Бу билигин бииргэ алтыһа сылдьар атастарбыт, доҕотторбут кэлин туох дьон буола улаатыахтарын тымтыктанан көрбүт суох. Бииргэ оонньоон улааппыт оҕом, баҕар, өрөспүүбүлүкэ салайааччыта биитэр биллиилээх суруйааччы буолуо дии.
Бүгүн кэпсиир киһибин оҕо сырыттаҕына, бука, эмиэ ким да таайбатаҕа, сэрэйбэтэҕэ буолуо – кэлин кини артыыстары ситиһиигэ кынаттыыр, сэбэрэлэрин кэрэ гынар, дьүһүннэрин тупсарар визажист, парикмахер, стилист буолуоҕун.
Кимий? Биһиги кыракый дэриэбинэбититтэн тахсыбыт талаан, Бүлүү улууһун Чинэкэ орто оскуолатын бүтэрбит биир дойдулаахпыт Дмитрий ВАСИЛЬЕВ.
—Дмитрий, баһаалыста, хайдах бу идэни, эр киһи эрэ барыта санаммат дьарыгын, баһылаабытыҥ туһунан кэпсээ эрэ…
— Мин кыра сылдьан маннык идэ баара буолуо диэн түһээн да баттаппат этим. Арай, суруунаал таһыгар, төлөпүөн справочнигар, тэтэрээт кытыытыгар наар уос, харах уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Ол аата оччолортон мин бу идэҕэ чугас эбиппин, арааһа, ананан төрөөбүппүн.
Бастаан утаа, бары оҕолор курдук, үрдүк үөрэххэ туттарсан киирэн, кыһаллан үөрэнэн испитим. Ол эрээри дууһам сытар эйгэтин талбытым, визажист уонна парикмахер буоларга быһаарыммытым.
— Муоданы билэр киһи сүбэлээ эрэ, бу саас ханнык, хайдах макияж ордук биһирэниэй?
— Саас диэн тыллыы, уһуктуу кэмэ. Онон дьэрэкээн өҥнөөх макияж кэрэхсэнэр. Чуолаан бу саас тэтэркэй өҥ арааһа (грязно-розовый, пудровый) уонна от күөҕүн эгэлгэтэ (изумрудный, бирюзовый) биһирэнэр. Уруһуй хаастар муодаттан таҕыстылар, билигин бэйэ хааһынан сылдьар ордук.
— Эн сыыһа кырааскаламмыттарын тута бэлиэтии көрөрүҥ буолуо дии?
—Тута көрөбүн. Тугу эрэ көннөрүөхпүн эбэтэр эбиэхпин баҕарааччыбын. Ол эрээри хаһан да “маннык сыыһа” диэн сэмэлээбэппин, замечание оҥорбоппун. Ким хайдах баҕарарынан, сатыырынан оҥостор бырааптаах.
Уулуссаҕа ким да макияһыгар болҕомтобун уурбаппын. Урут саҥа саҕалаан эрдэхпинэ, дьон хайдах оҥосторун сэҥээрэн көрөр этим.
—— Хайдах макияһы оҥороргун ордук астынаҕын: креативнай дуу, судургу (клиентскэй) дуу?
— Көннөрү макияһы оҥорорум миигин кэрэхсэппэт. Ол эрээри ол мин харчы киллэрэр үлэм буоллаҕа дии. Дьиҥ талааны, ураты көрүүнү, маастардыы сатабылы эрэйэр уустук макияһы оҥорорбуттан дуоһуйууну ылабын. Тоҕоостоох түгэн көһүннэҕинэ, эстрада сулустарыгар креативнай макияһы умсугуйа оҥорооччубун. Ол кырааскалыыр кэммэр туох эрэ дьикти таайбараҥы таайа турар курдук иэйиигэ куустарабын. Бэйэбин профессионалбын дэнэбин. Ханнык да балаһыанньаҕа, кимиэхэ баҕарар, хайдах да кыраасканан сатаан мэйк-ап оҥорор кыахтаахпын.
—Эн санааҕар, хас биирдии кыыс, дьахтар кырааскаланары сатыахтаах дуо?
— Хас биирдии дьахтар бэйэтин сатаан оҥостуохтаах. Урут кыра кыргыттары мөҕөр этилэр, наһаа эрдэ кырааскаланаллар диэн. Мин санаабар, эрдэттэн оҥосто үөрэнэр туһалаах. Макияж диэн харахха быраҕыллар гына чаҕылхайдык, дьэрэкээнник, хойуутук кырааскаланыы эрэ буолбатах. Макияж диэн киһи дьиҥ кэрэтин көрдөрөр уонна итэҕэстэрин кистиир ньыма.
— Биһиги сулустарбытыттан кимниин үлэлэһиэххин баҕараҕын?
— Сулустарбытын барыларын кырааскалыы сылдьыбытым. Дьиҥэр, кинилэри эрэ оҥорор сыал-сорук суоҕа. Бэйэлэрэ сөбүлээннэр, оҥорорбун биһирээннэр, миигин талаллар, эрэнэн кэлэллэр. Мин билигин Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэргэнин кытта үлэлэһиэхпин баҕарабын. Кинини олус кэрэ уонна стильнэй диэн көрөбүн.
— Эн санааҕар, саха кыргыттара сайдыылаах арҕаа дойдулар кэрэ куоларыттан оҥостор ньымабыт туох уратылааҕый?
—Саха кыргыттара аан дойдуга саамай үчүгэйдик оҥостоллор. Мин санаабар, Саха сирэ аан дойдуга муода хаамыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр, ону саха визажистара, парикмахердара, стилистэрэ араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилэхтик кытталлара, кыайаллара туоһулуур.
— Аныгы оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Билиҥҥи оҕолорго наһаа ымсыырабын диэххэ сөп. Аныгы үйэҕэ туох барыта баар, барыта көҥүл. Онон тугу соруммуккутун барытын ситиһиэххэ сөп, баҕа санаа эрэ баар буоллаҕына. Биһиги кэммитигэр маннык элбэх кыах, усулуобуйа баара эбитэ буоллар, өссө сайдыылаах буолуо этибит. Төһө да хааччахтаах соҕус кэмҥэ улааттарбыт, син бэйэбит суолбутун тэлбиппит, олоххо аналбытын булбуппут. Онон туохтан да толлубакка, хааччахтаммакка, бэйэҕитин сайыннаран иһиҥ!
Кэпсэттэ Кэрэчээнэ Харлампьева,
Х кылаас,
Чинэкэ, Бүлүү.
Хаартыскалар Интернет ситимиттэн.