Лицейбит өрөгөй ырыалаах
Мин Нам улууһун Хамаҕатта саха-француз лицейигэр үһүс кылааска үөрэнэбин. Оскуолабыт киэҥ уонна сып-сырдык.
Улахан бырааһынньыкка, тэрээһиҥҥэ лицейбит өрөгөй ырыатын (гимн) сүһүөхпүтүгэр туран эрэ толоробут. Үөрэнээччилэр, учууталлар бары билэбит. Гимн тылын В.В. Ушницкай-Сэки суруйбута. Кини Хамаҕатта олохтооҕо, бэтэрээн учуутал, биллиилээх суруйааччы. Музыкатын ааптара эмиэ Хамаҕатта олохтооҕо – Заровняева Анна Захаровна. Өрөгөй ырыабытын сахалыы уонна французтуу ыллыыбыт. Францияттан кэлэн үлэлии сылдьыбыт Гийом Костий тылбаастаабыта.
Жиркова Аня.
Оҕо аймах суруйааччыта
Биһиги лицейбитигэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааспыта. Нэһилиэкпитигэр биллэр суруйааччы Василий Васильевич Ушницкай-Сэки кэлэн ыалдьыттаабыта. Алын уонна орто сүһүөх кылаас оҕолоро кини хоһооннорун сыанаҕа тахсан аахпыппыт. Айымньыларынан уруһуй быыстапката тэриллибитэ, оҕолор наһаа да үчүгэйдик уруһуйдаабыттар этэ.
Кини олус элбэх кинигэни суруйбут эбит. Хас биирдии кинигэтэ бэйэтэ остуоруйалаах. Ол курдук саамай халыҥ кинигэтин Орто Халыма улууһугар үлэлии сылдьан үөрэппит оҕолоро таһаартарбыттар. Сэки айымньыларын үксүн оҕолорго анаан суруйбут.
Миэхэ кини соторутааҕыта тахсыбыт кинигэтэ баар, «Кырачааннарга остуоруйалар» диэн. Олуһун сэргээн аахпытым. Саамай сөбүлээбит остуоруйам — «Баҕа батаһа», ону быыстапкаҕа анаан уруһуйдаабытым.
Василий Васильевич идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала эбит. Балыктыырын, бултуурун олуһун сөбүлүүрүн туһунан кэпсээтэ. Ону сэргээн иһиттим. Остуоруйа, хоһоон эрэ суруйбат, өссө сыаҥкалар бааллар уонна биһиги лицейбит гимн ырыатын кини эмиэ суруйбута. Сорох хоһоонноро ырыа буолан ыллана сылдьаллар. Үөрэнээччилэр төрөппүттэрэ кэлэн, кини тылларыгар ырыалары наһаа үчүгэйдик ыллаабыттара.
Вика Парыгина.
Түөрт тылы билэбин
“Роблокс” диэн көмпүүтэр оонньуутун мин бастакы кылаастан сөбүлээн оонньуубун. Бу оонньууга элбэх оҕо кыттар. Манна баар геройдары бэйэҥ толкуйдуугун, айан оҥороҕун. Манна ханнык баҕарар сиртэн, омук да дойдутуттан, бары биир сервергэ киирэн оонньуубут. Онно нууччалыы, ангылычаанныы суруйсан кэпсэтэбит. Ол иһин мин ангылычаанныы өйдүүр, быһаарсар буоллум. Онон оонньуу нөҥүө омук тылын билэбин. Оскуолабар сахалыы, нууччалыы уонна француз тылын үөрэтэбит. Онон барыта холбоон түөрт тылы үөрэтэ сылдьабын.
Лена Аммосова
Ийэ айылҕа
(Остуоруйа)
Арай биирдэ уоллаах кыыс олорбуттар. Кинилэр олорор сирдэригэр Ийэ Айылҕа олорор эбит. Кини олус үтүө санаалаах эмээхсин эбит. Кинилэр ойуурдарын кэтэҕэр куһаҕан санаалаах киһи олорбут. Кини маһы хатаран өлөрөр күүстээх эбит. Ону Ийэ Айылҕа аптаах маһынан барытын кэрийэ сылдьан тилиннэрэн иһэр. Өлбүт маһы барытын сибэккигэ кубулутар, сири тилиннэрэр баҕалаах эбит.
Биирдэ оҕолор баран иһэн көрбүттэрэ, Куһаҕан киһи мастары өлөрө сылдьара. Онуоха оҕолор Ийэ Айылҕа дьиэтигэр сүүрбүттэр. Кини утуйа сытара. Уоллаах кыыс уһугуннараары ыҥырбыттар, тыаһаабыттар. Ийэ Айылҕа туран, дьиэтиттэн тахсан кэлбит. Арай хаппыт мастар кини атаҕын аспыттар, Куһаҕан киһи олох чугас кэлбит. Ийэ Айылҕа кинини аптаах маһынан таарыйан мууһурдан кэбиспит. Онуоха кини сүрэҕэ түһэн кэлбит, олох уот эбит. Оҕолор ол уоту уунан ыспыттар, уот сүрэх умуллан баран ууллан хаалбыт, киһи эмиэ сүтэн хаалбыт.
Онтон ыла айылҕа үүнэн, тупсан барбыт. Сир барыта үүнээйи, сибэкки буолбут. Хаппыт мастары уу кэлэн илдьэ барбыт. Күн күүскэ тыкпыт, халлаан сырдаабыт, Ийэ Айылҕа олус үөрбүт.
Максимов Богдан.
Поэт, писатель, мелодист и просто любимый дедушка
Мой дедушка Дунаев Александр Григорьевич родился 18 февраля 1953 году в селе Хамагатта Намского района. Свои первые стихи «Кэрэчээнэ» написал в 1976 году и придумал мелодию — получилась песня, посвященная моей бабушке Розалии Романовне.
Мой дедушка после окончания средней школы, учился в Намском педагогическом училище. После училища работал учителем труда и рисования. Дедушка очень талантливый, он очень хорошо рисует, поет, делает очень красивые фигуры из дерева, глины. В 1982 году соорудил вместе со своими учениками обелиск, посвященный Т. Охлопкову-Соттою — герою гражданской войны. После этого сделал памятник ветеранам войны, а в 2006 году соорудил обелиск, посвященный ветеранам тыла.
Я восхищаюсь талантом своего дедушки. У него очень много стихов, рассказов и песен. Всего напечатано 22 книги с его произведениями. А также он очень хорошо поет, играет на гитаре, сочиняет мелодии. Я люблю его песню «Чыычаах», читаю его стихи про спорт, сборник этих стихов называется «Мадьыны». Знаю наизусть некоторые его стихи.
Я горжусь тем, что все мои одноклассники знают памятники в нашем селе, которые построил мой дедушка. Еще тем, что многие знают и поют его песни, читают его стихи. У нас в классе есть его книги.
Еще он работает с другими талантливыми людьми улуса и республики. Он член общественной организации мелодистов и авторов «Туллук хаара» и «Отуу уота» Намского улуса, член союза авторов-песенников республики. Является самодеятельным композитором. Дедушка является Почетным гражданином Намского улуса и Хамагаттинского наслега, в настоящее время работает председателем улусного объединения авторов и писателей «Отуу уота».
Я очень люблю и горжусь своим дедушкой, постараюсь всегда его радовать.
Кобяков Петя
Хамагатта, Намсктий улус.