«Эһиги миигин өйдүөххүт» – Ольга Петровна Иванова биир ырыатыгар этиллэр тыллара. Кини ырыаларын клип устан билиһиннэрии «Амма чэчирэ» ансаамбыл үлэтин биир сүрүн сыала.
«Амма чэчирэ» ансаамбыл репертуара олус баай: Ольга Петровна ырыаларыттан саҕалаан Амма мелодистарын ырыаларыгар тиийэ. Араас кэмҥэ суруллубут ырыаларга клип устан дьоҥҥо тиэрдэбит.
2018 с. Короленко хайатыгар Ольга Иванова тылларыгар уонна мелодиятыгар «Оленегорск Һээдьэтэ» ырыатыгар клип уһуллубута.
2019 с. Гелярий Владимирович Сидоркевич 75 сааһыгар анаан уһуллубут «Амма-Өнньүөс-Таҥха-Өнтө Хайата-Короленко Хайата-Амма» маршрутунан экспедицияҕа сылдьыбыппыт. Уу анаалыһын оҥорбуппут. Семен Капитонов тылларыгар, И. Гаврильев-Лэкиэс мелодиятыгар «Лээгим миэнэ» ырыаҕа клип устубуппут. Эмиэ бу сыл Ольга Иванова, Серафим Кулачиков – Эллэй тылларыгар «Уйгулаана», 2021 с. «Нэмсиду», 2022 с. .«Эдэр ленинецтэр ырыаларыгар» (О.Иванова мелодията, Эллэй тыллара) клип оҥорон таһаарбыппыт. Биһигини кытта салайааччыларбыт А.М. Матвеева, М.И. Слепцова, клипмейкер Ион Иванов, оператор, монтажер Косиор Карманов, Василий Татаринов үлэлээбиттэрэ.
Ольга Петровна поэт Эллэй хоһоонноругар сөбүлээн ырыа айар этэ. «Умай, умай, аал уотум умуллубат кутаанан. Дуорай, дуорай, тойугум туундара, тайҕа устунан» диэн ырыаны тута ыллаан кэбиспитим. Эллэй хоһооннорун мин олус түргэнник ыллыырым. Хайдах эрэ бэйэҥ ол хоһооннорго бэлэм сылдьар курдуккун. Кини миэхэ түргэн баҕайытык суруйар», – диэн ахтан ааспыт Ольга Петровна Иванова.
Бу ырыаҕа клип устарбытыгар ансаамбыл иитиллээччилэрэ бары пионер буолан марштаабыппыт, горнҥа, барабаҥҥа оонньообуппут.
«Үөрэргэ үөрэниэҕиҥ» диэн Ольга Иванова суруйбут ырыатын оҕолор сөбүлээн ыллыыбыт. 2023 сыллаахха клип уһуларбытыгар 60-тэн тахса оҕо кыттыыны ылбыта.
Ольга Петровна ырыаларын интернет нөҥүө киэҥ эйгэҕэ клип устан таһааран сырдатар, дьон биһирэбилин ылар «Амма чэчирэ» ансаамбыл биир сүрүн сыалынан ааҕабын.
Айыына ДАВЫДОВА, «Амма чэчирэ» ансаамбыл иитиллээччитэ.