Н.Е.Мординов-Амма аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын биир сүрүн соругунан — өрөспүүбүлүкэ оҕо-аймаҕын, учууталларын, педагогтарын, төрөппүттэрин ортотугар цифровой уонна уопсай култуурунай компетенцияны сайыннаран, билии-көрүү, интеллект аһаҕас эйгэтин тэрийии буолар. Онон бу хайысханан биһиги иитэр-үөрэтэр, чинчийэр үлэбитигэр-хамнаспытыгар кыттыһаргытыгар ыҥырабыт.
«Целостная жизнь – Бүтүн олох – Life Line»
Биһиги матырыйаалларбыт уонна бырайыактарбыт аан дойдутааҕы наука уонна үөрэҕирии стандартыгар олоҕуран, научнай-үөрэтэр, экспертнэй-анаалыстыыр уонна социокултуурунай киини тэрийиигэ туһуланаллар.
Биһиги бэйэбит идиэйэлэрбитинэн, санаабытынан-онообутунан, билиибитинэн эһигини кытта үллэстиэхпит, бэйэ төрүччүтүн үөрэтиигэ анал платформа сервиһин туһаныыга үөрэтиэхпит. Биһиэхэ кыттыһыҥ, билиигитин кэҥэтиҥ!
Сторителлинг лабораториятын соруга — генеалогия туһунан наука билиитин саҥа технологияны кытта холбоон, дьиэ-кэргэн төрүччүтэ норуот култууратын уонна олоҕун-дьаһаҕын биир чааһа буоларын саҥаттан саҥа көлүөнэҕэ тиэрдии, өйдөтүү. Онуоха оҕо бэчээтин кыһата – генеалог учуонайдар, идэтийбит чинчийээччилэр, историктар, социальнай уонна аһымал бырайыактары тэрийээччилэр, бэйэлэрин төрүттэрин устуоруйатын билиэн баҕалаахтар биир сүбэнэн үлэлиир былассааккалара буолар.
Киһи бэйэтин өбүгэлэрин, удьуорун, төрүччүтүн туһунан билиитэ эбии күүс-уох биэрэр, тирэх буолар. Бу билиини ситиһэргэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын профессионал үлэһиттэрэ көмөнү оҥорор толору кыахтаахтар. Бииргэ үлэлээһин сыаннаһа саҥа билиинэн атастаһыыга, уопутунан хардарыта байытыһыыга сытар. Бу — бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии уонна партнердуу, доҕордуу сыһыан нөҥүө билиини-уопуту, үөрүйэхтэри, сатабылы, компетенцияны уо.д.а. сыаннастары тиэрдии буолар. Бу ураты быһыыны-түгэни биһиги үлэбитигэр туттуохпутун баҕарабыт.
Биир биллэр номоххо этиллэринии: «Аччык киһиэхэ балык биэрдэххинэ – биир күн тотор гына аһатаҕын, онтон балыктыырга үөрэттэххинэ — олоҕун тухары тот буолуоҕа». Биһиги түбэлтэбитигэр үчүгэй ментор, уһуйааччы үөрэнээччитин сымнаҕастык салайан биэрэр, аҥардас бэйэтин санаатын эрэ соҥнообот. Ол курдук, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Целостная жизнь – Бүтүн олох – Life Line» диэн сүрүн тиэмэнэн салайтаран, хас биирдии оҕону угуйар, сүрүннүүр, сайыннарар сыаллаах.
Түмүккэ аймах уонна аҕа, ийэ уустарын бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимин, сибээһин тутулуга суох үөрэтии уонна анаалыстааһын, чинчийии түмүгэр Саха сирин олохтоох уонна төрүт омуктарын генофонун чөл хаалларыы, харыстааһын саҥа концептуальнай хайысхата үөскүөҕэ.
Генеалогия чинчийиитин маннык түһүмэхтэргэ араарыахха син:
- Өбүгэлэргит, аҕа, ийэ уустаргыт туһунан кырдьаҕас аймахтаргытыттан ыйыталаһан бастакы сибидиэнньэни хомуйуу.
- Архыыпка үлэ (миэтирикэ кинигэлэрэ, «ревизские сказки», «исповедальные ведомости» уо.д.а.).
- Төрүччүнү оҥоруу.
- Көмө буолар архыып докумуоннарын чинчийии («Послужные списки», «Клировые ведомости» уо.д.а.).
- Өбүгэлэргит олоро сылдьыбыт нэһилиэктэрин үөрэтии.
- Чинчийиини барытын бэрээдэктээн, өбүгэлэргит олорбут сирдэрин ыйан туран, төрүччү быһыытынан наардаан, сааһылаан оҥоруу.
Саҥа саҕалааччыга сүбэ:
— Бэйэҕиттэн саҕалаа (аатын кимий, аатын суолтата, устуоруйата (баҕар эһэн аатын сүгэриҥ буолуо), араспаанньаҥ, араспаанньаҥ устуоруйата, төрөөбүт сылын, ыйын, сылын уо.д.а.);
— Бэйэн ааккыттан сурааһыны тарт, аҕан аатын суруй (аата, араспаанньата, аҕатын аата, үөрэҕэ, идэтэ). Салгыы оннук ийэн, эбэн, эһэн уо.д.а. туһунан сибидиэнньэни суруй. Хас биирдии киһиэхэ тэтэрээт эбэтэр “карточка» тэрийиэххин сөп;
— Төрүччү оҥоруутун көрүҥэ: «үөһэттэн — аллара» (өбүгэлэртэн — удьуордарга); «аллараттан – үөһэ» (оҕоттон – аҕаҕа, эһэҕэ).
Үлэлиир ньымалар:
— Саастаах аймахтартан саҕалаан, ыйытык ыытыы, испииһэк оҥоруу (ааттара, төрөөбүт дойдулара, төрөөбүт кэмнэрэ, идэлэрэ, үөрэхтэрэр, көстөр дьүһүннэрин ойуулааһын, дьиэ кэргэнэ, оҕолоро, сэриигэ кыттыыта, наҕараадалара, кини олоҕуттан интэриэһинэй түгэннэр, номохтор уо.д.а.).
— Архыыбы кытта үлэ (бэйэ дьиэ-кэргэнин, аймахтарын, судаарыстыбаннай).
— Бибилэтиэкэҕэ үлэ (хаһыаттар, сурунааллар, кыраайы үөрэтэр кинигэлэр).
Дьон уруулуу-аймахтыы сыһыаннарын көрдөрөр ойуу, схема эбэтэр сурук киһи аҕатын уонна ийэтин ууһун төрүччүтэ диэн ааттанар. Төрүччүгэ хаан уруулар, тастыҥ аймахтар бары киирэллэр.
Төрүччү – удьуору үйэтитэр, аймаҕы ааттатар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанар ситим. #Целостнаяжизнь #Бүтүнолох #Life Line
Сардана Коврова, п.н.к., Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрин солбуйааччы.
«Эбээ оҕото», Андрей Чикачев хартыыната.