Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус саха сээркээн сэһэнньитэ, норуот ытык киһитэ. Кини эдэр сылдьан биһиги Эмиспитигэр Айыыһыты көрбүтүн туһунан “Саха” араадьыйатыгар кэпсээбитэ. Ол маннык эбит.
Сороҕор массыынаҕа олорсон, үксүгэр сатыы хааман Аммаҕа Эмис нэһилиэгэр тиийэр соруктаах айаннаан испит. “Ол дойдуга, доҕоттоор, Айыыһыты илэ бэйэтин көрөн турабын”, – диэн этэр Мандар Уус.
Үрэх устар сиринэн кэлэн иһэн көрдөҕүнэ, биир тумул иһигэр халлаан сандааран ахан турар эбит. Өйдөөн көрбүтэ, мастар барыта иккилии күлүктээхтэр. Хаһан даҕаны оннугу көрбөтөх буолан, улаханнык сөхпүт. Айылҕаҕа туох барыта биир күлүктээх. Бэйэтин көрүммүт – эмиэ икки күлүктээх. “Эс, хайдах, хайдах баҕайыный?” – диэн муодарҕаабыт. Онтон өйдөөн көрбүтэ – тумул иһигэр маһа барыта сандааран олорор. Тумул иһиттэн кыракый күн курдук саһархайдыҥы уот сандааран көстөр эбит. Иһирдьэ уот умаппыт курдук, сып-сырдык. Тумул иһигэр киирбитэ күн курдук иккис күн баар. О иһин икки күлүктээх эбит.
“Арай мастар үрдүлэринэн, тумул нөҥүө өттүгэр киһи төбөтө көстөр. Үүнэн турар ойуур мастара Айыыһытым синньигэс биилигэр эрэ тиийэллэр. Былыргы саха таҥаһа барыта киниэхэ баар. Үрүҥ көмүскэ тиийэ. Кини саҕа эйэҕэс көрүүлээх суох буолуохтаах”, – диэн кэпсиир Мандар Уус. https://vk.com/wall-212001794_850
Айыыһыты көрбүт күнүттэн турар бэйэтэ уларыйбыт. Онтон ыла кини биирдэ даҕаны Айыы дьонугар кыыһырбат буолбут. Үтүөнү, үчүгэйи эрэ оҥорорго таласпыт.
“Дьэ доҕоор, онон Амма Саха сирэ эрэ буолбатах, Аан дойду барыта ытыктыахтаах, үҥүөхтээх дойдута эбит. Айыы тайбыт дойдута буоллаҕа Амма сирэ”, – диэн Мандар Уус кэпсээнин түмүктүүр.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынын Эмис орто оскуолата, Амма
Ангелина Апросимова уруһуйа