Дьоллоох Дьокуускай куоракка бэс ыйын 5-10 күннэригэр «Спортивные якутяне» диэн оскуола үөрэнээччилэрин спартакиадата алта сыл тохтоон баран, Ил Дархан Айсен Николаев туһаайыытынан бу сылга саҥа сөргүтүлүннэ. Ол курдук, тыҥааһыннаах түмүктүүр киирсиилэргэ 32 улуустан уонна Дьокуускайтан барыта 1300-чэкэ оҕо 9 көрүҥҥэ көхтөөхтүк, туох баар сыраларын ууран туран кытыннылар. Спортсменнар сүрүн сыаллара — ахсыс төгүлүн ыытыллар «Азия оҕолоро» оонньууларыгар бэлэмнэнии буолар.
Спартакиада бэлиэтинэн Бэдэр буолла. Бэдэр — түргэнник сүүрэр, эр санаалаах, хорсун, тулуурдаах уонна дьулуурдаах. Спартакиада сыалынан үүнэр көлүөнэни эт-сиин өттүгэр сайыннарыы, чөл олоҕу тутуһуу буолар. Түмүккэ, улуустары үөрэнээччилэр ахсааннарыттан түөрт бөлөххө арааран, мистэлэри таһаардылар.Төрдүс бөлөххө кыайыылаах Жиганскай, иккис — Өлөөн, үһүс — Муома оройуоннара. Үһүс бөлөххө бастакы миэстэ Кэбээйи, иккис — Уус-Майа, үһүс — Булуҥ оройуоннара. Иккис бөлөххө кыайыылаах аатын ылла Уус-Алдан, иккис — Үөһээ Бүлүү, үһүс — Амма оройуона буолла. Бастакы, ол эбэтэр 4000 элбэх үөрэнээччилээх улуустартан, маҥнайгы миэстэни Дьокуускай куорат ылла, иккис миэстэ — Мэҥэ-Хаҥалас, үһүс — Сунтаар оройуона. Хамаанданан кыайыылаахтарга кубок, диплом уонна 250-150-100 тыһыынчанан сертификаттар туттарылыннылар. Биирдиилээн кыайыылаахтарга кыһыл, үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэринэн, грамотанан, оонньуу Талисманынан наҕараадаланнылар.
Мин спартакиада кыттыылаахтарын кытары кэпсэттим.
Александр Жданов, 8 кылаас, Ньурба, Хаҥалас:
— Көҥүл тустуу көрүҥэр күрэхтэһэн, 38 киилэҕэ бастакы миэстэни ылары ситистим. Спартакиада олус улахан таһымнаах. Республика бастыҥ спортсмен оҕолоро бары кэлэн улуустарын туһугар кииристилэр. Тэрээһин чааһа эмиэ үчүгэй. Хас да сиринэн бэрткэ ааста. Формабытын хааччыйбыттара, бастаабыттарга мэтээл, грамота уонна Бэдэр оонньуур биэрбиттэрэ.
Спорт киһи сайдарыгар стимул биэрэр, киһини бэрээдэктиир, диссипилиинэҕэ үөрэтэр.
Оҕолор спорду таптааҥ, дьарыктаныҥ, кыайыыга дьулуһуҥ!
Лира Гуляева, 8 кылаас, Үөһээ Бүлүү лицей-интерната (Ньурба хамаандата):
— Биһиги баскетбол көрүҥэр бэс ыйын 6 кунугэр Миирнэйдэри, Намнары уонна Өлөөннөрү кытта киирсибиппит. Барыта үрдүк таһымнаах этэ, оҕолор бэлэмнэр уонна биир сомоҕо буолан сылдьаллар.
Спорт оҕоҕо олус туһалаах. Спортсмен оҕо тулуурдаах, күүстээх, араас түбэлтэлэргэ сөптөөх быһаарыыны ылар буолар. Маннык тэрээһиннэр өссө да элбэхтэ буолалларыгар баҕарабын. Киһи күрэххэ сылдьан бастатан туран өйө уонна толкуйа сайдар, дьону кытта кэпсэтэргэ, бииргэ сылдьарга үөрэнэр. Эдэр ыччакка баҕарыам этэ, өссө элбэх ситиһиилэри, тулууру, кыайыыны-хотууну!
Айыына Петрова, 7 кылаас, Ньурбатааҕы техлицей:
— «Спортивные якутяне» спартакиадаҕа саахымат көрүҥэр кыттан, үс улууһу кыайбытым. Мин санаабар, спорт оҕоҕо олус наадалаах уонна туһалаах. Оҕо эт-сиин өттүнэн сайдар, мэйиитин эрчийэр уонна доруобуйатын бөҕөргөтөр. Аныгыс сылга көрсүөххэ диэри!
****
Оҕолор санаалара бу курдук буолла. Спартакиада кыайыылаахтарыгар эҕэрдэ! Инникитин тэрээһин өссө үрдүк таһымнаахтык ыытылыннын!
Биир бэйэм Сахабыт сиригэр спорт күүскэ сайдарыгар баҕарабын.
Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.