Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар ахсынньы 8-9 күннэригэр республикатааҕы XIII-с “Өбүгэ оонньуулара” спорт бэстибээлэ ыытылынна. Бу күрэххэ 6 улуустан уонна Дьокуускай куорат уокуругуттан 9 хамаанда күөн көрүстэ. Кыттааччылар 10 көрүҥҥэ күүстээҕи быһаардылар. Күрэхтэһии түмүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолата буолла, иккис Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата, Сунтаар улууһуттан Бордоҥ орто оскуолата үһүс миэстэни ылла.
Бары көрүҥнэр түмүктэринэн кыргыттарга чемпион үрдүк аатын Осипова Елизавета (Улахан Аан), уолаттарга Иванов Вася (Маҕарас) ыллылар.
Бу күннэргэ биһиги ыалдьыттары, судьуйалары, кыттааччылары кытта кэпсэттибит.
Петр Гаврильевич Дягилев, СР агрооскуолаларын Союзтарын толорооччу дириэктэрэ, кылаабынай судьуйа: “Өбүгэ оонньуулара” спортивнай бэстибээл быйыл республикабытыгар уон үһүс сылын ыытыллар. Сахалыы умнуллан хаалбыт көрүҥнэри сайыннарарга, саха оҕото этэ-хаана сайдарыгар туһалаах буолуо диэн ыытабыт. Республикабыт үрдүнэн 92 агрооскуола баар, бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ Саха сирин араас улуустарыттан 9 агрооскуола кытта сылдьар. 2023 сылга агрооскуолалар тэриллибиттэрэ 35 сыла буолар, онон эһиил өссө элбэх оскуола кыттарыгар ыҥырабыт. 2019 с. “Өбүгэ оонньуулара” Таатта улууһун Уус-Таатта нэһилиэгэр буолбута. 2-с Малдьаҕар орто оскуолата саха төрүт оонньууларын өйүүр”.
Петр Иванович Хабаров, “Чыысхай” оонньуу ааптара, судьуйата: “Чыысхай” өбүгэ хомуур оонньуута Саха сиригэр 2010 с. аан бастаан оонньоммута. Новгород куоракка бу оонньуу лауреат аатын ылан кэлбитэ. Бу оонньуу оҕону сымса-сылбырҕа буоларга, булугас өйдөөх, түргэн, сэрэхтээх сылдьарга үөрэтэр. “Военное дело якутов” диэн научнай чинчийиини сэҥээрэн, онно олоҕуран бу оонньууну толкуйдаабытым. Чыысхай саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри боотуру иитэр-үөрэтэр ньымалардаах: чопчу быраҕыы, сытыы быраҕыылартан аһаран биэрии курдук хамсаныылары эрэйэр. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн дойдубар Абыйга оонньообут оонньуум саҥа кэм ыччаттарыгар туһалаах буолуо диэн толкуйдаабытым олоххо киирбититтэн үөрэбин”.
Григорий Григорьевич Сысоев, М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэрэ: “Биһиги оскуолабытыгар “Өбүгэ оонньуулара” быйыл иккис сылын ыытылынна. 2019 с. Уус-Тааттаҕа буолбут күрэхтэһиигэ кыттан, 12 хамаандаттан 3-с миэстэ буолбуппут. Ол кэннэ аныгыс күрэхтэһии Улахан Ааҥҥа буолуо диэн быһаарыыны өйөөбүттэрэ. Саха төрүт көрүҥнэрэ оҕо кыра эрдэҕиттэн этэ-хаана сайдарыгар көмөлөһөр. Аан бастаан Горнай Маҕараһыгар бу күрэхтэһиини көрбүтүм, онтон ыла бу көрүҥү сайыннарыахпытын наада дии санаабытым. Биһиги учууталбыт Павлов В.В. аатынан “Дьулурҕан” диэн саха төрүт көрүҥнэригэр күрэхтэһии ыытабыт. Ол иһин оҕолорбут сайдан иһэллэр”.
Эллэйхан Атаков, П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин өбүгэ оонньууларыгар саҥа холонон эрэбин. Бэйэм мас тардыһыытынан сөбүлээн дьарыктанабын. Өбүгэ оонньуулара тулуурдаах буоларга, киһи доруобуйатыгар, имигэс буоларга көмөлөһөр. Ким күүстээх – ол кыайдын”.
