Олунньу 2 күнүгэр Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүктэммитэ 80 сыла. Өстөөҕү кытта хабыр хапсыһыы 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри салҕаммыта. Сталинград кыргыһыыта — Иккис Аан дойду сэриитин бөдөҥ кыргыһыыта. Хас биирдии үөрэнээччи бу кэрдиис кэм туһунан билиэхтээх.
Бу өйдөбүнньүк күҥҥэ биһиги оскуолабытыгар араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбит учууталларбыт Иван Дмитриевич Степанов уонна Андрей Андреевич Попов ыалдьыттаатылар.
Үөрэнээччилэргэ хас биирдии учуутал бу күн туһунан оҕолорго сырдаттылар, Сталинград кыргыһыытын туһунан документальнай киинэ көрдөрдүлэр. Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Эркин Егоров, Тимир Егоров, Петя Егоров Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕын, хос эһэлэрин Гавриил Дмитриевич Протодьяконов туһунан кэпсээтилэр, оскуолабыт библиотекатыгар кини олоҕун олуктарын кэпсиир кинигэни бэлэх ууннулар.
Аатырбыт артиллерист Сталинград аттыгар холобура суох хорсун быһыыны оҥорбут буойун хос эһэтин туһунан 7-б кылаас үөрэнээччитэ Эркин Егоров сэһэргиир:
— Мин хос эһэм Гаврил Дмитриевич Протодьяконов 1910 с. Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыһыл Аармыйаҕа 1941 сыллаахха балаҕан ыйыгар ыҥырыллан, сэрии бүтүөр дылы Брянскай, Сталинградскай, Киин фроннарга сэриилэспитэ. Сталинград кыргыһыытыгар холобура суох хорсун быһыыны оҥорбута. Дьоруой эһэм, Сталинград оборуонатын уоттаах кыргыһыытыгар 76 пуусканан фашистары утары сэриилэһэн, үс «тигр» тааҥканы урусхаллаабыта. Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан, “Сталинград көмүскэлин иһин”, “Хорсунун иһин”, “Берлины ылыы иһин”, “Варшаваны босхолооһун иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Билигин Волгоград куорат “Сталинградтааҕы кыргыһыы” панорама түмэлигэр хос эһэбит туһунан сырдатыллыбыт. Биһиги Дьоруой эһэбитинэн киэҥ туттабыт! Кини үтүө аата үйэлэр тухары умнуллубатын!
В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын пресс-киинэ.