Бүгүн бэс ыйын 1 күнэ. Оҕо көмүскэлин аан дойдутааҕы күнэ. Ханнык да кэмҥэ судаарыстыба оҕоҕо кыһаммата диэн суох. Оҕо дьиҥэр, бэрт кылгас кэм иһигэр өйө-санаата сайдан, киһи буолан үүнэн-үрдээн тахсар.
Бу кылгас кэм иһигэр оҕоҕо көмөлөһөр, кинини көмүскүүр киһи олус элбэх – ийэттэн аҕаттан, эбээттэн, эһээттэн саҕалаан оҕо саада, оскуола, былаас уорганнара, туһааннаах тэрилтэлэр. Оҕоҕо ананар көмө хаачыстыбытыттан, ис хоһоонуттан бүтүн норуот инники дьылҕата, өрөспүүбүлүкэ сайдыыта улахан тутулуктаах.
Ис үлэ
Дьокуускайдааҕы “Айыы кыһата” национальнай гимназия XI уонна IV кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах Иэйэхсит холумтанын олордуу сиэрэ-туома, ону кытта туруу-линейка буолан ааста. https://vk.com/video-199463452_456240374
Айыы үөрэҕин түсчүтэ, суруналыыс, гимназия учуутала Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл бэлиэтээн эппитин курдук, бу үлэни түмүктүүр отчуоттуур ырыа-тойук, кэнсиэр буолбатах. Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолаҕа ый аайы Айыы холумтанын олордуу сиэрэ-туома ситимнээхтик ыытыллан кэллэ. Оҕолор сирэйдиин-харахтыын сырдаан, харахтара уоттанан, “бу миэнэ, бэйэм гиэнэ” диэн чугастык ылыналлара киһи хараҕар тута быраҕыллар.
Тэрээһиннэр оскуола территориятыгар оҥоһуллубут “Айыы дайар туоната” түһүлгэҕэ ыытыллаллар. Манна кулун тутар ыйга Дьөһөгөй, муус устар ыйга Айыыһыт, онтон ыам ыйыгар Иэйэхсит айыы сиэрин-туомун оҥорон ыыппыттар. Халлаан туругуттан, тыалыттан, тымныытыттан тутулуга суох, бу тэрээһиннэр таһырдьа буолалларын оҕолор олус сөбүлээбиттэр.
— Үөрэх дьылын устата кылаастарыгар кыра-кыралаан сиэри-туому толорон кэллилэр. Ол барыта түмүллэн оскуолаҕа дьиэ олоҕун курдук быһыыны-майгыны үөскэтэр. Оҕо дьону кытта бииргэ сылдьан, тэҥҥэ толорон, “бу маннык майгы баар эбит“ диэн өйү-санааны бэйэтигэр иҥэринэн олохсутар. Бу ис үлэ диэн ааттанар. Оскуолабытыгар “Ытык дабатыы” диэни саҕалаатыбыт. Ол аата кылаастар ыйдарынан сиэри-туому оҥорууга, үгэһи толорууга тугу гыналларын анал стендэ оҥорон көрдөрөн иһэллэр. Кэлэр үөрэх дьылыттан маны күүскэ үлэлэтэн барыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, оҕо дьиэтигэр ылбатаҕын кылааһыгар кэлэн көрөн, онно кыттыһар кыахтанар. Өйүн-санаатын сааһыланар, бэйэтин диэки эргиллэр, толкуйдуур буолар, – диэн кэпсиир Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл.
Махтал. Таптал. Эрэл
“Айыы кыһатыгар” киирээти кытта үс күлүүс тыллар суруллан тураллар: “Махтал. Таптал. Эрэл”.
— Ханнык да түгэҥҥэ туох да буолбутун иһин ону барытын махталынан ылынабыт. Олоҕу таптыыр эрэ киһи тулалыыр эйгэни махталынан ылынар. Тапталлаах киһи туохтан да өлөн-охтон биэрбэт, олоҕун оҥостон, дьоллоох, куруук эрэллээх буолар. Оскуоланы бүтэрээччилэр “экзаменнарбытын туттарыаххыт” диэн эрэллээх санаанан күүскэ бэлэмнэниҥ, эрэлгитин хаһан да сүтэримэҥ. Онтон биһиги эһиэхэ куруук эрэнэбит. Ханнык да түгэҥҥэ өйүүргэ бэлэммит, – диэн “Айыы кыһата” дириэктэрэ Лидия Петровна Шамаева оҕолоругар үтүө, истиҥ, иһирэх тылларын анаата.
Ураты суолталаах
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕоҕо, үөрэхтээһиҥҥэ улахан болҕомтотун уурарын туһунан этэр.
— Тоҕо диэтэххэ, биһиги ыччаттарбыт, кинилэр билиилэрэ-көрүүлэрэ өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыыта буола. Быйылгы үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 633 оскуола үлэлиир. “Айыы кыһата” ураты суолталаах оскуола буолар. Хара маҥнайгыттан тэриллэн үлэлиэҕиттэн ыла төрүт култуурабытын, историябыт, норуоппут үгэһин, Ийэ тылбытын ыччакка тириэрдэр суолталаах оскуола, – диэн Сергей Васильевич Местников Иэйэхсит холумтанын олордуу сиэригэр-туомугар, ону кытта туруу-линейкаҕа санаатын үллэһиннэ.
***
Айыы дайар туонатыттан оҕолорбут киһи буолан үрдээн, саха буолан сандааран таҕыстыннар!
Сардаана МАТВЕЕВА