Олунньу 28 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр кыраайы үөрэтэр музейга Аҕа дойду улуу сэриитин биир улахан Сталинград кыргыһыытын 80 сылыгар анаммыт кэмпириэнсийэҕэ кыттан кэллибит. Бу кэмпириэссийэҕэ биһиги нэһилиэкпититтэн кыттыбыт сэрии кыттыылаахтарын туһунан кэпсээтибит.
80 сыл анараа өттугэр Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриитин биир улахан суолталаах кыргыһыыта Сталинград куоракка буолбута. Бу кыргыһыыга биһиги биир дойдулаахтарбыт Афанасьев Павел Николаевич, Васильев Дмитрий Алексеевич, Васильев Семен Николаевич, Максимов Егор Гаврильевич, Павлов Семен Семенович, Романов Михаил Павлович, Степанов Роман Гаврильевич кыттыбыттар. Уоттаах кыргыһыыттан дойдуларыгар Васильев С.Н., Романов М.П. тыыннаах инбэлиит буолан эргиллибиттэрэ, атыттар сэрии хонуутугар охтубуттара. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр ааттара хаһан да умнуллубат, сырдык мөссүөннэрэ нэһилиэк мусуойугар хараллар.
Бу кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытынныбыт мин Терентьева Ариналыын 1 степеннээх дипломунан уонна Васильева Дарина, Попова Алла Ильмень күөл кыргыһыытыгар сэриилэспит буойуннар туһунан дакылаакка кыттан 3 степеннээх дипломунан наҕараадаланныбыт.
Юра Павлов, Хаптаҕай оскуолатын лидера, «Кустук» медиа-студия иитиллээччитэ.