Бу күннэргэ биһиги Хаҥалас улууһун Тиит – Арыы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытын Софья Андреевна Кузьминаны кытта көрсөн кэпсэттибит. Нэһилиэкпит туох ситиһиилээҕин, ордук туох кыһалҕалааҕын, нэһилиэгин ахсаанын, дьонун – сэргэтин, сайдыытын, инники кэскилин туһунан билистибит.
Софья Андреевнаттан маҥнайгы ыйытыыбыт маннык этэ: «Биһиги нэһилиэкпитигэр дьон олохсуйуутун хайдах диэн көрөҕүнүй?»
— Билиҥҥи туругунан Тиит – Арыы нэһилиэгэр – 433 уонна Чкалов арыытыгар — 276 киһи олорор. Хаһаайыстыбыннай кинигэҕэ киирбитинэн барыта 221 дьиэ – кэргэн баар. Оскуола саастаах үөрэнээччи – 122, төрүөҕүттэн алта сааһыгар диэри оҕо – 78. Араас үөрэххэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннар ахсааннара – 47. Үлэһит киһи – 299, үлэтэ суох киһи ахсаана – 34, пиэнсийэҕэ тахсыбыт дьон ахсаана — 176. Элбэх оҕолоох дьиэ – кэргэн ахсаана – 38, доруобйатынан хааччахтаах дьон ахсаана – 31, соҕотох ийэ — 28, соҕотох аҕа -3. Нэһилиэкпитигэр тыыл бэтэрээнэ – 3.
“Софья Андреевна, Тиит — Арыы нэһилиэгин туһунан саамай интэриэһинэй туох чахчылар баалларый?”
— Тиит- Арыы олохтоох дьаһалтата уонна депутаттар быһаарыыларынан 2023 сыл нэһилиэкпитигэр “Норуот өйдөбүлүгэр киһи аатыттан, үтүө сураҕыттан ордук күндү, өлбөт-сүппэт уһун үйэлээх туох да суох» диэн биллэрдибит. Быйылгы сылга биһиги нэһилиэкпитигэр маннык чахчылар бааллар: бастатан туран Иркутскай Дьокуускай дьаам суолун 280 сыла буолар. Ону таһынан биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх биһиги киэн туттар биллиилээх дьонноохпут. Ол курдук аан дойдуга биллэр ученай, общественнай политическай деятель, биллиилээх юрист Гавриил Васильевич Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылын туолар,
Гавриил Васильевич Ксенофонтов, аатын сүгэр Тиит Арыы орто оскуолата 125 сыллаах үбүлүөйэ уонна оскуолаҕа кини аата иҥэриллибитэ 30 сыла буолар.
Авиация полковнига, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха сириттэн бастакы летчик- истребитель, летчик инструктор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Федоров Иван Афанасьевич төрөөбүтэ 105 сыла буолар,
Сахалартан бастакы дипломат, Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Российскай Федерация омук дьыалатын министерствотын бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культууратын туйгуна Иван Васильевич Рожин төрөөбүтэ 85 сааһа буолар,
Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха АССР үтүөлээх учуутала, бочуот знага уордьан кавалера Зоя Ивановна Ксенофонтова төрөөбүтэ 95 сааһа.
2005-2016 сс. төрөөбүт дойдутугар “Тиит-Арыы” нэһилиэгин баһылыгынан талыллан олус кэскиллээхтик, “Хаҥалас улууһа МО” биир көхтөөх, прогрессивнай, салайар үлэҕэ улахан опыттаах баһылык быһыытынан нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх сыратын ууран, үлэлии сылдьыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын, үтүөлээх үлэһитэ, духуобунас сылын түмүгүнэн “Сыл бастыҥ салайааччыта” номинация хаһаайына Соловьев Степан Дмитриевич төрөөбүтэ 70 сыла Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха АССР спортун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, тутуу чулуута Аммосов Афанасий Романович төрөөбүтэ 75 сааһа Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ албан аат орден икки уонна үһүс степэннээх кавалера, биллиилээх ыанньыксыт Ноева Марфа Васильевна төрөөбүтэ 85 сааһа.
Ону таһынан республикаҕа улууска нэһилиэккэ улахан кылаатын уурбут,опыттаах баһылык быһыытынан нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх сыратын ууран, үлэлии сылдьыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын, үтүөлээх үлэһитэ Степан Дмитриевич Соловьев төрөөбүтэ 70 сылынан, “БИИР БАСТЫҤ ОБЩЕСТВЕННИККА” нагрудной знак уонна 10 тыһыынча солкуобайдаах премия сылын аайы ананар.
П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, биһиги биир дойдулаахпыт Михаил Егорович Семенов Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа бочуотаах аат иҥэриллиннэ.
«Софья Андреевна, билигин нэһилиэкпит иннигэр ханнык сытыы кыһалҕалар туралларый уонна хайдах быһаарыллалларый?»
— Бастакы улахан кыһалҕабыт диэн – быраас боппуруоһа, хаһыс да сылын бырааһа суох олоробут. Бу сүрүн кыһалҕа анал үлэлиир дьон толору хааччыллыылаах дьиэлэрэ суоҕуттан тахсар. Инники сылга анал үөрэхтээх үлэһиттэргэ саҥа уопсай дьиэ тутуллара былааннанар. Ону таһынан итии ситимин боппуруоһа кыралаан быһаарыллар. Кэлэр сылтан ЖКХ тэрилтэтэ саҥа хочуолунай дьиэтин тутарга былааннаах. Онон сотору кэминэн нэһилиэкпит олохтоохторо бары итии ситимигэр дьиэлэрин холбуохтара диэн күүтэбит.
«Софья Андреевна, түмүккэ, оҕолорго уонна эдэр ыччаттарга баҕа санаа5ын этиэн дуо? »
— Оҕолорго баҕа санаам диэн – Төрөөбүт төрүт тылы уонна Төрөөбүт сирин историятын билии буолар. Хас биирдии Саха ыччатат төрүт тылын культууранын, сиэрин – туомун үчүгэцдик билэр буоллаҕына олоххо кэскиллээх киһи буолан тахсар. Элбэх билиини – көрүүнү ылаҥҥыт, идэлээх үлэһит буолан, үүнэн – сайдан төрөөбүт нэһилиэккитин кэлэн сайыннара турун диэн баҕа санаабыт этэбин.
Интервьюну ылла уонна сурукка тистэ
Стручкова Таисия, Г.В. Ксенофонтов аатынан Тиит – Арыы оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