Михаил Андреевич Алексеев — ССРС норуотун, РСФСР уонна Саха ССР оскуолатын үтүѳлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Михаил Андреевич Алексеев 1917 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин Харбалаах ѳтѳҕѳр тѳрѳѳбүтэ. Кини үгүс ыарахаттары тулуйан, элбэҕи ситиспит олоҕун, саха ыччатын техническэй үѳрэхтээһиҥҥэ киллэрбит сүдү кылаатын, оҕону иитиигэ туһаайбыт бэргэн этиилэрин бар дьон булгу билиэхтээх.
Бүлүү улууhун Баппаҕаайы оскуолатыгар 2005 сыллаахха муус устар 11 күнүгэр Саха Республикатын президенэ В.А.Штыров Ыйааҕынан биhиги биир дойдулаахпыт ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев аата иҥэриллибитэ. Кини аатын үйэтитэргэ элбэх үлэ, тэрээhин буолар.
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай математика уонна физика олимпиадата;
— регионнааҕы робототехника күрэҕэ; педагогическай үлэhиттэргэ Алексеевскай ааҕыылар; «Я патриот» спортивнай күрэхтэhии; фольклор күрэҕэ;
— Бүлүү улууhун физика, математика учууталларын төгүрүк остуола;
— оскуолаларынан уопут атастаhыы.
Оскуолабытыгар М.А.Алексеев мусуойун саҥардан оҥоруу үлэтэ ыытыллар. М.А.Алексеев аата оскуолабытыгар иҥэриллиэҕиттэн кини аатын үйэтитэн туох үлэ ыытыллыбытын, оскуолабыт туhунан сырдатар кинигэ оҥоhулла сылдьар. Дэриэбинэ көстүүлээх сиригэр М.А.Алексеев скверин тутууга үлэ былаана оҥоhулунна.
Михаил Андреевич төрөөбүт өтөҕөр Харбалаахха оскуола кэллэктиибэ хайыhарынан похуотка барара былааннанар. Ыам ыйын 5 күнүгэр 105 сааhын бэлиэтээн анал тэрээhин ыытыллыа, отчуоттуур кэнсиэр, сыл устата араас куонкуруска, күрэххэ кыттыбыт ситиhиилээхтэри, кыайыылаахтары чиэстээhин.
Биhиги биир дойдулаахпыт, киэн туттар киhибит ССРС норуодунай учуутала М.А.Алексеев үтүө аатын үйэтитэрдии тэринэн, сыал-сорук туруорунан үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Людмила Тарасова, М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолата, Илбэнэ, Бүлүү.