Флешмоб уонна акция үйэтигэр дьоһун, дириҥ ис хоһоонноох үлэлэр, кэрэхсэбили ылар бырайыактар бааллара киһини үөрдэр. Үөһээ Бүлүү улууһун «Сомоҕо» оҕо уопсастыбаннай түмсүүтэ Улуу Кыайыы 75 сылын дьоһун бырайыактаах көрсөр. Кыайыыны уһансыбыт сырдык ааттары үйэтитии оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын ытык иэһэ, үлэтин сүрүн хайысхата буоларын өссө биирдэ дакаастаата.
Оҕолор «Ийэ сүрэҕэ – саллаакка» уонна «Хос эһэм – киэн туттуум» диэн ааттаах өйдөбүнньүк кинигэлэри таһаардылар. Онтон карантин кэмигэр дьиэҕэ хааллан олорон, ону сыныйан, бэрийэн, салайааччыларын (С.Л.Ильина уонна А.Г.Николаева) тэрийиилэринэн бэчээттээн барыбытыгар билиһиннэрдилэр. «Кинигэлэрбитин «Мин үтүө көҕүлээһиним» диэн улууспут баһылыга тэрийбит гранын куонкуруһугар кыттан, харчынан өйөбүл ылан таһаардыбыт»,- диэн киэн тутта кэпсээтилэр.
Кинилэр «Россия ийэлэрэ» бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын «Ийэ өлбөөдүйбэт, өлбөт-сүппэт хорсун быһыыта» дьаһалга кыттыһан, «Кыайыы волонтердара» диэн ааттанан, үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан матырыйааллары хомуйан саҕалаабыттар.
«Ийэ сүрэҕэ – саллаакка» диэн үлэни толорорго сэриигэ оҕолорун, хорсун-хоодуот уолаттарын, сүтэрбит Ытык ийэлэр аймахтарын, дьоннорун кытта көрсөн сэһэргэспиттэр, матырыйааллары хасыһан, мусуойдарга сылдьан историяны сураспыттар. Саллаат фронтан суруктарын, хаартыскаларын, ордон хаалбыт малларын кытта билсибиттэр. «16 нэһилиэк кинигэҕэ анаан матырыйаалллары түмэн ыыппыттара ордук улахан көмө буолла»,- диэн кэпсииллэр. Сомоҕолор кинигэҕэ барыта 40 ийэ аатын-суолун сураһан, чуолкайдаан киллэрбиттэр. Кинилэр эйэлээх халлаан туһугар анаммыт олохторо умнуллубаттык үйэтийдэ диэн үөрүүлэрин үллэстэллэр. Салгыы мунньубут, устубут матырыйаалларынан сүрдээх үчүгэй сюжет оҥорон, «Саха» НКИ ханаалга киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттар. Маныаха, олохтоох «Хотун Бүлүү» тэлэбиидьэнньэ оҕолор саҕалааһыннарын өйөөбүтэ хайҕаллаах.
Ордук Харбалаах нэһилиэгиттэн биэс бииргэ төрөөбүт ини-бии Федоровтар дьылҕалара киһи хараҕар хатанар, дууһатын долгутар. Уолаттар утуу-субуу бастакы бэбиэскэни тутан, Моччой алаастарыттан эргиллибэттии аттаммыттара ааҕыахха, саныахха ыарахан. Эдэр дьон, иккис убайдарыттан ураты, ыал буолбакка, дьиэ-уот тэриммэккэ, олох кэрэтин билбэккэ, Улуу сэриигэ сырдык кэскил туһугар олохторун анаабыттара, геройдуу сэрии толоонугар охтубуттара аныгы көлүөнэ ыччакка элбэх санааны үөскэтэр. Хас нэһилиэк, оройуон аайыттан сахабыт уолаттара, саллаат буолан, Ийэ сирдэрин көмүскүү атаммыттара, көҥүл олох иһин киирсибиттэрэ биһигини үтүөҕэ, хорсун быһыыга кынаттыахтаахтар…
«Хос эһэм – киэн туттуум» кинигэҕэ анаан, 125 эссе киирбититтэн 26 бастыҥ үлэни талан хомуурунньукка бэчээттээбиттэр. Оҕолор хос эһэлэрин туһунан кинилэр тус ахтыыларыгар, эһэлэрин, эбэлэрин, төрөппүттэрин кэпсээннэригэр олоҕуран, матырыйаал оҥорон биэрбиттэр. Хорсун быһыыларын, бойобуой мэтээллэрин ордук сиһилии сырдаппыттар. Оҕолор үлэлэрин аахтахха, буойун хос эһэлэрин үтүө ааттара кинилэр дьиэ кэргэннэригэр, аймахтарыгар өлбөт-сүппэт өйдөбүл буолан, ыччаты иитиигэ, саҥа кэм сайдыытын түстүүргэ сирдьит буолара саарбахтаммат.
«Мин эһэбин хаһан да көрбөтөҕүм, ол эрээри кини туһунан элбэҕи билэбин. Эһэм туһунан миэхэ аҕам, ийэм, эбэм кэпсииллэр. ϴссө улахан убайдарым эһэлэрин кытта убаһалары аһаталларын, миинэллэрин кэпсииллэр. Кинилэр улахан буолан, эһээ сымнаҕас илиитэ төбөлөрүн имэрийэрин билбиттэр. Эһээ, мин бүгүн эйиэхэ эҕэрдэ ыытыахпын баҕарабын. Сотору эн уһансыбыт Улуу кыайыын 75 сыла буолуоҕа. ϴрөгөйдөөх үбүлүөйү көрсө мин быйыл оскуолаҕа киирдим», – диэн суруйбут Дүллүкү орто оскуолатын I кылааһын үөрэнээччитэ, кыайыыны, эйэлээх олоҕу кэрэһэлиир сырдык ааттаах киһичээн Замир Захаров.
Маны таһынан «Ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит, махтанабыт» диэн улуустааҕы хоһоон айааччылар куонкурустарын тэрийбиттэр. Маныаха, оскуола оҕолоро уонна улахан дьон кыттыбыттар. Табыллыбыт айымньылар «Чэчир» олохтоох хаһыакка уонна Интэриниэт ситимигэр бэчээттэммиттэр. Хомоҕой тыллаах, хоһоон аргыстаах айар куттаах, суруйар дьоҕурдаах дьону билиһиннэрэр, тууйулла сылдьар талааннарын арыйар, иэйиилэрин таска, киэҥ эйгэҕэ таһаарар сыаллаах куонкурус биллэрбиппит диэн тэрийээччилэр кэпсииллэр. Кырдьык, билигин хоһоон хайысхата, хайдах эрэ, үтүрүйүллүбүт кэмигэр ордук минньигэс, ураты иэйиилээх буолла ээ. Биллэн турар, бэлэм хоһоон, хартыына, статус, социальнай ситим үйэтигэр тыыннаах айымньы тута болҕомтону, биһирэбили ылар кыахтаах.
«Мин хоһооммун хос эһэбэр Тарасов Петр Тарасовичка анаабытым. Биһиги, эдэр көлүөнэ дьон, маннык эйэлээх кэмҥэ олорорбутугар тыыннарын толук уурбут буойуттарбытынан киэн туттан туран бу хоһоону айбытым. Бэйэм кыралаан суруйарга холонобун. Ордук төрөөбүт дойдум уонна айылҕа кэрэтин туһунан сөбүлээн хоһуйабын. Түгэнинэн туһанан учууталбар, «Эрэл» оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта Нь.В.Федороваҕа махталбын тиэрдэбин», – диэн кэпсиир биир бастыҥ хоһоону суруйбут Фаридун Алексеев, Мэйик сүрүн оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ.
Саргылаана Ильина, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Сомоҕо» оҕо уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:
– «Ийэ сүрэҕэ – саллаакка» кинигэбитигэр Харбалаах нэһилиэгиттэн сэрииттэн эргиллибэтэх биэс ини-бии убайдыы-бырааттыылар тустарынан ахтыы киирбитэ улахан суолталаах. Ини-биилэр иккис убайдара Николай Федоровтан хаалбыт суос-соҕотох сыдьааннара, Спартак Федоров, истиҥ, киһини эрэ долгутар кэпсээнэ барыбытын дириҥ толкуйга, элбэх санааҕа сирдээтэ. 80 саастаах Спартак Николаевич маннык үйэлээх үлэни ыыта сылдьарбытыгар, кинилэри саныырбытыгар улахан махталын биллэрдэ. Оҕолор киһи дууһатыгар иҥэн киирэр истиҥ кэпсээнин олус сэҥээрдилэр, уоттаах харахтарыгар ойууламмыт дьол уонна олоххо таптал бэлиэтин өйдөөн көрдүлэр. Ханнык баҕар ыарахаттары туоруурга киһиэхэ үтүө уонна күүстээх санаа олоҕуруохтааҕын бигэтик өйдөөтүлэр. Ыччат дьоммутун убайдарбыт, эһэлэрбит, хос эһэлэрбит холобурдарынан иитиигэ хас биирдии хомуллубут кыра да матырыйаал күндү булумньу буолар. Онон, дьоммут олорон ааспыт олохторо, хорсун быһыылара, үтүө мөссүөннэрэ умнуллубакка көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр күндү баайбыт буоларын умнумуоҕуҥ.
Лиза Алексеева, «Сомоҕо» оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ, М.А. Алексеев аатынан республикатааҕы лицей-интернат IX кылааһын үөрэнээччитэ:
– Биhиги Улуу кыайыы 75 сылыгар улууспут дьонугар тугу эрэ туhалааҕы, үйэлээҕи оҥоруохха диэн санааҕа кэлбиппит. Бырайыактарбытын оҥорор кэммитигэр бары тугу эрэ саҥаны арыйбыппыт саарбахтаммат. Ордук сэрии ыар кэмнэрин туһунан ахтыылартан, докумуоннартан, кэпсээннэртэн истэн толкуйга түстүбүт, бэйэ олоҕун ырытан, анааран ыларга сананныбыт. Аны матырыйаалы хомуйан баран, ону эрэдээксийэлиир, кинигэ быһыытынан таҥар, эбэтэр биэриини устан, интервью оҥорор, ордук тупсаҕай буоллун диэн кэпсиир, лиэнтэни монтажтыыр, аттарар олус уустуктардаах эбит. Суруналыыс идэтэ диэн элбэх үлэттэн, сыраттан турарын биллибит. Бу бырайыакка волонтер быһыытынан үлэлээбит оҕолор кэнчээри ыччаттарга анаан үйэлээҕи, интэриэhинэйи, наадалааҕы оҥорон таhаардыбыт дии саныыбын. Биhиги дьоруойдарбытын санаабатахпытына, билбэтэхпитинэ-көрбөтөхпүтүнэ ким кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэн, үүнэр көлүөнэ дьонугар тиэрдиэй?
Ааптар: Геннадий Охлопков, Саха ϴрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр тирэх буолар ресурснай киин дириэктэрэ