Васильев Степан Васильевич — саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, Саха сиригэр, Иркутскайга Сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа, бөҕөргөтүүгэ элбэх сыратын биэрбит, судаарыстыбаннай, общественнай-политическай, профсоюзнай деятель.
1896 сыл ахсынньы 17 күнүгэр Ньурба улууһун I Бордоҥ нэһилиэгэр «Тойон Уйалаах» диэн алааска сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини Мэгэдьэктээҕи церковнай-приходской оскуоланы бүтэрэн, Ньурба Куочайыгар икки кылаастаах училищены 1915 сыллаахха бүтэрбитэ уонна ити сыл күһүнүгэр Дьокуускайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэххэ киирбитэ.
Степан Васильев куоракка кэлиэҕиттэн билиигэ-көрүүгэ дьулуһуута күүрэн, политическай өйө-санаата улам уһуктан испитэ. Ити кэмҥэ политссыльнай Емельян Ярославскай тэрийбит «Эдэр социал-демократ» диэн куруһуогар доҕотторун Максим Аммосовы, Степан Аржаковы, Исидор Иванову, Платон Слепцовы, Михаил Ксенофонтовы о.д.а. кытта бастакы революционнай буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта. 1917 сыл кулун тутар 4 (17) күнүгэр Степан Васильев, М.Аммосов, С.Аржаков, Д.Жиркова, Н.Бубякин буоланнар Е. М. Ярославскай, Г. И. Петровскай, Н. И. Кирсанова, М. М. Виленская, В. И. Шамшин о.д.а. баалларына РСДРП Дьокуускай куораттааҕы тэрилтэтин чилиэнинэн буолбуттара.
Иркутскайга Центросибирь дьаһалынан Дьокуускайга үөскээбит балаһыанньаны учуоттаан Советскай былааһы утарар Уобаластааҕы Советы суулларар, советскай былааһы олохтуур соруктаах польскай революционер Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах экспедиционнай этэрээт тэриллибитэ. Этэрээт Иркутскайтан 1918 сыл ыам ыйын 28 күнүгэр аттаммыта уонна бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускайтан чугас Табаҕаҕа тийэн кэлбитэ. Киниэхэ Советскай былааһы олохтуур кистэлэҥ тэрилтэ көмөтө наада буолбута. Сэбилэниилээх бастаанньа былаанын, Дьокуускай куорат картатын, кимэн киирии дьүөрэлэһиитин туһунан олус наадалаах информацияны А. С. Рыдзинскайга тиэрдии уһулуччу суолталаах сорудах Степан Васильевка сүктэриллибитэ. Кини ити бойобуой сорудаҕы чиэстээхтик толорбута.
1920 сыл тохсунньу бүтүүтүгэр С.Васильев Иркутскайга кэлбитэ уонна Наум Ленцнердиин, Сергей Мошинныын бастакы комсомол тэрилтэтин тэрийбиттэрэ. Степан Васильев Иркутскайга комсомол көбүөрүнэтээҕи бюротун чилиэнинэн талыллан, тыа сирин ыччатын кытта үлэни сүрүннээбитэ.
Степан Васильев РК(б)П Дьокуускайдааҕы райбюротун сорудаҕынан ыччат коммунистическай тэрилтэтин тэрийиигэ дьаныардаах үлэни саҕалаабыта. 1920 сыл от ыйын 4 күнүгэр куорат ыччатын бастакы уопсай мунньаҕын тэрийэн ыыппыта. Ыччат союһун тэрийэр бюроҕа С. В. Васильев партийнай тэрилтэ бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн талыллан үлэлээбитэ.
1921 сыл олунньу ыйга С. В. Васильев РК(б)П Саха сиринээҕи губернскай бюротун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн ананар, губбюро, губревком чилиэнинэн талыллар, кылгас кэмҥэ П. А. Ойунскай Москваттан кэлэн ананыар диэри губревком председателинэн үлэлиир.
