Ийэттэн саҕаланар киһи төрдө, аал уот, алаһа дьиэ. Кинини кытта биһиги саамай истиң, сырдык иэйиилэрбитин ситимниибит. Ийэбит мөссүөнүн хас биирдиибит сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт. Ийэбит күүстээх тапталын уонна кыһамньытын хаһан да умнуохпут суоҕа.
Алтынньы 11 күнэ – Аан дойдутааҕы кыыс оҕо, алтынньы 15 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ күннэрин чэрчитинэн «Ийэ уонна кыыс оҕо күнэ» тэрээһин ыытылынна.
Дьоро киэһэни 2 кылаас үөрэнээччилэрэ, «Эрэл» уолаттар ансаамбыллара ыллаан, Зоя Дмитриева үҥкүүлээн уонна 9 кылаас үөрэнээччилэрэ Коля Ефремов, Арчылаан Барашков тэрээһини ыытан киэргэттилэр.
Бу тэрээһиҥҥэ ийэлэрбит кыргыттарынаан быыстапка туруордулар. Араас дьэрэкээн оҕуруонан тиһиллибит симэхтэн саҕалаан, талаҕынан оҥоһуктарга тиийэ киһи кэрэхсии көрөр быыстапката буолла. Ийэлэрбит, кыргыттарбыт иллэҥ кэминээҕи дьарыктара киһини сөхтөрдө.
Тэрээһин кэмигэр биһиги ийэлэрбит Анна Викторовна Новгородова, Нюргуяна Васильевна Мохначевская уонна Елена Егоровна Копырина кыргыттарга маастар-кылаас ыыттылар.
Анна Викторовна «Оҕуруонан тиһии» маастар-кылааhын кыргыттар сэҥээрдилэр, биһилэх, браслет тиһэ охсон киэргэннилэр. Онтон Нюргуяна Васильевна уонна Елена Егоровна брелок баайарга үөрэттилэр. Кыргыттарбыт тэрээһин түмүгэр киэргэллэнэн, брелоктанан үөрүүлэрэ үксээтэ. Дьоро киэһэбитин киэргэппит, кыттыбыт төрөппүттэрбит махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Биһиги ийэлэрбитин наһаа таптыыбыт, ийэ – саамай чугас, күн курдук киһи буолар. Эһиги баар буолаҥҥыт – олох салҕанар. Эһиэхэ таптал уонна махтал ананнын.
Арчылаан Барашков, IX кылаас
«Алаҕар Кэскилэ» медиа киин
Г. Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолата
Чурапчы