Үөһээ Бүлүү улууһугар 63-с төгүлүн «Үөһээ Бүлүү” хаһыат бирииһигэр чэпчэки атлетикаҕа эстафета буолан ааста. Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, эстафета аан маҥнай 1961 сыллаахха ыытыллыбыт, дистанциятын уопсай уһуна 2 км 800м. Күрэхтэһии ыытыллар сыала – соруга: чөл олоҕу көҕүлээһин, чэпчэки атлетиканы уонна спортивнай маастарыстыбаны сайыннарыы, күүстээхтэн күүстээх спортсменнары булуу, үүнэр көлүөнэни төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга иитии буолар.
Эстафета 3 бөлөҕүнэн ыытыллар. 1 бөлөх – сүрүн оскуолалар, 2 бөлөх – орто оскуолалар, 3 бөлөх –нэһилиэктэр уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум. Аан бастаан улуус дьаһалтатын таас дьиэтигэр мандатнай хамыыһыйа үлэлээбитэ. Онтон эстафетаны үөрүүлээхтик арыйыы уонна күрэх кыттааччыларын парада буолбута. Старт күнүс 12:00 чаастан саҕаламмыта.
Дүллүкү орто сокуолата “Үөһээ Бүлүү” хаһыат бирииһигэр ыытыллар эстафетаҕа көтүппэккэ сылын аайы кыттар. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьар. Мин санаабар, быйыл эмиэ олус үчүгэйдик, бүтэһигэр диэри дьулуурдаахтык күрэхтэстибит.
Сүрүн оскуолаларга: 1 миэстэ – Далыр, 2 миэстэ – Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан лиссиэй – интэринээт, 3 миэстэ – Мэйик.
Орто оскуолаларга: 1 миэстэ – И. Н. Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх орто оскуола, 2 – миэстэ Дүллүкү, 3 миэстэ – М.А. Алексеев аатынан лиссиэй – интэринээт.
Нэһилиэктэргэ: 1 миэстэ – Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэ, 2 миэстэ – Дүллүкү, 3 миэстэ – Харбалаах. Маны таһынан, стартан маҥнайгынан эстафета маһын (палкатын) аҕалан туттарбыт уолаттарга Вадим Абраховка (лиссиэй – интэринээт үөрэнээччитэ), Сергей Ивановка (Дүллүкү орто оскуолата, 10 кылаас) 10 000-лаах сертификат туттарылынна. “Кыайыыга дьулуурун иһин” анал аатынан Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ Кэскил Васильев бэлиэтэннэ. Сылын аайы оҕолору кытыннарар физкультура учууталларыгар уонна тренердэргэ махтал сурук туттардылар.
Күрэхтэһии түмүгүнэн бастыҥтан бастыҥ, күүстээхтэн күүстээх оскуолалар уонна нэһилиэктэр быһаарылыннылар. Сылтан сыл ыытыллар үгэскэ кубулуйбут спорт бырааһынньыга ыытыллара дьону-сэргэни үөрдэр, кыайыыга кынаттыыр. Саҥаттан саҥа ааттар тахса тураллар.
Халлааммыт сааскылыы ып-ыраас, сып-сырдык буолан, күрэхтэһии күнүн ситэри киэргэтэн, сэргэхситэн биэрдэ. Бу курдук “Үөһээ Бүлүү” хаһыат редакцията чэпчэки атлетикаҕа ыытар эстафетата, сүүрүүнэн дьарыктанар дьону, спорду таптааччылары түмэр күүтүүлээх тэрээһинэ, сылын аайы кыттааччыта хаҥыыр, далааһына кэҥиир.
Алина САННИКОВА,
IX кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү