«Бэс чагда» оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр уонна сынньанар киинигэр «Привет, Артек!» диэн лааҕыр симиэнэтэ ыытылла турар. Бу симиэнэ сүрүн уратыта – норуоттар икки ардыларынааҕы «Артек» оҕо киинэ үбүлүөйдээх 100 сааһыгар ананар. Манна 107 оҕо 21 күн устата сайыҥҥы сынньалаҥнарын «Артек» лааҕыр үгэстэринэн атаараллар. Күн ахсын «Артек» бырагыраамматынан спорт араас көрүҥнэринэн күрэхтэр, айымньылаах тэрээһиннэр, идэлэрин талыыга уруоктар, интэриэһинэй куонкурустар ыытыллаллар. Ол курдук, оҕолор лааҕырга санньалаҥ кэмнэрэ хайдах ааһа туралларын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
Тускулаана Копырина, 9 кылаас, И. С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолата, Уус Алдан: «Мин «Сосновый Бор» лааҕырга үгүс саҥа билиини эбинним уонна элбэх доҕоттордоннум. Учууталлар уонна баһаатайдар олус үчүгэйдик сыһыаннаһаллар. Араас интириэһинэй тэрээһиннэр буолаллар, күнү супту иллэҥэ суохпут. Лааҕыр наһаа үчүгэй, барытын сөбүлээтим уонна оҕолорго манна кэлэн сайыҥҥытын атаарын диэн сүбэлиэм этэ».
Айыына Оленова, 9 кылаас, Дьокуускай 2 №-дээх оскуолата: «Привет, Артек!» диэн симиэнэҕэ, уопсайа, 6 этэрээт баар, мин алтыс этэрээккэ сылдьабын. Баһаатайдарбыт күн аайы олус үчүгэй тэрээһиннэри ыыталлар. Эбиэт кэннэ көрдөөх оонньуулары оонньуубут. Араас дэриэбинэлэртэн оҕолору кытта билсиһэн астынным. Бастакы күммэр олус күүскэ долгуйбутум, ол кэнниттэн оҕолору кытта билсэммин, тапсаммын, бэйэм дьиэбэр баар курдук сананным».
Саина Капитонова, 10 кылаас, Бэрдьигэстээх орто оскуолата: «Сайыҥҥы сынньалаҥы «Сосновый бор» лааҕырга атаара сылдьабын. Манна оҕолор араас нэһилиэктэртэн кэлбиттэр. Күн аайы элбэх интириэһинэй тэрээһиннэр уонна доруобуйаны чэбдигирдэр эмтэниилэр буолаллар. Күҥҥэ биэстэ минньигэс аһынан аһаталлар, сарсыарда сэрээккэ оҥоттороллор, киэһээ оонньотоллор. Оҕолор бары үөрэ-көтө сылдьаллар».
Айтал Винокуров, 7 «Г» кылаас, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия: «Мин лааҕыры олус күүскэ сөбүлээтим. Элбэх араас-араас улуустартан сылдьар оҕолору кытта доҕордостум. Лааҕырга үҥкүүлүүбүт, ыллыыбыт, уруһуйдуубут, оонньуубут. Олус элбэх саҥаны биллим. Ол иһин бу лааҕыры сөбүлээтим. Кэлэр сылга өссө биирдэ сынньана кэлэр санаалаахпын».
Лааҕыр оҕолоругар хаалбыт күннэрин умнуллубаттык атааралларыгар баҕара хаалабыт.
Снежана ВОРОНОВА