Үөһээ Бүлүүтээҕи 6 №-дээх “Солнышко” оҕо саада Ааҕыы сылын «Уһуйааччы муннуга» күрэҕинэн түмүктээтэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтин, “Чуораанчык” сурунаал эрэдээксийэтин кытта холбоһуктаах күрэх куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна.
Саха оҕотугар аналлаах оонньуулары айан таһаарыыга анаммыт күрэххэ өрөспүүбүлүкэ үс улууһуттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан, Горнайтан, тоҕус үлэ киирдэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтэ Ороһуттан А.В. Руфова “Үрдэл” остуол оонньуутун бастыҥынан бэлиэтээтэ. Биһиги, тэрийээччилэр 6 №-дээх “Солнышко” оҕо саада Сунтаар 7 №-дээх “Солнышко” оҕо саадын иитээччилэрин Р.П. Кычкин, И.Д. Васильева «Тургутуу хонуута» дидактическай ооньууну биһирээтибит.
Онтон «Чуораанчык» сурунаал эрэдээксийэтэ үс бастыҥ үлэҕэ анал аатттары туттарда: “Бастыҥ остуол ооньуута” – «Тургуутуу хонуута» (Р.П. Кычкин, И.Д. Васильева, Сунтаардааҕы 7 №-дээх “Солнышко” оҕо саада); “Саҥа сүүрээн” – «Үрдэл» (А.В. Руфова, Ороһу оскуола-саада), «Актуальность» – “Азия оҕолоро” (А.К. Кудаисова, А.М. Брусенина, М.К. Попова (“Туллукчаана” оҕону сайыннарар киин, Маҕарас, Горнай). «Чуораанчык» бастыҥнара сурунаалга бэчээттэнэр туһунан туоһу суруктары туттулар.
«Солнышко» оҕо саада «Чуораанчык» сурунаалы кытта ыкса ситимнээхтик үһүс сылбытын үлэлиибит. Оҕо ааҕар эйгэтин тэрийиигэ сурунаал тирэх базатынан буолабыт. Сахалыы тыллаах оҕо сурунаалын дьарыкка дидактическай матырыйаал быһыытынан күннэтэ туттабыт. Холбоһуктаах күрэхтэри тэҥҥэ ыытабыт. Оҕону кытта үлэҕэ олус туһалаах, наадалаах сурунаал буоларын бэйэбит үлэбитинэн биллибит.
Ирина АДАМОВА, Үөһээ Бүлүүтээҕи 6 №-дээх “Солнышко” оҕо саадын иитээччитэ.