Тохсунньу 23-28 күннэригэр Кэбээйи улууһун Мукучутугар И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатын уонна Мукучу гимназиятын орто сүһүөх (5-8 кылаастар) үөрэнээччилэрин икки ардыгар кыһыҥҥы II “Азия оҕолоро” оонньууларын көрсө 9 көрүҥҥэ спортивнай күрэхтэһиилэрэ буолан аастылар.
Ол курдук, волейболга, баскетболга, успуорт национальнай көрүҥнэригэр: хабылыкка, хаамыскаҕа, остуол тениһигэр, бадминтоҥҥа, дуобакка, многоборьеҕа, буулдьанан ытыыга, кибер спортка күрэхтэстилэр. Олус сытыы, тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн түмүк маннык буолла:
- Волейбол – Танара орто оскуолата (ТОО) – 1 миэстэ, Мукучу гимназията (МГ) 2 миэстэ.
- Спорт национальнай көрүҥнэригэр: хабылыкка, хаамыскаҕа — ТОО – 1 миэстэ, МГ – 2 миэстэ.
- Остуол тениһигэр — ТОО – 1 миэстэ, МГ – 2 миэстэ.
- Бадминтоҥҥа – МГ – 1 миэстэ, ТОО – 2 миэстэ.
- Дуобакка, кыргыттарга биирдиилээн киирсиигэ – 1 миэстэ Е.Алена, 6 кыл. (ТОО),2 миэстэ – И.Сааскылаана, 7кыл.(МГ),3 миэстэ П.Валя, 8 кыл. МГ.
Уолаттарга – 1 миэстэ – К.Марк, 8 кыл.МГ, 2 миэстэ – И.Роберт 5кыл.ТОО, 3 миэстэ – А.Марк, 7 кыл. ТОО.
- Многоборье — ТОО – 1 миэстэ, МГ – 2 миэстэ.
- Буулдьанан ытыыга, кыргыттарга биирдиилээн күрэхтэһиигэ – 1 миэстэ Н.Нарыйа,8 кыл.МГ, 2 миэстэ – А.Дайаана 8 кыл.МГ, 3 миэстэ – И.Дана 8 кыл.ТОО.
Уолаттарга – 1 миэстэ С.Виталий 8 кыл.ТОО,2 миэстэ – К.Марк, 8 кыл.МГ. 3 миэстэ — В.Афоня 8 кыл.ТОО,
- Киберспортка Танара оскуолата икки хамаанданы туруорбута. 1 миэстэ – МГ, 2 миэстэ — ТОО, 3 миэстэ – ТОО.
- Баскетболга – 1 миэстэ – ТОО, 2 миэстэ – МГ.
Спортсменнар бары олус көхтөөхтүк, сэргэхтик күрэхтэстилэр. Хамаандаларыгар элбэх очкону аҕалбыт оҕолор – Е.Алена, 6 кыл. А.Марк, Б.Байдам 7 кыл. ТОО. К.Марк,Н.Нарыйа 8 кыл.МГ. Күрэхтэһиини физкультура учууталлара: Николаев П.Е.,Левчиков К.К.,Волков Ю.В.,Ядрихинскай С.Ф. салайан, дьүүллээн ыыттылар.
Күннэтэ дьарыктанан эти-хааны, өйү-санааны эрчийии, кыайыыга дьулуурдаах буолуу, спорду өрө тутуу куруутун инники күөҥҥэ!
“Арылы” – пресс-бөлөх,
Кэбээйи улууһа, Мукучу.