Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын хабан ыытар биир сүрүн бырайыага – «Төрүччү». Манна олоҕуран, «Кэскил» медиа-оскуолалары кытта холбоһуктаах тэрээһиннэри, ситимнээх үлэлэри түмэн, хайысхалаан ыытар.
Ол түмүгэр оҕо төрдүн-ууһун билэригэр интэриэһэ үөскүүр, көрүүтэ-истиитэ кэҥиир, хараҕа умайар, саҥа көрүүлэр үөскээн тахсаллар. Оҕо бэйэтигэр эргиллэн, «мин кимминий?», «туох силистээх-мутукаах киһи буолабыный?», «мин төрдүбэр-ууспар туох дьоҕурдаах дьоннор төрөөн-үөскээн ааспыттарай?», «мин кинилэртэн тугу иҥэринэн бэйэм сайдыыбар, киһи буолан тахсыыбар туһаныахпын сөбүй?» диэн анааран көрөр кыахтанар.
2023 сыл ахсынньы 19 күнүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын кытта улуус бары оскуолаларын хабан, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» диэн холбоһуктаах түһүлгэни тэрийэн ыыппыта.
Улуус оскуолаларын үөрэнээччилэрэ биэс хамаандаҕа арахсан, бэйэлэрин бырайыактарын көмүскээбиттэрэ. Оҕолор биир бастакынан 2003-2010 сс. Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, 2010-2014 сс Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенэ, 2014-2018 сс. Саха өрөспүбүүлүкэтин Ил Дархана, билигин РФ сенатора Егор Афанасьевич Борисов 70 сааһын көрсө оҕо сааһын, дьиэ кэргэнин, ыаллыы олорор чугас дьоннорун үтүө сабыдыалларын туһунан; 1960-1980-с сылларга хос эһэлэрэ, хос эбэлэрэ сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн ВДНХ-ҕа кыттан, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар дойду тэбэр сүрэҕин Москва куораты кытта ситимнээбиттэрин туһунан; Сэбиэскэй сойуус куораттарыгар үөрэнэн араас идэни баһылаабыт, онно олохсуйа хаалбыт аймахтарын туһунан; былыргы саха уустара оҥорбут, дойду араас собуоттарыгар, фабрикаларыгар оҥоһуллубут эбээ, эһээ тутта сылдьыбыт, бүгүҥҥэ күҥҥэ диэри кичэллик хараллан тиийэн кэлбит иһиттэрин-хомуостарын, малларын туһунан кэпсиир-көрдөрөр бырайыактары оҥорон таһаарбыттара.
Киирбит бырайыактарга олоҕуран, Чурапчы улууһун С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Кэскил» меди-оскуола юнкордара, кинилэр салайааччылара Лидия Ивановна Лукина өттүттэн дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах патриотическай форуму өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэрийэн ыытыаххайыҥ диэн этии киирбитэ.
Онон Чурапчы улууһун оҕолоро бу киирбит этиини ахсынньы 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка Ил Дархан Харыйатын чэрчитинэн ыытыллыбыт оҕолор гражданскай форумнарыгар билиһиннэрбиттэрэ. Хаҥалас, Эбээн Бытантай, Жатай, Дьокуускай куорат оҕолорун кытта түмсэн, гражданскай форумҥа «Медиа уонна коммуникация» хайысхатыгар биир хамаанда буолан үлэлээбиттэрэ.
Араас улуустартан мустубут оҕолор кэпсэтии, ырытыһыы түмүгүнэн, Чурапчы улууһун үөрэнээччилэрин бырайыагын тула түмсэн, «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн бырайыагы оҥорон таһаарбыттара.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оҕолор бэйэлэрэ толкуйдаан, ырытан, кэпсэтэн, илдьиртиһэн таһаарбыт бырайыактарын өссө чочуйан, ис хоһоонун байытан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сыл аҥарын устата сыралаһан үлэлэспитэ үтүө түмүктээх буолла. https://vk.com/wall-199463452_21500
«Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» үрдүктүк сыаналанан Ил Дархан Гранын ылла! Чурапчы улууһун үөрэнээччилэрин бырайыага олоххо киирэр кыахтанна!
Евгения Ивановна Чичигинарова, Чурапчы улууһун үөрэҕэриитин управлениетын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын салайааччыта:
– Биһиги улууспут түөрт оскуолата – Хадаар, Хайахсыт, Чурапчы гимназията, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата үһүс сылларын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн медиа-оскуолаҕа киирэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Чурапчыга буолбут Оҕо ыһыаҕын бэйэбит юнкордарбыт салайааччыларын, куратордарын кытта ураты ис хоһоонноохтук сырдаппыттарын иитии-үөрэтии эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьоҥҥо, улуус олохтоохторугар, суруйар-бичийэр идэлээх дьоҥҥо ураты көстүүнэн, үлэ саҥа хайысхатынан буолбута диир туох да омуна суох. Аммаҕа буолан ааспыт Олоҥхо ыһыаҕар «Кэскил» үлэлэппит оҕо пресс-киинигэр Хайахсыттан Изольда Харлампьева, Чурапчы гимназиятыттан Арина Сотникова, С.А. Новгородов аатынан орто оскуолатыттан Кэскилээнэ Сивцева, Сайаана Сорокоумова үлэлээтилэр. Аммаҕа анаан айаннаан тиийэн, икки күн устата «Кэскил» куратордарын кытта тэҥҥэ сылдьан ис хоһоонноох сырдатар видеоларын, матырыйааллары суруйбуттарын көрө, ааҕа олордубут. Аны «Азия оҕолоро» оҕо пресс-киинигэр Хайахсыттан Вадим Колесов, Света Заровняева, Хадаартан Алена Ксенофонтова, Чурапчы гимназиятыттан Вилена Стручкова улахан суруналыыстартан туох да уратыта суох дириҥ ис хоһоонноохтук сырдаппыттарын эмиэ бу күннэргэ ааҕа, көрө олордубут.
Сотору кэминэн бастыҥ үлэлээх юнкордарбыт Хадаартан Алена Ксенофонтова, Хайахсыттан Вадим Колесов «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата тэрийэн ыытар Москва куоракка үөрэтэр ис хоһоонноох айаҥҥа турунаары сылдьаллар. Оҕону иитии үлэтигэр маннык улахан көмөлөрүн, өйөбүллэрин, ис хоһоонноох үлэлэрин иһин мин бастакы уочарат Ольга Ивановна Семенова дириэктэрдээх Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар, оҕолорун кытта тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар медиа-оскуола салайааччыларыгар Лидия Ивановна Лукинаҕа (С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата), Саргылана Прокопьевна Леонтьеваҕа (А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата), Саргылана Гаврильевна Марковаҕа (С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията), Агафья Афанасьевна Седалищеваҕа (С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата) дириҥ махталбын тиэрдэбин.
Ахсынньы ыйга Чурапчы гимназиятын базатыгар тэрийэн ыыппыт бырайыактары сөптөөхтүк оҥорууга, көмүскээһиҥҥэ үөрэтэр тэрээһиммит түмүгэр оҕолорбут эппит идеалара «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» бырайыак буолан тахсан, түмүгэр Ил Дархан Гранын ылбытын истэммит наһаа үөрдүбүт. Улахан ситиһиинэн иитэр-үлэҕэ күүс-көмө буолар «Кэскиллэрбитигэр» дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Лидия Ивановна Лукина, Хадаар орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, «Кэскил» медиа-оскуола салайааччыта, Чурапчы улууһа:
– «Кэскил» оҕо бэчээтин кытта медиа-оскуола хайысхатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьабыт. Бу үлэ саамай улахан сыаннаһа – оҕо барытын бэйэтин нөҥүө аһардан, бэйэтэ толкуйдаан таһааран, бэйэтэ булан-талан, кэпсэтэн-ипсэтэн үлэлиирэ буолар. Бу үлэҕэ улахан киһи эппитин, кини ыйыытын-кэрдиитин, бэлэми оҥорон биэрбитин толоруу диэн суох. «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» бырайыак бастакы барыла биһиги оҕолорбут көҕүлээһиннэринэн тахсыбыта олус үчүгэй. Мин маны «Кэскил» медиа-оскуоланы кытта үлэбит биир улахан ситиһиитин быһыытынан көрөбүн. Оҕо бэйэтин санаатын, толкуйун бүгүҥҥү общество иннигэр турар сүрүн соруктарын кытта ситимнээн этэ үөрэммитэ – тыа оскуолаларыгар олох улахан ситиһии. Чурапчы улууһун үөрэнээччилэрэ көҕүлээн таһаарбыт бырайыактара Ил Дархан Гранын ылбытынан эһиэхэ улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Бырайыак олоххо киирэригэр салгыы үлэлэһэргэ бэлэммит.
Ил Дархан Гранын ылбыт бырайыак 2024-2025 үөрэх дьылыгар муус устар ыйга диэри оскуола саастаах оҕолору, ыччаты, дьиэ кэргэни хабан үлэлиэҕэ. Дьиэ кэргэн, биирдиилээн нэһилиэк, улуус Россия историятын кытта ситимниир, сүрүн өйдөбүллэри иҥэрэр сыаллаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Хотугу норуоттар генеологияларын институтун дириэктэрэ Константин Ильич Аргунов сүрүн партнер быһыытынан үлэлэһиэҕэ.
«Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» бырайыак чэрчитинэн, «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» быыстапкалар буолуохтара, ол түмүгүнэн тэттик кинигэлэр бэчээттэнэн тахсыахтара. «Дьиэ кэргэним Төрүччүтэ» научнай-практическай конференциялар киэҥ түһүлгэлэрэ тэриллиэҕэ. VII-XI үөрэнээччилэригэр аналлаах нэһилиэк, улуус, куорат кырдьаҕс төрүт олохтоохторун туһунан чинчийэр үлэлэр, ол түмүгэр төрөппүттэри кытта «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» региональнай компонены оҥорон таһаарыы үлэлэрэ ыытыллыахтара.
Бырайыагы түмүктүүр, кыайыылаахтары наҕараадалыыр улахан тэрээһин Дьокуускай куоракка муус устар ыйга ыытыллыаҕа.
Онон кэлэр үөрэх дьылыгар эһигини бука бырыгытын оҕолор бэйэлэр толкуйдаан таһаарбыт «Мин дьиэ кэргэним – Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Туох хаһан хайдах ыытылларын туһунан иһитиннэриилэри «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын социальнай ситимнэриттэн билэ-көрө сылдьыҥ!
Сардаана МАТВЕЕВА,
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