51 сыл анараа өттүгэр бүгүн, 1972 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр, Мюнхен куоракка (Германия) ыытыллыбыт Олимпиадаҕа Роман Дмитриев сахалартан аан бастакытын көҥүл тустууга чемпион аатын ылбыта.
Роман Дмитриев Чурапчытааҕы оскуола-интэринээккэ үөрэммитэ, улуу тренер Д.П. Коркин иитилээччитэ. 1972 сыллаахха XX Олимпиадаҕа көмүс, 1976 сыллаахха XXI Олимпиадаҕа үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына буолан, Саха сирин Аан дойдуга иһитиннэрбитэ, саха спордун историятыгар көмүс буукубанан суруллубута.
Роман Михайлович — ССРС спордун маастара, Саха АССР физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, «Бочуот Знага», «Хотугу Сулус» уордьан кавалера, Эдьигээн, Чурапчы, Бүлүү улуустарын, Дьокуускай куорат Бочуоттаах олохтооҕо.
Кини тустуук, тренер буоларын таһынан, Саха сирэ сайдарын туһугар үлэлээбит бөдөҥ государственнай деятель.
«Кэскил» оҕэ бэчээтин кыһатын «Бэлэм буол» сурунаала балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар, Д.П. Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан «Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха» диэн оскуола оҕолоругар, спорду сэҥээрээччилэргэ туһаайан, анал сыһыарыы тахсыаҕа. Бу сыһыарыы Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай Албан аат музейын матырыйаалыгар олоҕуран бэлэмнэннэ. Сүбэһит — музей научнай үлэһитэ А.П. Спиридонова.
Анал сыһыарыыга тренер Д.П. Коркин олоҕун кэрчигэ, иитиллээччилэрин туһунан тренер бэлиэтээһиннэрэ, кини эрчийэр, үөрэтэр уратылара киирдэ.
Роман Дмитриев кыайыыта элбэх көлүөнэ ыччакка холобур буолар, ситиһиигэ кынаттыыр.
Мария Иванова.