Биһиги оскуолабыт экологическай хайысхалаах үлэлиир буолан, былырыыҥҥыттан кус-хаас иитиитинэн дьарыктанабыт.
Бастаан сымыыт атыылаһан, инкубаторга таһаарбыппыт. Сайын улаатаннар, бэйэлэрэ көҥүл сылдьыбыттара, күөлгэ сөтүөлээбиттэрэ. Кыһын кинилэргэ анаан сылаас дьиэ оҥорон, тоҥмокко-хаппакка үчүгэйдик кыстаатылар.
Олунньу ыйтан сымыыттаан саҕалаатылар.
Онтон инкубаторбытыгар быйыл эмиэ сымыыт бэлэмнээн укпуппут. Бүгүн, олунньу 16 күнүгэр, 5 кус оҕото таҕыста! Өссө да тахсалларын кэтэһэбит.
Биһиги маны барытын кэтээн көрөбүт, сурунаалга бэлиэтэнэбит, чинчийэр үлэ оҥоробут. Ол түмүгүнэн научнай-практическай конференцияларга кыттабыт.
Саҥа тахсыбыт кустары оҕолор сэргии көрөллөр. Сылдьыбыт ыалдьыттарга кустарбытын-хаастарбытын көрдөрөбүт.
Эрвин ЯНЦЕН, VI кылаас,
Т.М. Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолата, Чурапчы.