Дарина Андреева, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин бу бастакыбын олоҥхо көрүҥэр кытынным. Варвара Николаевна Корякина саха тылын учуутала миигин дьарыктаата. Киһи олоҥхону этэр буоллаҕына, тыла-өһө байар, элбэҕи билэр, сахалыы саҥарарга көмөлөһөр дии саныыбын. Төрдүс миэстэ буоллум. Мин волейболунан, үҥкүүнэн дьарыктанабын”.
Алена Максимова, Сунтаар улууһун Бордоҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин санаабар, хабылык, хаамыска өйгүн сайыннарар, тарбахтарын имигэс, түргэнник хамсанар буоларыгар, тутум эргиир, кириэс тэбии бэйэҕин кыанаргар көмөлөһөр. Мин хабылыгы, хаамысканы, кириэс тэбиини сөбүлээн көрөбүн. Бэйэм олоҥхоҕо кытынным”.
Инна Алексеева, Уус Алдан Суотту орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин кыра эрдэхпиттэн олоҥхо толоруутунан дьарыктанабын. Киһи сөпкө тыынарга, саха тылын сайыннарарга элбэх туһаны аҕалар уонна сыанаҕа кыбыстыбакка кыттарга. Наталья Валерьевна мин салайааччым, кини Суотту театрын специалиһа. Мин кытта кэлбит оҕолорго ситиһиини, кыайыыны баҕарабын”.
Александра Захарова, 2 Дьөппөн орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: “Бэйэбин күүстээх курдук сананарга, туохтан да кыбыстыбакка кыттарга көмөлөһөр. Кириэс тэбии, ойбонтон уулааһын, тутум эргиир, хаамыска, хабылык курдук элбэх көрүҥҥэ кыттабын. Оҕолорго туохтан да куттаммакка, салгыы бара туруҥ диэн сүбэлиибин. Аа-дьуо айанныҥ – ыраахха тиийиэҥ”.
Айсен Егоров, Кэбээйи орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин бүгүн олоҥхо толоруутугар кыттан кыайыылаах буоллум. 4 сааспыттан дьарыктанабын. Эбэм миигин олоҥхоҕо сыһыарбыта. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттар буолбутум. Олоҥхону ааҕар киһи тиэкиһи түргэнник өйдүүр буолар, ааҕарга, кэпсииргэ, саха тылын билэргэ көмөлөһөр. Оҕолорго ситиһиини, кыайыы үктэллэниҥ, үчүгэйдик кыттаҥҥыт дьоҥҥутун, учууталларгытын үөрдүҥ диэхпин баҕарабын”.
Илья Гурьев, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин 6-с кылаастан саха төрүт көрүҥнэринэн дьарыктанабын. Киһи тулуурдаах буоларыгар, омук быһыытынан уратыгын сайыннараргар көмөлөһөр. Саамай сөбүлүүр көрүҥүм наартыны ойуу, көтөх ынаҕы туруоруу буолар. Өбүгэ төрүт көрүҥнэринэн ким баҕарар дьарыктаныан сөп, оннооҕор дьиэҕэр хоһуҥ иһигэр, онон барыгытын дьарыктанаргытыгар ыҥырабын”.
Ким Ширяев, Н.Д. Неустроев аатынан Уус-Таатта орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: “Мин хотугу многоборьенан сөбүлээн дьарыктанабын. Ол эрэн маннык күрэхтэһии буоларын истэн баран кыттарга санаммытым. Чыысхай оонньуу түргэн-тарҕан буоларга көмөлөһөр. Саамай үчүгэй көрүҥ миэхэ наартыны ойуу буолар. Бүгүн кэлбит оҕолорго ким бэлэмнээх кыайдын диэн баҕарабын”.
Сережа Окороков, П.Н., Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччиттэ: “Мин саамай сөбүлээн хаамысканан дьарыктанабын. Саха өбүгэтин оонньуулара киһи болҕомтолоох, сымса буоларыгар көмөлөһөр. Бу күрэхтэһиигэ чиэһинэйдик кытталларыгар баҕарабын. Бэйэм волейболунан дьарыктанабын, ол эрээри бэйэбит төрүт оонньууларбытынан эмиэ интэриэһиргээтим”.
Саха төрүт оонньуулара өссө да сайда турдуннар, оҕолорго барыларыгар ситиһиилэри баҕарабыт.
Аман Еремеев, М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолата.