Ахсынньы 18-21 күннэритгэр спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Манчаары Баһылай аатынан «Модун» спортивнай комплексыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолаларын икки ардыларыгар «Өбүгэ оонньуулара» XIV-с этнофестиваль ыытылла турар. Бу тэрээһин «Агро» нэдиэлэ чэрчитинэн, А.В. Чугунов 85 сааһыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолалара тэриллибитэ 35 сылыгар ананар.
Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан барыта 13 хамаанда 8 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Ол курдук, Амма, Сунтаар, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Кэбээйи, Бүлүү, Горнай, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта улуустарыттан, Тулагы, Хатас агрооскуолаларыттан 78 оҕо үс күн күөн көрсүөхтэрэ.
«Өбүгэ оонньуулара» этнофестиваль үөрэнээччилэр эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, үлэҕэ-хамнаска сыстаҕас, өбүгэ оонньууларын, төрүт култуураны өрө тутар дьон буолалларыгар туһуланан, 2008 с. тэриллэн ыытыллар.
«Көтөх ынаҕы туруоруу», «Кириэс тэбии», «Ойбонтон уулааһын», «Чыысхай», «Хабылык», «Хаамыска» курдук төрүт оонньууларга оҕолор ким ордук кыахтааҕын, ким ордук бэлэмнэммитин быһаарсыахтара. Ону таһынан олоҥхону толоруу күрэҕэ эмиэ баар.
Алина Дмитриева, VIII «Б» кылаас, Анжелика Гаврильева, VI «А» кылаас, Тулагы оскуолата:
– Тутум эргиир, кириэс тэбии, ойбонтон уулааһын, хабылык, хаамыска көрүҥнэргэ кыттабыт. Бастакытын маннык күрэхтэһиигэ кытынныбыт. Кыралаан долгуйуу баар. Оҕолор бары бэлэмнэнэн, тэринэн, ыраах улуустартан кэлбиттэр. Ким үчүгэй бэлэмнээх, ол кыайыа.
Саян Матчитов, IX кылаас, Клавдий Егоров, X кылаас, Кэнтик оскуолата, Үөһээ Бүлүү:
– Хотугу многоборьенан, волейболунан сөбүлээн дьарыктанабыт. Сыл устата араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Бүгүн оҕунан ытыыга кыахпыт баарынан кытынныбыт. Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарабыт!
Нарыйаана Захарова, Айсар Платонов, Арсений Портнягин,
«IT-cube» цифровой үөрэхтээһин киинин
«МедиаПРО. Спорт» куурус эдэр кэрэспэдьиэннэрэ