1921 сыл сайыныгар кинини Москваҕа Я. М. Свердлов аатынан Коммунистическай университетка үөрэххэ ыыппыттара, түөрт сыл кэриҥэ ситиһиилээхтик үөрэнэн, 1925 сыл күһүнүгэр дойдутугар төннөн кэлэн, бастаан Рабочай-бааһынай инспекциятын наркомунан ананар, онтон БСК(б)П обкомун хонтуруоллуур комиссиятын председателинэн талыллан үлэлиир.
М. К. Аммосов этии киллэриитинэн, партия обкомун бюротун уурааҕынан 1926 сыл муус устарга Степан Васильев союзнай суолталаах «Якутзолото» треһи тэрийиигэ Саха сириттэн бэрэстэбиитэл буолан, сыл аҥаара сыралаахтык туруулаһан үлэлээн, республика интэриэһин сөпкө көмүскээн, салгыы Москва куоракка командировкаланан боппуруос сөптөөхтүк быһаарылларын ситиһэн, Дьокуускайга 1927 сыл балаҕан ый бүтүүтүгэр эргиллибитэ.
1928 сыл бэс ыйыгар С.В. Васильев БСК(б)П-ын Оргбюротун уурааҕынан Москваҕа ыҥырыллыбыта. Онно олус эппиэттээх үлэлэргэ үлэлээбитэ:
БСК(б)П-ын Киин хонтуруолунай комиссиятын чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ;
1930-1931 с.с. ССРС Рабочай-крестьянскай Наркоматыгар өҥнөөх промышленность группатын салайааччытынан;
1932 сыллаахха ПБСКС (ВЦСПС)-ын пленумун уонна Президиумун чилиэнинэн талыллыбыта;
1931-1934 с.с. өҥнөөх металлары уонна кыһыл көмүһү хостуур уонна таҥастыыр рабочайдарын саҥа тэриллибит профсоюзтарын Киин комитетын председателинэн талыллан үлэлээбитэ;
Онтон партийнай үлэҕэ көһөрүллэн, партия Киин комитетын иһинэн Партийнай хонтуруол комиссиятыгар ыарахан промышленность группатын салайааччытынан (1934-1939 с.с.) ананан үлэлээбитэ.
1939 с. Москва куоракка 2-с нүөмэрдээх массыынаны ремоннуур собуот директорынан үлэлии олордоҕуна, онно суох буруйдааһыҥҥа түбэһиннэрэн, хаайбыттара.
С. В. Васильев ССРС иккис ыҥырыылаах Киин ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талылла сылдьыбыта, БСК(б)П-ын XV, XVI, XVII съезтэригэр субуруччу партия Киин хонтуруолунай комиссиятын чилиэнинэн талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Хомойуох иһин, репрессия сылларыгар партия, Советскай былаас дьыалаларыгар толору бэриниилээх, ленинец С. В. Васильев Коми Республикатыгар Канин Нос диэн бөһүөлэккэ лааҕырга сору-муҥу көрсө сылдьан, 1943 сыл алтынньы 26 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.
Кэнники кинини буруйдаабыт Байыаннай коллегия 1941 сыл от ыйын 18 күнүнээҕи уурааҕа, С. В. Васильев туох да буруйа суоҕа дакаастанан, ССРС Үрдүкү суутун Байыаннай коллегиятын 1956 сыл атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи уурааҕынан көтүрүллэн реабилитацияламмыта.
Саха норуотун биир чаҕылхай уола Степан Васильевич Васильев Саха сирэ, Сэбиэскэй Сойуус сайдарын туһугар олус бэриниилээхтик, сахалартан бастакынан Сойуус таһымыгар үрдүк дуоһунастарга талыллан үлэлээбит биир чулуу киһибит буолар.
Кини:
-Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспута;
— Саха сиригэр ыччат сойууһун тэрийсибитэ;
— промышленность сайдыытыгар олук уурбута;
— профсоюзнай хамсааһыны саҕаласпыт лиидэр буолар.
Виктория Васильева, 10 кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы: Кривошапкина Валентина Семеновна
Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы
үөрэхтээһин холбоһуга, Таатта улууһа
Ыччат дьон Степан Васильев сырдык аатынан киэн туттабыт, үтүө холобур оҥостобут!