Сэрии кэмин ойууллуур киинэлэртэн ордук сөбүлээбитим 2019 с. тахсыбыт «Солдатик» диэн киинэ буолар. Туруорааччы: В. Фанасютина.
«Солдатик» киинэ Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэ кырдьык буолан ааспыт, оччотооҕу ыар кэми, алдьархайыы кэпсиир.
Сүрүн дьоруой Сережа Алешков полк хамандыырын М. Воробьев олоҕун быыһаабыт, 6 сааһыгар «За боевые заслуги» мэтээлинэн наҕараадаламмыт немецкэй диверсианнары булбут оҕо буолар.
Мин санаабар, киинэҕэ олус суолталаах түгэн — сэриини биһиги сүрүн геройу уонна бу билии араас саастарын көрөөччүлэргэ интэриэһинэй буолуоҕа. Оҕолор уонна улахан дьон биир өттүнэн билиҥҥи уонна интэриэһинэй историяны көрөллөр, онтон иккис өттүнэн, сэрии көстөр сирэйэ — бааһырыы, инбэлиит уонна өлүү, биир өттүнэн, соһуччу уонна күннээҕи олоҕор тэҥҥэ буолар.
Кырачаан Сережа оруолун толорбут талааннах Андрей Андреев олус итэҕэтиилээхтик, киһи дууһатын, кутун таарыйар курдук оонньообут. Тус бэйэм киинэ устата хараҕым уута тохтообокко көрбүтүм.
Нария Хоютанова, Таатта улууһун Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын юнкорра, 9 кылаас үөрэнээччитэ