууһа.