Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын иһинэн тахсар «Бэлэм буол» сурунаал от ыйынааҕы нүөмэрэ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө ананан таҕыста https://vk.com/video-212001794_456239304
Оскуола оҕолоругар, учууталларга аналлаах таһаарыы научнай сүбэһитинэн «Өксөкүлээх үөрэҕэ» бырайыак ааптара, педагогика билимин хандьытаата Екатерина Петровна Чехордуна буолар. Кини сурунаал киирии тылыгар ааҕааччыларга анаан маннык суруйар:
Эн бүгүн «Бэлэм буол» сурунаал ураты нүөмэрин тутан олороҕун. Бу айар тыл аҕата, бөлүһүөк, инникини өтө көрөөччү, дьулуурдаах, тулуурдаах чинчийээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй оҕо сааһын, олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсиир анал таһаарыы.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2023-2027
сыллары «Өксөкүлээх биэс сылынан» биллэрбитэ. Онно сөп түбэһиннэрэн, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бырайыак иһинэн Саха сирин оскуолаларыгар «Өксөкүлээх үөрэҕэ» диэн уруоктар ыытыллар буолбуттара. Онно иҥэриммит билиигин-көрүүгүн бу анал таһаарыы өссө чиҥэтэн, кэҥэтэн биэриэҕэ диэн эрэнэбит.
Өксөкүлээх өйө-санаата эһиэхэ хас биирдиигитигэр сырдыгынан сыдьаайа турдун диэн алгыспын, баҕа санаабын тиэрдэбин.
Сурунаал бастакы сирэйдэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут үс сэргэтин туһунан Саха сирин картатыгар ойууланан киирдэ.
Үс сэргэтин туһунан сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская эппит тыллара ис хоһоонун байытан биэрэр:
«Өксөкүлээх туохха эмэ ылсарыгар, барытын олохтоохтук толкуйдаан оҥорор эбит. Онон Саха сиригэр үс араас улууска ҮС СЭРГЭНИ туруоруута – туох эрэ үйэлээх толкуйтан саҕыллыбыт буолуохтаах»
Алексей Елисеевич төрүөҕүттэн ыла дьикти дьылҕаламмыта. Кыһыл көмүс манньыаты кытта Өксөкүлээх орто дойдуга киһи буолан айыллан кэлиитин кытта туох сибээстээҕий? Е.П. Чехордуна 2023 с. бэчээттэммит “Өксөкүлээх оҕо сааһа” кинигэтиттэн ылыллан оҥоһуллубут комикс айар тыл аҕатын оҕо сааһын туһунан олус интэриэһинэй сонун чахчылары кэпсиир.
Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун чахчыларын туһунан бу саҥа нүөмэргэ сонуннук сырдатылынна. Кини дуобатчыт, саахымаччыт, кус быһый, ат бөҕө. 24 сыл тухары хас улууһу үөрэх-билии, чинчийии туһа диэн кэрийбитэ буолуой? Быһа холоон барыта хас биэрэстэ сири айаннаабытай? Кини тоҕо Өксөкүлээх Өлөксөй диэн ааттаммытай? Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Николаев Өксөкүлээх Өлөксөйү улуу бөлүһүөк Конфуцийга тэҥниирэ. Бу туһунан Өксөкүлээх Өлөксөй лабораториятын хаһыс да сылларын үлэлэтэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сергей Сергеев, Карина Старостина, оҕолор салайааччылара А.А. Дмитриева, Т.П. Сергеева, Л.Л. Егорова оҥорбут үлэлэригэр уратытык кэпсэнэр.
Өксөкүлээх Өлөксөйү олоххо дьиҥнээхтик көрбүт, кини маҥан атын билэр дьон туох диэн ахталларай? Кини хайдах таҥнан, туттан-хаптан сылдьарай? А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Национальнай гимназия IX кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Иванова суруйуутун сэргээн ааҕыаххыт.
Сурунаал иһинэн тахсар “Мин таптыыр сахам тыла” сыһыарыыга “Өксөкүлээх үөрэҕэ” бырайыак иһинэн Өксөкүлээх айымньыларын хас да уруокка алтыһыннары тутан үөрэтэр саҥа матырыйааллар, уруоктар бэлэм былааннара, видеолара түмүллэн киирдилэр.
Анал сыһыарыы Павловскай орто оскуолатыгар Өксөкүлээх лабораториятын иһинэн үлэлиир учууталлар ааптарскай оҥорон таһаарыыларыгар олоҕурда. Ыл да туһан – барыта бэлэм.
***
Өксөкүлээх Өлөксөй “Сайын кэлиитэ” поэматыгар олоҕуран от ыйын – Аан Алахчын Хотун орто дойдуга суолтатын туһунан “Айыы оҕото” рубрикаҕа билиэххит.
***
Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ”, “Куорат кыргыттара”, “Сайын кэлиитэ” айымньыларыгар ханнык сомоҕо домохтору туттубутай? Ол барыта бүгүҥҥү күннээҕи олохпутугар баар көстүүлэр.
***
“Кэччэгэй баай” хоһоонугар ханнык саха төрүт аһа ойууланарый? Сайыҥҥы өҥүрүк куйааска төрүт аспытын умнубаппыт.
Өксөкүлээх Өлөксөй: “… Өссө бэрдээн барахсан бэйэтэ санаатынан эстэр эбит. Мин сомуогун төрүт да тардыалаабатаҕым ээ”, – диэн дьонун күллэрбит түгэнэ тугу кытта сыһыаннаах этэй? Реас Кулаковскай “Аҕам олоҕо” ахтыы сэһэниттэн ылыллыбыт “Бэрдээн барахсан” Өксөкүлээх Өлөксөйү киһи быһыытынан олох уратытык арыйар.
***
Таатта, Амма, Хачыкаат, Сэйимчээн Алексей Елисеевич олоҕор, айар үлэтигэр туох сыһыаннаахтарый?
***
Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Мотя Назарова, Уйгууна Алексеева, Күннэй Михайлова, Диана Павлова саха саарынын Өксөкүлээҕи хайдах ылыналларый, бүгүҥҥү олохпутун кытта ситимин туохха көрөллөрүй? Учууталлара Фекла Николаевна Шарина Өксөкүлээх айымньыларын нөҥүө оҕо сатабылын сайыннарар үлэтин уопутун туһаныаххытын сөп. Аныгы оҕолор болҕомтолорун, интэриэстэрин Өксөкүлээх Өлөксөй диэки хайдах хайыһыннарыахха сөбүй? Учуутал үлэтин уопутугар ааҕыаххытын, көрүөххүтүн сөп.
***
А.Е. Кулковскай оҕо сааһын эйгэтэ, эбэлээх эһэтэ, ийэтэ Настайа Өксөкүлээх Өлөксөй буолан тахсарыгар хайдах сабыдыаллаабыттарай? Киһи киһитин иитэн таһаарыыга аныгы төрөппүккэ холобур буолар түгэннэр улуу киһибит оҕо сааһыгар арылхайдык көстөн сылдьаллар. Ону туһанар кыах барыбытыгар баар. Сурунаалга киирбит “Дьиэ кэргэн эйгэтэ – олох быстыбат ситимэ” суруйуу эдэр төрөппүт күннээҕи олоҕор туһанар бэлэм “ырысыап” буолуон сөп.
***
1915 с. суруйбут “Итирик бурсуй ырыата” айымньытыгар таарыйар улахан кыһалҕата – арыгылааһын бүгүҥҥү олохпут кыһалҕата, сүрэхпит-быарбыт ыарыыта. Саҥа үүнэн эрэ көлүөнэҕэ ону тиэрдэргэ, бу улахан кыһалҕаттан дьалты тэбинэр ыччаттары иитэн таһаарарга “Итирик бурсуй ырыата” сүрүн инструмен буолуон сөп.
***
“Оттоку олук алгыһа” хоһоонуттан ылыллан оҥоһуллубут тоҕус алгыс оҕо инники олоҕун, суолун-ииһин барытын ыйан-кэрдэн биэрэр.
***
Өксөкүлээх Өлөксөй 1912 с. Хачыкаакка олорон суруйбут “Саха интеллигенциятыгар” Сурук улахан айымньытын Екатерина Петровна Чехордуна оскуола оҕотугар сөптөөх гына наардаан, хайысхалаан, түһүмэхтэринэн арааран оҥордо. Үрдүкү кылаас оҕолоро бу айымньыны ис санааларынан, өйдөрүнэн-сүрэхтэринэн, төрөөбүт түөлбэлэрин инники сайдыытын сүрэхтиин-быардыын ылынан үөрэтэллэригэр туһалаах буолуоҕа. Сурунаал иһигэр бэчээттэммит былакаакка саха интеллегиенциятын инники эрэллэрэ, кэскиллэрэ А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин 2024 с. выпускниктара киирдилэр.
***
Былакаат биир өттүгэр “Төрөөбүт норуотум мин ааппын умнуо суоҕа” диэн Өксөкүлээх Өлөксөй олорон ааспыт олоҕун кэрчиктэрэ инфографика ньыматынан арылхайдык бэрилиннэ. Аныгы оҕо Өксөкүлээх Өлөксөй диэн кимин, тугун чэпчэкитик ылынарыгар туһалаах буоллун диэн.
***
А.Е. Кулаковскайга анаммыт сурунаалга киирбит хас биирдии матырыйаал анал уруһуйдаах. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун араас кэрчиктэрин аныгы оҕоҕо сөптөөх гына “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын худуоһунньуктара Алина Монастыршина, Вероника Жиркова, Анна Иванова, Култуура уонна искусство Арктикатааҕы государственнай институт «Живопись уонна Графика» кафедратын устудьуоннара Милана Васильева, Кристина Галактионова, Анжелика Яковлева уонна биллиилээх худуоһунньук Дмитрий Мухин уруһуйдаатылар.
***
2024-2025 үөрэх дьылыгар «Бэлэм буол» сурунаал от ыйынааҕы нүөмэрин “Өксөкүлээх үөрэҕин” анал таһаарыыта аха, нуучча тылларын, литератураларын, география, история, биология, английскай тыл уруоктарыгар саҥа көрүү, саҥа матырыйаал быһыытынан киэҥник туһаныллыан сөп.
Сурунаалы Дьокууcкай куораттан Бэчээт дьиэтиттэн Орджоникидзе уул. 31 №-тэн, 212, 213 хостон билсиэххитин сөп, төл. 89142807263, 89627301222. Аҕыйах ахсаанынан атыыланар.
keskil14.ru