Мин аҕам, Мочегусов Роман Иванович, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба Тааттатааҕы филиалын Чымынаайы учаастагар хачыгаарынан үлэлиир. Кини үс оһоҕу оттон оҕо уһуйааныгар уонна чааһынай дьиэлэргэ сылааһы биэрэр. Сменатыгар сууккаҕа икки туонна чоҕу оттор. Кыһын тымныыга ол өссө элбиир. Хачыгаар үлэтэ барыта илиинэн: чох киллэриитэ, күл таһаарыыта. Бу элбэх сыраны эрэйэр.
Үлэтэ ыарахан, сылаалаах да буоллар, аҕам араас таһымнаах күрэхтэргэ: ырыа куонкурустарыгар, спорт араас көрүҥэр, күрэхтэригэр, үлэлиир тэрилтэтин чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ. Нэһилиэк, улуус олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Ыллыыр, араас куонкурустарга кыттар. 2021 сыллаахха «Саха ырыата» норуот ырыатын өрөспүүбүлүкэ аһаҕас күрэҕэр кылаан кыайыылаах буолбута. 2022 сыллаахха нэһилиэк сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн «Кубок НВК» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх финалыгар кыттыбыта. Биһиги тэлэбиисэринэн нэдиэлэ ахсын долгуйа аҕабытын көрбүппүт. Ону таһынан аҕам балыксыт, булчут бэрдэ.
Аҕабынан киэн туттабын, холобур оҥостобун! Кини миэхэ куруук бастыҥ.
Илиан Мочегусов,
Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын
аатынан Чымынаайы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, Таатта улууһа