Муус устар 19 күнүгэр Дьокуускай 12 №-дээх оскуолатыгар ааҕааччы конференцията буолан ааста. Оскуола библиотекатыгар ортоку уонна улахан кылаас оҕолоро тоҕуорустулар, кинилэр эрдэттэн Оксана Манчурина «Дьадаҥы баай» кэпсээнин ааҕан, презентацияҕа оҥорон ааҕааччы конференциятыгар кыттаары муһуннулар.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо сахалыы ааҕара, ааҕарын таһынан ырытара, ис хоһоонун өйдүүрэ, айымньы тула кэпсэтэрэ сэдэх көстүү диэххэ сөп. Бу оскуолаҕа сахалыы кылаастар бааллара киһини үөрдэр, сэргэхситэр. Ол курдук саха тылын учуутала Клара Борисовна Ксенофонтова үгүс өрүттээх үлэни ыытар, ону көрөн биһиги кини ыытар үлэтин өссө көҕүлүүр инниттэн сахалыы тылынан ааҕааччы конференциятын ыыттахха хайдах буолуой диэн этиилээх тахсыбыппытыгар тута сөбүлэспитэ уонна ылсан оҕолору кытта үлэлэспитинэн барбыта.
Конференцияҕа автор бэйэтинэн кэлэн кыттыбыта оҕолор сэҥэриилэрин ордук тарта, Оксана Николаевна саҕаланыытыгар бу кэпсээни туохтан сиэттэрэн суруйбутун, тоҕо бу тиэмэни талбытын сиһилии оҕоҕо өйдөнөр гына быһааран биэрдэ.
Ый устата кэпсээни ааҕан, ол сүнньүнэн бэйэлэрин талбыт тиэмэлэригэр презентация оҥорон, ырытыһыыга кыттардыы бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ. Конференциябыт бастакы чааһыгар презентацияны көмүскээһин, онтон ырытыһыы буолла. Сэттэ араас тиэмэҕэ оҕолор санааларын иһиттибит, бииртэн биир сонун санаалар этилиннилэр.
Иккис түһүмэххэ — ырытыыга оҕолор эмиэ толлубакка бэйэлэрин санааларын сайа эттилэр, төрөөбүт тылларынан көҥүл саҥаралларын сөҕө-махтайа иһиттибит, астынныбыт. Киһини тас көрүҥүнэн көрсөллөр, өйүнэн атаараллар диэн өс хоһооно бу кэпсээн сүрүн идиэйэтэ буоларын, киһи өйө-санаата, билиитэ-көрүүтэ, ис туруга төһөнөн киэҥ, дириҥ, кэрэ буолар да соччонон кини дьоҥҥо сыһыана истиҥ, ылбаҕай уонна киэн көҕүстээх буолар эбит диэн биир түмүк санааҕа кэллилэр.
Конференция үлэтин түмүгүнэн 1 миэстэни Уйгууна Тарабукина, Влада Никифорова (10 б), 2 миэстэни Сардаана Макарова (7 б), 3 миэстэни Лиана Прудецкая, Олеся Стручкова (8 б), «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» анал ааты Ганя Садовников (11 б) уонна «Болҕомтолоох ааҕааччы» биһирэбил ааты Дайаана Елегяева (8 б) ыллылар.
Оксана Николаевна салгыы «Ельцин кыыһа» кэпсээни ырыттаргыт диэн бэйэтин баҕа санаатын тириэртэ, бары кыайыылаахтарга автографтаах хомуурунньугу бэлэхтээтэ, сахалыы ааҕарга көҕүлээтэ, кылгас кэпсээннэргэ, сахалыы киинэлэргэ бэйэлэрин санааларын суруйалларыгар ыҥырда, баҕар эһиги кэккэҕититтэн критиктэр, суруйааччылар, корреспонденнар тахсыахтара диэн бүччүм санаатын үллэһиннэ.
Бу курдук оҕону бэйэтин төрөөбүт тылынан ааҕарга, айымньыны ырытарга уһуйар, угуйар үлэни биир кэлимник ыытыы оскуола библиотекатын биир сүрүн соругунан буолар.
Павлова Христина Петровна, Чичахова Ольга Иннокентьевна, 12 №-дээх оскуола педагог-библиотекардара